Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрин тутуһа, анал байыаннай дьайыы туһунан таһаарабыт

 Олохтоммут үтүө үгэс быһыытынан олунньу 23 күнүгэр биһиги Аҕа дойду бары Көмүскээччилэрин, өрөспүүбүлүкэбитигэр олорор Эр хоһууннарын, сэрии бэтэрээннэрин, бойобуой киирсиилэр кыттыылаахтарын, анал дьайыы кыттыылаахтарын, сэбилэниилээх күүстэр кэккэлэригэр сулууспалаабыттары уонна ытык иэстэрин толоро сылдьааччылары эҕэрдэлиибит. Бүгүн, эр санаалаах, тулуурдаах, дуулаҕа дьулуурдаах, дойду уонна дьиэ кэргэн эрэллээх тирэхтэрэ буолар дьиҥнээх эр дьон бырааһынньыктара.

Бэлиэ күнү тутуһа, анал байыаннай дьайыыга  сылдьар уолаттарбытыгар туох көмө оҥоһулларын туһунан улуус баһылыгын Иннокентий Стручкову кытта кэпсэттибит.

  • «Кулун тутар ыйга буолаары турар, Арассыыйа Президенин талар быыбар кэнниттэн уолаттарга сакаастарын илдьэ бара сылдьар санаалаахпын. Манна байыастартан туох наадатын суруйан ыыталларыгар сайаапка хомуйбуппут, бүддьүөккэ анал дьайыыга өйөбүлгэ диэн көрбүт үптэн, сакаастарын атыылаһан илдьээри. Биир кэлим координационнай киини кытта кэпсэтэн турабыт, кулун тутар ыйга былааҥҥа киллэрбиттэрэ. Биһигини кытта волонтер кыргыттарбыт Лилия уонна Акулина барсар баҕалаахтар. Барааччылар испииһэктэрин дойдуга өрөспүүбүлүкэ бэрэстэбиитэлэ  Андрей Сандаминович Федотов бигэргэтэр. Сайаапкаларынан сакааһы тэҥэ, мантан дьон хомуйбут көмөтүн илдьиэхпит. Бүддьүөттэн 2 мөл.солк. кэриҥэ көрдүбүт. Сакааһы ыларга үппүт тиийбэтэҕинэ дьоммут – сэргэбит, биир дойдулаахтарбыт туора турбакка көмөлөһүөхтэрэ диэн эрэнэбит. Уолаттарбытыгар барыларыгар кыалларынан сылдьар былааннаахпыт, ааҕан көрөрбүтүнэн 14 сиринэн бааллар. Бу ыарахан, байыаннай кэмҥэ бары биир сомоҕо буолан, уолаттарбытыгар күүс-көмө оҥорон, эн-мин дэспэккэ бары биир тэҥинэн, өйөһөн, өйдөһөн олоруохпутун наада. Анал байыаннай дьайыыга  аҕыйах ахсааннаах Эбээн Бытантай улууһуттан 40-тан тахса хорсун эр бэртэрбит барбыттара, мантан көстөр биһиги дьоммут хорсуннара, төрөөбүт дойдуларын, дьоннорун туһугар олохторун да эрэйбэккэ сылдьаллара, биһиги улууспутугар патриотизм диэн баара арылыччы көстөр. Биһиги иллээх – эйэлээх олохпутун араҥаччылыыр, көмүскүүр оҕолорбутун өйүүр иэстээхпит, эбээһинэстээхпит дии саныыбын. Уолаттарбытын Айыыларбыт арчылаатыннар, санааҕыт күүстээх буоллун, туруккут бигэ буоллун! Бары айылҕа  оҕолоро буоланнар сирдэрин-уоттарын аһатан, арчылана көрдөһө, сиэрдэрин умнубакка тутуһа сылдьаллар. Кинилэр  дьонноругар, дьиэ кэргэттэригэр туох баарбытынан өйүүбүт, уоппускаҕа  кэлээччилэр туох дииллэринэн,  тутатына көмөлөһөбүт. Онон, бу өттүгэр санаарҕаабакка, дьиэҕитигэр-уоккутугар, дойдугутугар этэҥҥэ эргиллэн кэлээриҥ диэн, барыбыт баҕа санаабытын тиэрдэбин.”

