Үөрэҕирии эйгэтин үлэһиттэрин улуустааҕы сүбэ мунньаҕа ыытылынна

Эбээн-Бытантай улууһугар “Воспитание личности в едином образовательном пространстве” үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин балаҕан ыйынааҕы сүбэ мунньаҕа буолла.

Мунньах сүнньүнэн учууталлар, иитээччилэр үлэлэрин хайысхаларынан маастар-кылаастары көрдөрдүлэр, уопут үллэһиннилэр.

Күһүҥҥү кэмҥэ суол-иис суох буолан кытыы сытар Кустуур, Дьарҕаалаах нэһилиэктэриттэн кыттааччылар кэлэллэрэ уустуктардаах буолан куйаар ситимин туһанан «Онлайн сферум” бырагыраама нөҥүө холбонон кыттыыны ыллылар. Биллэн туран, биһиги улууспутугар интернет ситимэ бытаан, быста-быста кэлэр буолан кэккэ мэһэйдэр көрүстүлэр.

Үөрэх эйгэтин үлэһиттэригэр маннык тэрээһин сүрдээх улахан суолталаах. Мунньахха аан маҥнай кыттыыны ылбыт үлэһиттэртэн санааларын үллэстэллэригэр көрдөстүбүт.

Илана Колесова, эбии үөрэхтээһин педагога:

Быйыл Дьокуускай куоракка Атырдьах ыйынааҕы үөрэҕирии эйгэтин үлэһиттэрин сүбэ мунньаҕар аан маҥнай сылдьыбытым. «Образование» траектория сүнньүнэн «Социальный заказ в дополнительном образовании» панельнай дискуссияҕа уонна «Иитии» траекториятыгар  «Оҕо эбии үөрэхтээһинин тус сыаллаах пуунсуйата — иитии» семинарын былаһааккатыгар. Ол иһин кэлэн баран балаҕан ыйынааҕы үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин сүбэ мунньаҕар эмиэ кыттыыны ыллым.

Арассыыйа эрэгийиэннэригэр эбии үөрэхтээһин эйгэтигэр социальнай сакаас киллэриитин, инникитин, сайдыытын туһунан  ВЦХТ дириэктэрин солбуйааччыта — Жадаев Дмитрий Николаевич кэпсээбитин, маны тэҥэ Федоров И.Ю., Мирнай куорат эбии үөрэхтээһин киинин дириэктэрэ персонифицированнай үбүлээһини олоххо киллэрии уопутун туһунан сырдаттым.

Мунньах түмүгүн этэр буоллахха, бары кыттыылаахтар иһитиннэриилэрин истэн, ырытан резолюцияны биир санаанан ылынныбыт.

Бу тэрээһин сүнньүнэн улуустааҕы оҕо саас кииниттэн «Бастыҥнарга үөрэнэбит» былаһааккаҕа Колесова Н.Е уонна Корнилова Н.Б маастар-кылаас ыыттылар.

Ушницкая Е.К уонна Бочкарева В.В. «Навигаторы детства. Начало пути» былаһааккаҕа оҕолору тренинҥа оонньоттулар.

 

Мария Чупрова, үөрэҕирии салалтатын оскуола иннинэнээҕи үөрэхтээһин исписэлииһэ:

— Мин маннык тэрээһиҥҥэ бастакы уопутум буолар, үөрэҕирии үлэһиттэрин балаҕан ыйынааҕы мунньахтара тэрээһиннээхтик буолан ааста.

Тэрээһин икки чаастан турбута, бастакы чааһа сарсыардаттан саҕаланан Оҕо саас киинин дьиэтигэр Саха сиригэр Оҕо саас сылынан «Навигаторы детства: начало пути» диэн ааттаах тренины Елена Ушницкая уонна Вера Бочкарева оҕолорго анаан ыыппыттарын олус сөбүлээбиттэрэ, астыммыттара.

Маны таһынан Елена Алексеевна «Навигаторы детства» сүнньүнэн оҕолорго презентация көрдөрөн кэпсээбитэ.

Оҕо уонна ыччат этин-сиинин эрчийэр спортивнай саалга Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан “Учимся у лучших” диэн төрөппүттэргэ аналлаах маастар-кылаастар буолбуттара, Мария Афанасьева салайан ыыппыта. Уопсайа 8 педагог төрөппүттэргэ маастар-кылаас көрдөрбүттэрэ. Онно Алтайскай кыраайтан сылдьар биология учуутала Светлана Вальеревна Бактушкина, Прасковья Васильевна Слепцова ыыппыт хомуһу тыаһатыы маастар-кылааһын сэҥээрэ истибитэ, көрбүтэ. Ыраахтан үлэлии кэлбит Светлана Валерьевна кинилэр төрүт музыкальнай тэриллэрэ эмиэ хомус диэн ааттааҕын уонна итинник тутуллааҕын туһунан бэлиэтээн эппитэ.  

Эбиэттэн киэһэ тэрээһин иккис чааһа үөрэҕирии салалтатын дьиэтигэр буолбута.

Бастакы улахан мунньаҕым буолан элбэх дьон-сэргэ иннитигэр туран кэпсиирбиттэн олус долгуйдум, ол да буоллар, күүстээх санаа ылан, «Качества дошкольного образования» диэн тиэмэлээх үлэбин кылгастык билиһиннэрбитим. Бу үлэбэр презентация оҥосторбор, кэпсиир тылбын-өспүн сурунарбар бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрим күүс-көмө буолбуттара, настаабынньыгым, барытыгар үөрэтэр-такайар киһим Анна Николаевна Мохчоҕороваҕа, түгэнинэн туһанан, улахан махталбын тиэрдэбин. Үөрэх эйгэтин үлэһиттэригэр, кэллиэгэлэрбэр саҥа үөрэх дьыла саҕаламмытынан таһаарыылаах үлэни, ситиһиилэри баҕарабын.

Бу курдук киэҥ далааһыннаах, тэрээһиннэринэн баай сүбэ мунньаҕы түмүктүүр чаас – долгутуулаах наҕараадалааһын буолла.

Быйыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна өрөспүүбүлүкэбитигэр Оҕо саас сылларынан 5-тэн элбэх оҕолоох педагогтарга, педагог дьиэ кэргэттэргэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга өйдөбүнньүк сувенирдары уонна сэмэй бэлэхтэри туттардылар.

Ахсыс төгүлүн ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолорун” күрэҕэр биһиги улууспутуттан 12 оҕону салайан илдьэ сылдьан кытыннарбыт Мария Афанасьеваҕа, маны тэҥэ сайын буолбут өрөспүүбүлүкэтээҕи “Спортивные Якутяне” күрэххэ улууспут оҕолорун илдьэ сылдьан кытыннарбыт Христина, Петр Стручковтар дьиэ кэргэттэригэр махтал суруктары туттардылар.

Үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин балаҕан ыйынааҕы сүбэ мунньахтарын чэрчитинэн маастар-кылаастары ыытан тэрээһини киэргэппит педагогтарга, учууталларга эмиэ махтал суруктарынан бэлиэтээтилэр.

2024-2025 үөрэх дьылыгар таһаарыылаахтык үлэлииргэ үөрэҕирии эйгэтин үлэһиттэригэр мунньах түмүгүнэн сыал-сорук, рекомендация бэрилиннэ.

Марианна Слепцова

 

Читайте дальше