АЛДЬАРХАЙДААХ АҔА ДОЙДУ СЭРИИТЭ ХАС БИИРДИИ ДЬИЭ КЭРГЭҤҤЭ ӨСПӨТ БААС, СУОЛ ХААЛЛАРБЫТА

Бу күннэргэ эрэдээксийэҕэ кырдьаҕастар Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Сэмэн Сэмэнэбис Андросов киирэ сылдьан, кинилэр дьиэ кэргэннэригэр өр кэмҥэ күүппүт үтүө сонуннарын үллэһиннэ.

Б а с т а т а н туран, бука бары биир д о й д ул а а х т а р б ы н , Сахабыт сирин дьонун – с э р г э т и н Ул у у Кыайыы 80 сыллаах өрөгөйдөөх күнүнэн итиитик – истиҥник эҕэрдэлиибин! Аҕа дойду сэриитэ хас биирдии ыалга умнуллубат өспөт-оспот баас хаалларбыта. Саха сириттэн элбэх киһи ыҥырыллан, баҕа өттүнэн Ийэ дойдубутун көмүскүү туруммутара. Биһиги аҕабыт бииргэ төрөөбүт быраата баара – суоҕа 18 саастаах бэдик эмиэ ыҥырыллан уоттаах сэриигэ барбыта. Андросов Фрументий Абрамович Таатта улууһугар төрөөн-үөскээн улааппыта, онтон Чурапчыга оччолорго педучилище баар эбит, онно үөрэммит. Ол сырыттаҕына, 1941 сыллаахха ыҥырыыга түбэһэн фроҥҥа барар, 18 эрэ саастаах уолчаан. Фрументий Абрамович туһунан 1992 сыллаахха тахсыбыт “Память” кинигэҕэ 38 страницаҕа суруллубут. Убайбыт сэриигэ бараат даҕаны өлөр, ол эрэн көмүс уҥуоҕа ханна баара биллибэт этэ. Биһиги дьиэ кэргэн өр сылларга убайбыт көмүс уҥуоҕун көрдөөбүппүт. Эдэрэ бэрт киһи барбыт буолан, оҕото суох. Сиэн бырааттара, балыстара көрдөөһүҥҥэ үлэлэстилэр. Соторутааҕыта мин кыыһым Наташа оҕолорун кытта Московскай уобаласка, Минское шоссе 55 килэмиэтиригэр баар Арассыыйа Сэбилэниилээх күүстэрин Главнай Храмыгар “Дорога памяти” музейнай комплекска убайбыт хаартыската стендэҕэ ыйанан турарын булан көрдүлэр. Бу биһиэхэ улахан үөрүү буолар.

Дьоллоох, иллээх – эйэлээх буолуҥ!

Читайте дальше