Үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ сэргэх тэрээһиҥҥэ муһуннулар

Улуус киинигэр “Патриотическое воспитание системе образования: инновационные подходы и технологии” тиэмэлээх биир кэлим методическай туур үөрэҕирии эйгэтигэр үлэлии-хамсыы сылдьар идэлээхтэри түмэн икки күн устата күөн көрүһүннэрдэ. Манна үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ идэ маастырыстыбатын ситимнээхтик үрдэтии ньымаларын араас күрэхтэр, бэсиэдэлэр уо.д.а. нөҥүө көрдөрөн, уопут атастаһан сүрдээх туһалаахтык, үөрүүлээхтик атаардылар.

Дьүүллүүр сүбэ

Иккис сылын Эбээн Бытантай улууһугар ыытыллар методическай туур күрэҕэр кыттыыны ылбыт үөрэҕирии эйгэтин үлэһиттэригэр туоһу сурук туттардылар. Маны таһынан биирдиилээн анал биһирэбиллэри ыллылар, ол эбэтэр «Самый убедительный игрок» анал аат —  Алена Горохова, Дьарҕаалаах оскуолатын учуутала, «Самый остроумный игрок» анал ааты ылла Мария Афанасьева, улуустааҕы Оҕо уонна ыччат спортивнай оскуолатын дириэктэрэ.

Наһаа сэргэх, ардыгар тыҥааһыннаах, долгутуулаах күрэх түмүгүнэн муҥутуур кыайыылааҕынан, ол эбэтэр  «Лучшая команда муниципального методического тура» диэн сүрүн бириис хаһаайыттарынан Кустуур орто оскуолата буолан кыайыы-хотуу аргыстаннылар. Онтон, сүрдээх кимиилээхтик киирсибит  Саккырыыр орто оскуолатын эдэр педагогтарын хамаандалара —  «Лучший проект по патриотическому воспитанию» анал ааты ылан үөрдүлэр – көттүлэр.  «Лучшая современная образовательная технология на учебных (воспитательных) занятиях» — улуустааҕы Оҕо киинин кэллэктиибэ  ылар чиэскэ тигистилэр.

Матрена Горохова, Кустуур орто оскуолатын дириэктэрэ:

Биһиги 5 киһилээх хамаанда тэринэн, «Дэгэн» диэн ааттанан кэллибит. Ааппыт эбээннииттэн сахалыы ол эбэтэр тылбаастаатахха —  “Көтүү” диэн , манна биһиги туспа бырайыактаахпыт. Хамаандабытыгар иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы, эбээн тылын учуутала Мария Степанова, “Бытантай”оҕо хамсааһынын салайааччыта, дириэктэри иитэр үлэҕэ сүбэлээччи Виктория Захарова, омук тылын учуутала Юрий Бояркин, история уонна обществознание учуутала Зорикто Халбазыков киирдилэр.

Методическай туур бастакы күнүгэр Зорикто Александрович «Мин патриоппун», диэн тиэмэлээх аһаҕас уруокка кыттыыны ылбыта. Иккис күммүтүгэр бэйэни билиһиннэриини көрдөрдүбүт, хамаандабыт аатын көмүскээтибит, бырайыакпытын кэпсээтибит . Сүрүннээн, “Юная армия” диэн хамсааһыҥҥа холбоһоммут, 15 оҕолоох этэрээт тэринэн эрэрбит туһунан билиһиннэрдибит. Бу тэрээһиҥҥэ былырыын эмиэ көхтөөх кыттыыны ылбыппыт, быйылгы  туур биһиги санаабытыгар ордук үчүгэй буолла, диэххэ наада.

Нина Софронова, Дьарҕаалаах орто оскуолатын учуутала:

Дьарҕаалаах оскуолатыттан 5 буолан кэлэ сылдьабыт. Ол курдук,  Александр Иванов оҕо этин-сиинин эрчийэр учуутал, Екатерина Томская “Тугутчаан” оҕо саадын иитээччитэ, Алена Горохова оҕо хамсааһынын тэрийээччитэ, Григорий Томскай технология учуутала.

Икки күннээх методическай туур этэҥҥэ түмүктэннэ, бастакы күн аһаҕас уруоктар буолбуттара, иккис күҥҥэ бэйэбитин билиһиннэрэн, бырайыакпытын кэпсээтибит. Биһиги, быйыл учуутал буойуммут Афанасий Садовников 100 сылыгар анаан улуус таһымнаах бырайыак оҥорбуппут уонна 2024 сылы улууска  Садовников аатынан сыл буоллун диэн, санаабытын эттибит. Маны таһынан, Дьарҕаалаах оскуолатыгар А.С.Садовников аатын иҥэриигэ элбэх үлэни ыыттыбыт. Биһиги бу күрэскэ кыттыыны ылан элбэх сүбэ-ама ыллыбыт, биир идэлээхтэрбитин кытта алтыһан, үлэлэрин көрөн элбэх уопуту атастаһан туһалаахтык атаардыбыт.

