Биһиги биир дойдулаахтарбыт, айылҕаттан бэриллибит кэрэ куоластаах ырыаһыппыт Иван Горохов уонна саккырыырдар күндү күтүөппүт, сырдык мичээрдээх, дууһалаах Егор Стручков анал байыаннай дьайыыга дьоруойдуу быһыыга сырдык тыыннара быстыбыта бу дьыл от ыйын 7 күнүгэр биир сыла буолар.
Эр санаалаах, сырдыкка-кэрэҕэ эрэллээх эдэркээн уолаттарбыт дойдубут үрдүнэн быстах хомуур биллэриллибитигэр биһиги улууспутуттан биир бастакынан ыҥырыллыбыттара. Төрүт буор сирдэриттэн, дьонноруттан-сэргэлэриттэн, таптыыр кэргэннэриттэн, оҕолоруттан арахсан, дойду көмүскэлигэр барар күннэригэр эдэркээн сүрэхтэрэ төттөрү кырамтабыт эрэ эргиллиэҕэ диэн сэрэйээхтээбэтэҕэ буолуо… Сахабыт сириттэн төһөлөөх элбэх эдэр уолаттар, эр дьоннор сэриигэ бардылар, төһөлөөх элбэх ийэ, кэргэн барахсан сэрииттэн кэлбэтэх оҕолорун, олохторун аргыһын күүппүттэрин, бүтэһиккэ диэри сырдык эрэллэрэ уостубатаҕын, көмүскэлэрин уутунан сууммуттарын саныырга ыарахан. К и һ и э х э төрөппүт оҕону, тапталлаах кэргэни, амарах аҕаны, истиҥ доҕору, атаһы эмискэ сүтэрэртэн ыар баттык суох.
Уйбаанчыгы кытта Егор уоттаах сэрии толоонугар ийэ дойдуну көмүскүүр соруктаах бииргэ барбыттара, бүтэһик күннэригэр диэри иннэлээх сап курдук быстыбат ситимнээх табаарыстыылар этэ. Орто дойду олоҕор баара-суоҕа кылгас кэрчик кэм олорон аастылар. Ол гынан баран, кинилэр олохторо Чолбон сулустуу чаҕылхай этэ. Дьон-сэргэ, биир дойдулаахтара Уйбаанчык кэнсиэр буоллун, араас култуурунай тэрээһин буоллун, мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьан, уопсастыбаннай олоххо көхтөөхтүк кыттан, олоҕу таптыыр, сырдыкка-кэрэҕэ угуйар ылбаҕай ырыаларын бэлэх уунан ыллыырын суохтуубут. Күлэн-үөрэн, мичилийэн, эдэрдии эрчиминэн тэбэнэттээхтик хамнанан сыанаҕа турарын бу баардыы өйдүүбүт. Таастаах Дьааҥыттан төрүттээх, Эбээн-Бытантай улууһугар күтүөттээн олорбут Егор чахчы да сырдык дууһалаах киһи этэ. Кини кыыһыран сылдьарын хаһан да көрбөт этибит, истиҥник мичээрдээх, оҕолуу ыраас мөссүөннээх күтүөппүт сүрэхпитигэр мэлдьи баар.
Уолаттарбыт бар дьон эйэлээх олоҕун туһугар олохторун толук уурдахтара, кинилэр хорсун быһыылара үйэлэргэ сүппэт өйдөбүлү хаалларда. Кылгас олохторо сиик курдук көтөн симэлийиэ суоҕа, күн-дьыл, сыл-хонук аастар да өлбөт үйэлээх дьоруойдар буолан дьон-норуот сүрэҕэр хаалыахтара. Хорсун буойуттарбыт ситэ олорботох олохторун, үлэлээбэтэх үлэлэрин, олоххо тугу ситэрбэтэхтэрин оҕолоро ситэриэхтэрэ диэн эрэнэбит!
Өйдүүбүт, сүгүрүйэбит, хараастабыт…
Сардаана Копырина