Улууспутун  ааттатар кыахтаах, инникилээх уолаттарбытын, элбэҕи эрэммит кэскиллэрбитин иэдээннээх, уоттаах толоон сөрөөн барбыта олус диэн хомолтолоох, курус…

Биһиги Герой уолаттарбытын умнубаппыт. Кинилэри, өрүү ааттарын ааттаан, ахта — саныы сылдьаллар бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрэ, доҕотторо, дьонноро.

Александр Ефимов, ЭКК “Гарпан” үлэһитэ:

  • Уйбаанчык. Убайым, табаарыһым, кэллиэгэм, Уйбаачык (эстрада Бааньа).Убайым олус сэмэй, сымнаҕас киһи буолааччы. Куруутун үөрбүт сырдык мичээрэ харахпар көстөр. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан «Азия оҕолоро” Оонньуулага үҥкүүлүү бара сылдьан аан маҥнай билсиспиппит. Онтон ыла табаарыс, убай буолан, доҕордоһон туох баар ыарахаттары, үчүгэйдэри барытын бииргэ ааспыппыт. Манна  тустуу, атах оонньуута, мас тардыһыытын күрэхтэригэр кэллэҕинэ көрсөн,  мэниктээн, күрэхтэһэн, ким күүстээх — ол кыайдын, диэн буолаачы. Мин наар атах оонньуутугар, Уйбаанчык тустууга киирсэрбит. Улаатан, оскуоланы бүтэрэммит Уйбаанчык култуура колледжыгар киирбитэ, мин нөҥүө сылыгар эмиэ устудьуоннуу барбытым. Убайым устудьуоннуур  кэмигэр элбэх сиргэ улэлиирэ, тамадаалан да ылара. Үөрэҕин бүтэрэн баран Саккырыырбытыгар кэлэммит, улууспут сайдарын туһугар үлэбитин саҕалаабыппыт. Уйбаанчык үлэтин  кулууптан саҕалаабыта, араас тэрээһиннэри, кэнсиэр бөҕө ыытарбыт, үчүгэй да кэмнэр этэ.Оҕо саас киинигэр  үлэлии сылдьан элбэх оҕону ырыаҕа угуйбута. Ол быыһыгар кулуубугар өрүү күүс- көмө буолааччы.  Уһуйааҥҥа эмиэ бэрт таһаарыылаахтык үлэлэбитэ, оҕолорун кытта кэнсиэртэри бэрткэ киэргэтэллэрэ. 2021сылга кулууппутугар дириэктэринэн үлэлии киирбитэ, дьэ онно, убайым былаан бөҕөлөөх, дьэ үлэ бөҕөтүн ыытыахпыт, кулууппутун сайыннарыахпыт, диэбитинэн киирбитэ. Кини улуус дьаһалтатыгар сайаапкалаан саҥа аппаратура биэрбиттэрэ. Үлэбитигэр туруорбут былааммытын, сыалбытын саҕалаабыппыт, ыыппыт тэрээһиннэрбит барыта үрдүк таһымнаах ааһааччы. Уйбаанчык бэйэтин, салайааччы быһыытынан эппиэтинэстээх,  дьаһаллаах, барытын ымпыгар — чымпыгар диэри көрөн, ыйан-кэрдэн иһэрэ. Бэйэтин үрдүктүк хаһан да туттубатаҕа, киһи-киһитинэн, дьоҥҥо сыһыана хаһан да уларыйбатаҕа, элэккэй, сэмэй бэйэтинэн хаалбыта.

Иван Стручков, баһаарынай чаас салайааччыта:

  • Кэллиэгэбит аатын үйэтитэр сыалтан, кэлэр көлүөнэҕэ кини хорсун аата холобур буоларын гына, биһигини кытта уһуннук үлэлээбит табаарыспыт Герман Ефимовка анаан өйдөбүнньүк истиэндэ  оҥотторуохха, диэн баһаарынай чаас үлэһиттэрэ бары сүбэлэһэн быһаарыммыппыт. Үлэтигэр олус бэриниилээх, барытын сып-сап толорон иһэр, спортка, араас тэрээһиннэргэ барытыгар иннинэн, көхтөөх  киһибит этэ. Пожарно — прикладной спортка үлэтигэр көрдөрүүтэ үрдүк, үчүгэй таһымнаах буолан, кэллиэгэлэрин үөрэтэрэ . Быһылаан түбэлтэтигэр олох үчүгэйдик салайан ыытааччы, аварийно- спасательнай үлэҕэ түргэн-тарҕан буолааччы. Гермаммытын, табаарыспытын бары олус суохтуубут, бу оҥотторбут истиэндэбит өр сылларга саҥа кэлбит дьоҥҥо, маннык Герой уол үлэлээн ааспытын туһунан сырдата туруоҕа диэн, бүк эрэнэбит.