Олеся Пшенникова, Хаарчаана оҕо уһуйаанын иитээччитэ:

—  Мин дойдубар кэлэн оҕо уһуйааныгар бастакы сылбын үлэлии сылдьабын, маннык тэрээһиҥҥэ саҥа кыттыыны  ыллым. Улуустааҕы методическай туур буолан элбэх учууталлар, педагогтар, иитээччилэр мустаннар билиилэрин, саҥа көрүүлэрин үллэстэннэр киһи элбэх уопут ылар эбит, иннкитин маннык тэрээһиннэргэ кыттан иһэр санаалаахпын.

Лаура Попова, спортивнай оскуола тириэнэрэ:

Я тренер по северному многоборью, это мое первое участие в методическом туре, для меня все это в новинку. Для молодого педагога это большой опыт, накапливаются новые знания и умения. Очень хорошо, что проводятся такие туры.

Татьяна Слепцова, улуустааҕы Оҕо киин педагога:

— Мин педагог быһыытынан саҥа үлэлээн эрэбин, маннык тэрээһиҥҥэ бастакы кыттыым буолар, олус үчүгэй эбит. Саҥа үлэлиир киһиэхэ элбэх саҥа билии, үөрэх эйгэтигэр киирэргэр туһалаах сүбэлэр, үлэлэр ыытыллаллар эбит. Инникитин да маннык тэрээһин элбии, ыытылла турдун диэн баҕа санаалаахпын.

Иннокентий Стручков, улуус баһылыга:

—  Оҕону патриотическай тыыҥҥа иитиигэ туһуламмыт тиэмэлээх үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин методическай туурдара сүрдээх сэргэхтик ыытылынна.  Манна кыттыбыт  үөрэх эйгэтигэр үлэлиир дьону өссө төгүл эҕэрдэлиибин!

Патриот дьону иитэн таһаарыы, биһиги  сүрүн сыалбыт буолар. Патриот киһи улууһа сайдарын туһугар туруулаһан туран үлэлиир, биһиги бу өйдөбүлү оҕоҕо кыра сааһыттан иҥэрэн иитиэхтээхпит.  Бу күрэскэ кыттааччылар олус үчүгэй бырайыактары көмүскээтилэр, этэргэ дылы,  “Гражданская инициатива” диэҥҥэ кыттыыны ыларга бэлэм бырайыактар бааллар.  Кыратык эбэн-сабан, чочуйан биэрэн баран ыытарга. Бу чааһыгар улуус дьаһалтатын  өттүттэн күүскэ өйүүбүт, бэйэбит хамаанданнан туруоруммут сыалбытыгар оруобуна сөп түбэһэр, ону аттараммыт үлэҕэ киирэрин туһугар бары үлэлиэхтээхпит.

Александра Иванова, улуус баһылыгын солбуйааччыта:

—  Методическай туур олус тыҥааһыннаахтык ааста, уопсайа 7 хамаанда кыттынна. Бу 7 хамаанда иһигэр  олус чаҕылхай, идэлэригэр бэриниилээх дьон үлэлии сылдьар буоланнар, оҥорбут бырайыактара, дебаттарга кыттыыны ылбыттара, ону таһынан ыыппыт аһаҕас уруоктара,  оҕо иитэр тэрилтэлэр  дьарыктара үрдүк  таһымнаахтык ааста. Мин санаабар, бу биһиги оҕолорбутун үөрэтэр, биһиэхэ туох баар кэрэни-кэпсиир, барытыгар иитэр үлэннэн дьарыктанар дьоммут, бэйэлэрин тус санааларынан  тэрээһиҥҥэ иккис сылларын кыттан уопутурбуттара биллэр. Дьүүллүүр сүбэ бэрэсэдээтэлэ буоларым быһыытынан, тус бэйэм ордук бырайыактарга тохтоон аастым, тоҕо диэтэр биһиги учууталларбыт оҥорон таһаарбыт бырайыактара бүгүҥҥү күҥҥэ олус тоҕоостоохтор. Мин санаабар, биһиги улууспут баһылыга Иннокентий Николаевич бу бырайыактары өйөөн, биһиги улууспутугар олоҕуран киирдэхтэринэ сайдыы биир уһуга буолуон сөп.

Күүстээх күрэх кэннэ,   дьүүллүүр сүбэ түмүк таһаарар кэмигэр, кыттааччылар бука бары сомоҕолоһон «Һээдьэ» тула тураннар түмүктээтилэр.

 

Марианна ГОГОЛЕВА

Читайте дальше