Сарсын, балаҕан ыйын 1 күнүгэр дойдубут үрдүнэн оскуолалар ааннара тэлэччи арыллан, оҕо-аймаҕы үөрэх-билии киэҥ, сырдык аартыгар уһуйуохтара. Онуоха кытыы нэһилиэктэр Кустуур, Дьарҕаалаах оскуолалара саҥа үөрэх дьылыгар төһө бэлэмнэрин туһунан ыйыттыбыт.
Матрена Горохова, И.Н. Слепцов аатынан Кустуур орто оскуолатын дириэктэрэ:
— И.Н.Слепцов аатынан Кустуур орто оскуолата саҥа 2023-2024 үɵрэх дьылын кɵрсɵ балаҕан ыйын 1 күнүгэр бэлэмнэнэ сылдьар.
Быйыл биhиги оскуолаҕа 80 үɵрэнээччилээхпит. Оҕобут ахсаана сылын аайы кɵҕүрээн иhэр. Итиннэ сүрүн биричиинэннэн биhиги материальнай базабыт, ол эбэтэр оскуолабыт дьиэтэ суоҕуттан диэн быhаарабыт. Үɵрэхпит буоларын курдук 2 симиэнэнэн, 2 дьиэнэн буолуоҕа.
Оскуола предметник учууталларынан 100% хааччыллан олорор. Билигин иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччыны кɵрдүүбүт.
Саҥа учууталлартан быйыл омук тылын учууталынан Бояркин Юрий Викторович диэн уопуттаах, 1 категориялаах учуутал кэлэн эрэр.
Биhиэхэ кэлии учууталлар элбэхтэр. Манна сүрүн кыhалҕабытынан куруук — олорор дьиэ суоҕа буолар. Билигин бу учууталлар киин ититиилээх чааhынай дьиэлэри, кыбартыыралары куортамнаан олорорго күhэллэллэр.
Сайын кыралаан ɵрɵмүɵн үлэлэрэ ыытылыннылар. Ол курдук, алын кылаас үɵрэнэр «Маранга» КСК пристройугар эбии регистрдары киллэртэрдибит, тɵрɵппүттэр уонна кэлэктиип күүhүнэн ханапаакылаан ититии үлэтин ыыттыбыт.
Улахан оскуола олбуоругар Педагог уонна настаабынньык сылыгар анаан кэлэктиип күүстээх аҥардарын күүhүнэн беседка тутулунна.
Уонна бу сайын биир улахан бырайыак үлэҕэ киирэн, «Кумах Сыhыыга» учебнай-производственнай бааса тутуллан, «Сайдыы» волонтерскай этэрээт үлэтэ сɵргүтүллэн үлэтин саҕалаата.
Билии күнүн кɵрсɵ бары кэллиэгэлэрбитин, үɵрэнээччилэри уонна тɵрɵппүттэри эҕэрдэлиибит! Үлэ-үɵрэх ситиhиилээх, таhаарыылаах буоллун!
Нина Софронова, А.С. Садовников аатынан Дьарҕаалаах орто оскуолатын социальнай педагога, алын кылаастар учууталлара:
— Саҥа үөрэх дьылыгар Дьарҕаалаах орто оскуолатыгар маҥнайгы кылааска 3 оҕо киирэр. Кинилэри уопуттаах учуутал Тамара Владимировна Хамарова үөрэтиэҕэ.
Ааспыт үөрэх дьылыгар булгуччулаах судаарыстыбаннай эксээмэни 3 оҕобут ситиһиилээхтик туттарбыттара.
Быйыл 9 кылааска – 6 үөрэнээччи, 11 кылааска – 2 үөрэнээччи судаарыстыбаннай эксээмэннэри туттарыыга бэлэмнэниэхтэрэ.
Хаадырынан хааччыллыыга: нуучча тылын уонна литературатын учууталыгар вакансия арыллан, үлэ ыытылла турар. Быстах кэмҥэ солбуйан учууталлар бу предмети үөрэтэллэрин хааччыйдыбыт.
Быйылгы уратыбыт – саҥа ФООП-нан үлэлиибит, үөрэтэбит. Хас биирдии учуутал сөптөөх куурустарга сайын устата үөрэнэн, саҥаны киллэрэн үлэлииргэ бэлэмнэр.
История предметигэр саҥалыы тыыннаах учебнигы сакаастанан, кэлэрин күүтэбит.
Бу күннэргэ бүтүн Араассыйа үрдүнэн ыытыллар террору утары үөрэтиигэ кытынныбыт.
Бастакы үөрэх күнүгэр бэтэрээн учууталлар кыттыылаах “Баһыыба, учуутал!” диэн Уһуйааччы сылыгар анаммыт кылаас чаастара ыытыллыахтара.
Балаҕан ыйын 1 күнүн, үөрэх дьыла аһыллыытын көрсөргө оскуола уонна уһуйаан толору бэлэмнээхпит.
Убаастабыллаах биир идэлээх кэллиэгэлэрбит! Саҥа үөрэх дьыла саҕаламмытынан истиҥник эҕэрдэлиибит. Үлэҕит ситиһиилээх буоллун.