Василий Лукин, «Саха сүөҺүтэ» генофондаҕа ХТ генеральнай дириэктэрин солбуйааччыта: Мындыр өйдөөх- санаалаах дьонноох Эбээн Бытантайга ордон хаалан, бүгүн биһиги аар саарга аатырар саха сүөһүлээхпит

Бу күннэргэ Василий Тимофеевич Кустуурга, Саккырыырга сылдьан үлэни- хамнаҺы, оттооҺун хаамыытын көрдө- иҺиттэ.

— Үтүө күнүнэн, Эбээн Бытантай улууһун олохтоохторо! Мин манна төрдүс сырыыбын кэлэ сылдьабын. Сүрүннээн оттооһун хаамыытын көрдүм – иһиттим, үлэһиттэри кытары көрүстүм. Кустуурга оттооһун тэтимэ олох үчүгэй, биригэдьиир Максим Аммосов былааны ылыахпыт, диэн эрэннэрэр. Саккырыырга эмиэ тэрээһин үлэтэ үчүгэй, салайааччы Петр Слепцов  кыһаллан, оттооһуҥҥа дьону көҕүлээн, улуус дьаһалтата уонна тэрилтэлэрэ бары күргүөмүнэн субуотунньуктарга игин тахсан үлэлэһэллэрэ сүрдээх хайҕаллаах. От баар, күн – дьыл туран биэрдэҕинэ, өссө күүскэ түһүннэххэ былаан туолар чинчилээх.

Бүгүҥҥү күҥҥэ биһиги тэрилтэбит уопсай былааныттан 70-ча % оттооһун туолан турар, салааларбыт барыта 10 улууска бааллар. Кустуурга 70%, манна 50 % от ылылынна. Быйыл Кустуурга дьоҕус пресс – подборщик, «Кентавр 244»  тыраахтар ылан биэрбиппит, бу тэриллэр туһалалара көһүннэ. Уопсайынан, окко ылсар дьон санаата бөҕөх, кыайабыт, бүтэриэхпит дииллэрин үөрэ иһиттим.

Чаалый сиригэр «Арктика суоллара» тэрилтэни кытта дуогабардаһан мелиорация үлэтин ыыппыппыт, 1 мөл.солк. кэриҥэ үбүлээһиннээх. Дьэ, бу үлэ көдьүүһэ көһүннэ. Петр Константиновичтаах мелиорация ыытыллар сирин бырайыактааһынын бэйэлэрэ оҥорбуттара, үрдүттэн көрө сылдьар дьон буолан, сөпкө оҥорбуттар диэн көрдүм. Бу мелиоративнай үлэлэр үбүлээһиннэрин СӨ тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ А.А. Александров өйөөбүтүгэр биһиги тэрилтэ уонна олохтоохтор ааттарыттан улахан махталбытын тиэрдэбит. Бу көрүллүбүт үп быйылгы оттооһун хампаанньатыгар көдьүүстээҕин арылхайдык көрдөрдө.

2022-2023 сылларга манна от бөҕө тиэйбиппит. Бу оппут тиэллиитин кытта суоттаан таһаардахха 1 туонната 49000 солк.! тиийэр этэ, бу бүддьүөккэ сүрдээх улахан охсуу. Онтон ааспыт сыл бэйэлэрин күүстэринэн кыстыыр отторун ылбыттара. Бу дьаһал, тэрийии үлэтэ сөптөөҕүттэн тахсар, диэн бэлиэтиир тоҕоостоох. Онон, тэтими ыһыктыбакка үлэлээҥ-хамсааҥ, диэн баҕа санаабын тиэрдэбин. Үүккэ 11 туонна былаан бэриллибитэ туолбут. Дьон ыам ыйыттан саҕалаан сүөгэй сиэтибит дииллэрэ маны туоһулуур даҕаны.

Сэбиэскэй былаас саҕана мындыр өйдөөх дьон Түгэһиир сиригэр дьиҥнээх, ыраас саха сүөһүтүн тутан хаалбыттара сөҕүмэр даҕаны, улахан хайҕаллаах. Холобура, бүрээттэр эмиэ биһиги сахабыт сүөһүтүн курдук тииптээх сүөһүлээхтэр этэ, онтулара сүтэн симэлийбит. Уонча сыллааҕыта биир биллэр – көстөр учуонайдара кэлэ сылдьан, “Оо, это наш скот” диэбиттээх. Кырдьык, кинилэр гиэннэрэ биһиэнигэр майгылыыр,  турано – монгольский тип диэн. Ону «суох, бу саха сүөһүтэ” диэбиттэригэр, тобуктуу түһэн баран ытаабыт,  диэн кэпсииллэр. Сахалар наһаа дьоллоох эбиккин, дьиҥ бэйэҕит сахаҕыт сүөһүгүтүн тутан хаалларбыккыт, диэн махтайбыт. Бүрээттэр бэйэлэрин сүөһүлэрин симэлитэн кэбиспиттэр. Манна саха сүөһүтэ тутуллан хаалбатаҕа буоллар, чахчы да мамонт курдук устуоруйалаах сүппүт, симэлийбит сүөһү курдук сурукка эрэ ахтыллыа этэ. Онон, өбүгэлэргит бүөбэйдээн хаалларбыт аар саарга аатырар сахабыт сүөһүтэ тэнийэ сайдарын туһугар, бу эйгэҕэ үлэлээччилэри, ылсааччылары өйөөҥ. Быйыл «Саха сүөһүтэ» тэриллибиппит 5 үбүлүөйдээх сылбыт, бу бэлиэ түгэҥҥэ даҕатан альбом – кинигэ таһааттараары бэлэмнии сылдьабыт. Мин атын хаһаайыстыбаларбытыгар сырыттахпына, куруутун тоһоҕолоон этэбин, бу Эбээн Бытантайга саха сүөһүтэ хаалан, үлэлээхпит – хамнастаахпыт диэн. Сити курдук, сахабыт сүөһүтэ тэнийдин, сайыннын. Онуоха бука бары биир сүбэнэн үлэлиэххэ – хамсыахха!

Яна РОЖИНА

Читайте дальше