Алтынньы үһүс өрөбүл күнэ Саха сиригэр — Ийэ күнэ. Бу үөрүүлээх күнү көрсө бука бары күн—күбэй ийэлэри, эйэҕэс эбээлэри ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит ! Баҕарабыт чэгиэн доруобуйаны, чөл туругу, алаһа дьиэҕитигэр, дьиэ кэргэҥҥитигэр байылыат олоҕу, сир үрдүгэр баар бары үтүөнү, кэрэни! Или—эйэни!
Ийэ – бу эйиэхэ олоҕу бэлэхтээбит аанньал, сиргэ түспүт таҥара. Ийэ диэн күндү киһи, Ийэ диэн күн киһи. Оҕо күн сирин көрөөт аан бастаан ийэтин көрөр, кини сылаас илиитигэр угуттанан улаатар. Ийэбит биһиэхэ саамай күндү, чугас, ханнык да түгэҥҥэ өрүү өйдүүр-өйүүр киһибит буолар.
Үрдүк дьол
Ийэ буолбут үрдүк дьолбун
Оҕом сырдык мичээригэр көрөбүн.
Сыллаан ылар сылаас тыына,
Сүрэхпин уулларар күүһүттэн.
Ийэ буолар кэрэтиэн,
Күүстээх таптал сыдьаайан,
Түөһүм иһин толорон,
Кустук өҥүн дьэргэтэр.
«Ийээ» диэн ыҥырар саҥаттан
Кынаттанан көтөбүн.
Оҕом сыстар сылааһыттан
Куйаары кэрийэ дайабын.
Таптыыбын оҕобун олуһун,
Туохтааҕар да күндү киһибин.
Оҕобун көрөммүн үөрэбин,
Ол иһин, ол иһин дьоллоохпун.
Күн сирин үрдүгэр ийэлэр
Олохпут ситимин салгыыллар.
Иэримэ дьиэни иччилээн,
Иһирэх сыһыаны түстүүллэр.
Ийэбэр
Күн сирин көрдөрбүт,
Күн күбэй ийэбин,
Киэһэлик олорон
Санньыйа аҕынным.
Сып—сылаас ытыһын,
Самнаархай саҥатын,
Сөбүлээн ыллаабыт
Ырыатын иһиттим.
Ийэккээм, эн суоҕуҥ
Куруһуон бу сиргэ.
Киирбэккин аны эн
Дьиэм аанын аһаҥҥын,
Сонуҥҥун, кэһиигин
Остуолбар уурбаккын.
Дьаарбайа барарга
Ыҥыран ылбаккын.
Сөбүлээн сылдьыбыт,
От оттоон мунньубут,
Ходуһаҥ киэлигэр
От үүнэн долгуҥнуур.
Күөҕүнэн чэлгийэн
Кэрийэ хаамсыбыт,
Кырдалбыт үрдүнэн
Сибэкки симэҕэ
Көбүөрдүү тэлгэммит.
Саныыбын ааспыты,
Санньыарга куустаран.
Хаамабын соҕотох
Санааҕа ылларан.
Олохпут салҕанар,
Сарыалбыт сандаарар.
Кырдалга чыычаахтар
Чыыбы чаап дэһэллэр,
Сарсыҥҥы күн үүнэр
Ырыатын ыллыыллар.
Венера Колесова — Чаҕылхай
Сны якутских матерей
Кружатся словно белые снежинки
Под небом сны якутских матерей
Вдоль зимних рек в сердцах лесной глубинки
Им слышен звонкий смех их сыновей.
Морозный шепот звезд и ожиданий
Кружится в бесконечной тишине
И тает лед бездонных расставаний
Тепло и солнце греют в каждом сне.
И знают горы, тундра и аласы
Растает снег и вновь придет весна
Тогда домой вернутся все солдаты
И к матерям вернутся сыновья.
Дмитрий Колесов — Мит.Рэй


