Анал дьайыы уоттаах толоонугар  биир дойдулаахпыт Чупров Леонид Сергеевич олоҕун толук уурда. Бу туһунан курус иһитиннэрии улуус олохтоохторун аймаата, харааһыннарда…

Леонид 1977 сыллаахха ыам ыйын 30 күнүгэр Баатаҕай Алыытыгар күн сирин көрбүтэ. Таптыыр кэргэннээх, эмдэй — сэмдэй уолаттардаах улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыга  ньир бааччы олорбута. Ааспыт сыл күһүнүгэр баҕа өттүнэн Ийэ дойдутун көмүскүү туруммута. Бииргэ сылдьар табаарыстара Леняны сылайар диэни билбэт үлэһитинэн, тиэхиньикэни биэс тарбаҕын курдук билиилээҕин хайҕыы, сөҕө – махтайа бэлиэтииллэрэ.

Дьылҕа хаан тыйыс да буолар. 2024 сыл ахсынньы 15 күнүгэр старший стрелок, ефрейтор Чупров Леонид Сергеевич Донецкай народнай өрөспүүбүлүкэ Островскай бөһүөлэгэр бойобуой сорук толоро сылдьан сырдык тыынна быһынна.

Леонид туһунан сырдык өйдөбүл үйэлэргэ өлбөөдүйбэт!