Бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ этиитигэр кэлэр 2026 сылы Култуура сылынан биллэрбитэ. Маныаха Эбээн-Бытантай улууһун Кустуур нэһилиэгин “Маранга” этнокултуурунай киин салайааччыта Розалия Макарова бэйэтин санаатын үллэһиннэ.
— Биһиги, култуура үлэһиттэрэ, Ил Дархан Айсен Николаев 2026 сылы Култуура сылынан биллэрбитин истэммит, сонуннарга ааҕаммыт олус үөрдүбүт. 2026 сылга Кустуур нэһилиэгин култуурата 80 сылын туолар үбүлүөйүн бэлиэтиэхтээхпит, онон, биһиэхэ икки бүк үөрүүлээх сонун буолла! Бу улахан, дьоһун суолталаах үбүлүөйгэ фольклор салаатыгар көмүскээбит ыстааппыт көрүллүүтэ, үбүлээһинэ олоххо киирэригэр улууспут, нэһилиэкпит баһылыктара уонна дьокутааттарбыт күүс-көмө буолуохтара диэн эрэнэбит. Онтон биһиги өттүбүтүттэн сайдыы туһугар үлэ-хамнас өссө күүскэ барыаҕа, инники былааннар элбэхтэр!


