Былыр былыргыттан уран тарбахтаах, иис-уус алыбын иҥэриммит Далбар Хотун эбээлэрбит өбүгэ саҕаттан хаалларбыт оһуордарын-симэхтэрин күн бүгүҥҥүгэ диэри тутта сылдьаллар.
Биһиги улууспутугар өбүгэлэрбититтэн хаалбыт, эбээн норуотун төрүт оһуордарын туттан оҕуруоҕа тиһэн, араас кэрэ симэхтэри оҥорор салҕааччыннан Ольга Попова буолар. Кини билигин Кустуур нэһилиэгэр кийииттээн дьиэ-уот оҥостон олорор, икки уол оҕо амарах ийэтэ, ону таһынан алын сүһүөх оскуола учуутала буолар. Ол да буоллар талан ылбыт дьарыгын ыһыктыбат, бириэмэ булла да оҕуруоларын тиспитинэн барар, маны этэн эрдэхтэрэ сүрэх баҕатынан диэн, иллэҥэ да суох буоллар таптыыр дьарыгар быыс-арыт син биир булар.
Оля оҕуруоннан эбээннии матыыптаах бастыҥа, илин кэбиһэр, ытарҕа курдук киэргэллэри оҥорон таһаарар. Кини бу үлэлэринэн үгүс элбэх күрэхтэргэ кыттыыны ылан, ситиһиилэрэ элбэх. Сиһилии бэйэтин кэпсии түһэригэр көрдөстүбүт.
Ольга Попова:
— Мин оҕуруону 2016 сылтан доҕор-атас оҥостон тиһэн саҕалаабытым, билигин номнуо 7 сыл буолла. 2022 с. саҕалаан улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи, регионнааҕы, арассыыйатааҕы, аан дойду таһымнаах быыстапкаларга, күрэхтэргэ кыттар буоллум.
Ыам ыйыгар IV Арассыыйатааҕы «Искусство души» кэтэхтэн күрэххэ, уус-уран оҥоһуктар (декоративно-прикладное искусство) номинацияҕа Түгэһиир эбээннэрин төрүт оһуордарынан хайысхалаах үс үлэбин ыытан «ГРАН-ПРИ» үрдүк аатын ылары ситистим. Бу күрэх туһунан миэхэ Саха сирин аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттарын «Сирэктэ» лаборатория салайааччыта Михаил Андреев сырдаппыта.
Маны таһынан, бэс ыйын 12-23 күннэригэр Арассыыйа уус-уран оҥоһуктарын маастардарын быыстапкатыгар кыттыыны ылан, үлэлэрим ДК Кулаковского национальнай культура галереятыгар турдулар.
IV өрөспүүбүлүкэтээҕи Хотугу норуоттар оонньууларын чэрчитинэн ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи «Миргилан» быыстапкаҕа 2 миэстэ буолар чиэскэ тиксибитим.
Быйыл биир улахан ситиһиибинэн буолар «Саха» НКИХ канаалга, «Саха сатаабата суох» быһа биэриитигэр, дойдум Эбээн-Бытантай Түгэһиир эбээннэрин төрүт оһуордарынан матыыптаах ааптарскай оҕуруонан коллекцияларбын киэҥ эйгэҕэ таһааран кэпсээтим.
Хас биирдии норуот бэйэтэ туһунан ааттаах-суоллаах, оһуордаах-бичиктээх, ол кэриҥэ Түгэһиир удьуора бэйэтэ туспа төрүт орнаменнаах, өҥнөөх, тотем чыычаахтаах Түгэсил диэн. «Түгэни»-кыһыҥҥы, «сил»-түгэһиирдии диалекка чыычаах.
Былыр-былыргыттан, хас эмэ үйэлэри уҥуордаан төрүттэрбит бэйэлэрин удьуордарын, ааттарын-суолларын ыһыктыбакка, күн бүгүҥҥүгэ диэри төрүт оһуордарын, ойууларын аҕалан кэлбиттэрин, биһиги эдэр көлүөнэ ыччат салгыы илдьэ сылдьарбытыттан үөрэбин, киэн туттабын.
Түгэнинэн туһанан, миэхэ күүс-көмө буолар, сүбэ-ама биэрэр чугас дьоммор, аймахтарбар, бары култуура эйгэтин үлэһиттэригэр махтал тылларбын этэбин!»
Ити курдук талааннаах ыччаттарбыт киэҥ сиргэ биллэн, бэйэлэрин үлэлэрин, дойдуларын ааттата, аатырда тураллара истэргэ, көрөргө үчүгэй.
Марианна СЛЕПЦОВА