Ыам ыйын 22 күнэ – Саха сиригэр Сайылык күнэ

Сахаларга бу күн — сайыны көрсөр бырааһынньык.

Хас ыал аайы алаадьы минньигэс сыта тунуйар, саламаат сырдьыгыныыр, кус миинэ буһар, үгүстэр айылҕаҕа тахсан сынньанар буолуохтаахтар. Саха итэҕэлинэн, сайын саҕаланар, күөххэ үктэнэбит.
Баччаларга саха киһитэ кыстыгы хайдах туораабытын туһунан анааран, ырытан көрөр. Айыылартан өҥ дьыл буоларыгар көрдөһөллөр, ыраастаналлар уонна сайылыкка көһөллөр.
Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга улахан болҕомто ууруллар. Ол курдук, 2019 сылтан Ил Дархан Айсен Николаев ыам ыйын 22 күнүгэр Сайылык күнүн бэлиэтииргэ уураах таһаарбыта. Онон сибээстээн биһиги Эбээн Бытантайдааҕы Саха сүөһүтүн генофонда хааһына тэрилтэ салайааччытын Петр Слепцовтан кыһыны хайдах кыстаан тахсыбыттарын, төһө төрүөх баарын ыйыталастыбыт.

   

  • “Кыһыммытын этэҥҥэ кыстаан тахсан эрэбит, күөх окко үктэнэрбит кыра хаалла. Оппут-маспыт барыта тиийдэ, өссө ордунна. Эбии аһылык диэн 10 туонна комбикорм кэлбитэ, урут грануллрованнай эбии аһылык кэлээччи, быйыл кэлбэтэ. Быйыл кыһын улахан ыарахаттары көрсүбэтибит, үлэһиттэрбит бары үчүгэйдик, сыралаахтык үлэлээтилэр.
    Сүөһүбүт ахсаанын туһунан билиһиннэрдэххэ, былырыын 129 төбөлөөх этибит, быйыл 25 сүөһүнү Дьааҥы оройуонун Суордаах нэһилиэгэр ылан барбыттара, кыһын устата 3 төбө сүтүктэннибит. Инньэ гынан 101 сүөһүлээх хаалбыппыт, ол иһигэр билиҥҥи туругунан 40 ынах төрөөн тураллар.
    Сайыҥҥы өттүгэр былырыыҥҥы курдук балаҕан ыйыгар диэри ыыбыт. Бэс ыйыттан атын сүөһүлэр тахсаллар, ыанар эрэ ынахтар хаалаллар. Үүт, сүөгэй атыыга тахсыаҕа, зоотехниктар быһаарыыларынан сыаната уларыйар диэтилэр, уматык уонна бородуукта сыаналара үрдүү туралларынан сибээстээн кыратык сыанатын үрдэттилэр.
    Суордаахтар 25 сүөһүнү хайдах ылбыттарын кэпсиир буоллахха, куораттан дуогабардаһан бараннар, тыыннаах ыйааһынын ыйааннар, сыаналарын кэпсэтэн атыылаһан барбыттара. Бары этэҥҥэ айаннаан тиийдилэр диэн биллэрбиттэрэ, бу чааһынай киһи ылбыта.
    Ходуһаны өттөөһүн күүскэ бобуллан турарынан сибээстээн ким да чугаһаабата, бары испиискэтэ да суох сылдьаллар дьоннор.”
Кистэл буолбатах, бу сыллар устата саха сүөһүтүн хааһына тэрилтэтигэр араас дьон үлэлээн ааспыттара, ол тухары оттооһун кыаллыбата биитэр үлэһиттэри сөпкө тэрийэн, салайан үлэлэтии, кинилэри кытары уопсай тыл булуу сатаммакка кыһыны туоруур үгүс ыарахаттардаах буолара.
Билигин барыта чөкө быһаарыллан, отторо-мастара дьаһайыллан, үлэһиттэр да бары бэрткэ диэн туруулаһан туран үлэлииллэрэ харахха быраҕыллар, үчүгэй дьаһаллаах салайааччы киирбитэ тута көстөр. Саханы саха дэтэр сүөһүбүт тэрилтэтэ эстэн-быстан биэрбэккэ, бу курдук үлэлии-хамныы, улууспут дьонун сибиэһэй үүт аһынан күндүлүү турдун диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.

 

 

Марианна СЛЕПЦОВА

Читайте дальше