Ыам ыйын 21 к. – Саха сиригэр ырыа күнэ

Ырыа олоҕу кытта тэҥҥэ сайда турар норуот тыына, сомоҕолуур күүс, олох дьүөрэтэ уонна доҕуһуола. Ырыаны иһиттэхпитинэ, үөрэммит ытыыбыт, санаабыт сайҕанар, уйулҕабыт уһуктар.

Саха ырыата – тыыннаах култуура күннээҕи көстүүтэ. Кини – өй-санаа, билии-көрүү, сиэр-туом, уопсай да, биирдиилээн да киһи култууратын, сайдыытын таһымын көрдөрөр, туоһулуур. Ырыа биһиги олорон кэлбит олохпут-дьаһахпыт устуоруйатын, тулалыыр эйгэҕэ сыһыаммытын, уопсастыбаннай, социальнай тутулбутун, култуурабытын көрдөрөр.

Инньэ диэн тураммыт бу бэлиэ күҥҥэ олоҕун устун кыра эрдэҕиттэн ырыа аргыстаах улааппыт, айылҕаттан бэриллибит талаанын өссө тупсараары, олоҕун ырыаны кытта холбоон идэ оҥостон үлэлии сылдьар Эбээн Бытантай улууһугар биир сырдык сулуспут, кэнсиэр, үөрүүлээх тэрээһиннэргэ ылбаҕай ырыатынан киэргэтэр Татьяна Старостина буолар. Бүгүҥҥү ырыа күнүгэр кинилиин кэпсэттэхпитинэ сатанар диэн ырыа эйгэтигэр хайдах киирбитин туһунан ыйытыластыбыт.

«Мин 2010 сылга оскуолабын бүтэрээт олох атын хайысхаҕа туттарсан киирбитим, онтон ону олох мин эйгэм буолбатах диэн 2011 сыллаахха «Культура уонна искусство» колледжыгар «ХОРОВОЕ ДИРИЖИРОВАНИЕ» салаатыгар туттарсан киирбитим, 4 сылы быһа ырыа кэрэ эйгэтигэр иитиллэн, уһуйуллан тахсыбытым.
Бэйэм хаһан ырыа эйгэтин интэриэһиргээбиппин билбэппин даҕаны, бэйэбин өйдүүр буолуохпуттан ыллыыбын.
Устудьуоннуу сылдьан араас культуурунай тэрээһиннэргэ хоровой коллективынан кыттыыны ылар буоларбыт, нэһилиэктэргэ да тахсан ыллыырбыт. Сахабыт сирин аатырбыт бастыҥ “Туймаада” ансаамбылын артыыстарын кытары тэҥҥэ ыллаан турардаахпын.
Үөрэхпин бүтэрэн баран, Уус-Алдан улууһугар Найахы нэһилиэгэр “Найахы норуоднай хоругар” дирижерунан үлэлии сылдьыбытым. Ол үлэлии сылдьан Хабаровскай куоракка «Чемпионат хоров» улахан күрэҕэр тиийэн кыттыыны ылбыппыт. Мин сопрано куоластарга кыттыһан ыллааччы буолбутум, онно Диплом үрдүк аатын сүгэн кэлбиппит, бастакы улахан хардыым бу манна буолар.
Үлэм чааһынан эттэххэ, кэнсиэрдэри ыытар, ыллыыр, үҥкүүлүүр буоламмын ыарахаттары соччо көрсүбэппин, барытын сатыыр буоламмын үчүгэй. Культуура үлэһиттэригэр үөрүүлээх түгэннэр буолаллар элбэх киһи кыттыыны ылара уонна көрөрө-истэрэ эн сыралаах үлэҕин оннук сыаналыыллара.
Ырыаны аргыс оҥостоммун куруук ханна баҕарар ыллыы сылдьабын, ырыа ыллаатахха киһи санаата да чэпчиир курдук, ырыата суох хайдах да түгэҥҥэ сатаммаппын.
Ырыа күнэ хаһан буоларын бэрткэ диэн билэбин, ол эрэн тус бэйэм өрүү ырыанан сылдьар буоламмын күн аайы ырыа күнэ миэхэ.
Оҕолорбун хайаан да ыллыахтааххыт, ырыаһыт буолуохтааххыт диэн анаан такайан үөрэппэппин, ыллыырбын истэн ыллыы сылдьар буолаллар, үҥкүүлээтэхпинэ үҥкүүлүү сылдьар буолаллар, барытын тэҥҥэ көҕүйсэн иһэр дьоннор буоллаҕа.
Ханнык баҕарар түгэҥҥэ сүрэххитигэр ырыаны илдьэ сылдьыҥ, оччоҕо өйгүт-санааҕыт ыраас, тулалыыр эйгэҕит кэрэ буолуо. Ырыа күнүнэн, күндү бар дьонум!”

 

Марианна СЛЕПЦОВА