Егор Стручков үлэлээбит ОДьКХ кэллэктиибэ:

  • Егор биһиги кэлэктиипкэ, олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатыгар 2019 сыллаахха үлэлии кэлбитэ. Хап-харанан чоҕулуччу көрбүт, күлбүт харахтардаах уолчааны бары тутатына сөбүлээн, начаас икки ардыгар бэйэ киһитэ буолбута. Бастаан оробуочайынан киирбитэ, онтон эппиэтинэстээх үлэһит быһыытынан бэйэтин көрдөрөн, үлэ харыстабылын исписэлииһигэр көһөрүллүбүтэ. 2022 сыллаахха дьиэ кэргэнигэр бириэмэлээх буолаары хочуолунайга операторынан көспүтэ. Үлэлиирин устата биирдэ да сэмэлэммэтэҕэ, толоругас, түргэн – тарҕан туттуулаах, үлэһит бэрдэ буоларын бары бэлиэтээбиппит. Киһи быһыытынан биһиги Егорбыт эмиэ сүрдээх аламаҕай, холку, мааны майгылаах этэ.2022 күһүнүгэр быстах хомуурга Егорбыт хабыллан барбыта. Кини куотуна-саһа сатаабатаҕа. Эр киһилии дьоһуннук барбыта. Уоппускаҕа кэлэрин бары кэтэһэрбит… Егорбутун биһиги өрүү өйдүү-саныы сылдьыахпыт. Кини туһунан өлбөөдүйбэт өйдөбүл биһиги сүрэхпитигэр сырдык сулустуу сыдьаайыа. Егор дьиэ кэргэнигэр өрүү күүс-көмө, өйөбүл буолуохпут. Кини ситэ олорботох олоҕун, ыра санааларын оҕолоро салҕыахтара.

Билиҥҥи курдук ыарахан балаһыанньаҕа бары биир киһи курдук сомоҕолоһон, бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөһөн, өйөһөн-өйдөһөн олордохпутуна эрэ кыаллар. Бастатан туран, анал байыаннай дьайыыга сылдьар хорсун уолаттарбытыгар туох баарбытынан көмөлөһө сырыттахпытына эрэ табыллар. Биһиги, дойдуларын туһугар бэйэлэрин кэрэйбэккэ сылдьаллар диэн бары бэрткэ өйдүүбүт, киэн туттабыт!

Олунньу ыйтан «Блиндажная свеча» оҥорон туттарыы аахсыйа ыытыллыбыта, манна үгүс киһи, тэрилтэ кыттыыны ылбыттара, биир бастакынан Оҕо саас киинин тэрилтэтэ оҥорон туттарбыттара. Ити курдук бары уолаттарбытыгар көмө буолаары харса суох ирдэнэри, бэриллибити толоро охсон туттарар санаалаах сылдьаллара олус үчүгэй быһыы.

«Саха сирэ” хаһыат саайтыгар тахсыбыт  саҥа өйөбүл туһунан таһаарабыт.

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар өйөбүл саҥа миэрэтэ

Быстах хомуур уонна байыаннай сулууспа боппуруостарынан 122  «суһал  лииньийэ»  суукканы эргиччи үлэлиир. 2024 сыл тохсунньутугар 4070 киһи төлөпүөннээбит, 2770 төгүл «суһал лииньийэ» үлэһиттэрэ эрийэн тахсыбыттар.

Үксүн эрийбит дьон хантараагынан сулууспаны, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл, федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи төлөбүрдэр тустарынан интэриэһиргииллэр.
Бу туһунан эрэгийиэннээҕи «суһал лииньийэ»  салайааччыта Мария Винокурова брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.
Кини сүрүн болҕомтону  тохсунньу  22 күнүттэн саҥа көрүллэр өйөбүлгэ уурда. Ол курдук, СӨ Бырабыыталыстыбата байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна дьиэ кэргэттэригэр дьиэлэрэ киин ититэр ситимҥэ холбонууга биир кэмнээх  үп төлөнөрүн туһунан дьаһал ылбыта. https://sakha-sire.ru/bajyannaj-epereessije/

 

Марианна СЛЕПЦОВА