Олимпийскай чөмпүйүөн, аан дойду үс төгүллээх чөмпүйүөнэ, ССРС спордун үтүөлээх маастара Павел Павлович Пинигин чиэһигэр көҥүл тустууга Бүтүн Арассыыйатааҕы аһаҕас турнирга биһиги улууспут кыра бөҕөстөрө ситиһиилээхтик кытыннылар.
«Дьэ, улахан киирсии буолан ааста, 540 оҕо муһунна. Монголия, Киргизия, Тыва, Красноярскай, Ингушетия уо.д.а. Арассыыйа араас эрэгийиэннэриттэн бастыҥтан бастыҥ тустууктар кииристилэр. Саха сириттэн киин улуустар бары киирдилэр, хотулартан биһиги, Орто Халыма, Аллайыаха, Анаабыр улуустара туһуннубут. Биһиги уолаттарбыт олох бэрткэ туһуннулар. Эрсаан Сыровастский 7-с миэстэ буолла. Бэйэбит холбутугар бэрт ситиһии! Саҥа сүрэхтэнэр тустуукпут Ерёма Рожин 4 круг туһунна. Влад Слепцов ыалдьан хаалбатаҕа буоллар бэрткэ барсыа эбит. Ол да буоллар, 4 кругтаата. Алеша Устинов, Валера Попов, Айысхан Сыроватский 3 круг бардылар. Айхалик Свинобоев, Павлик Слепцов үчүгэй өйдөбүлү хааллардылар, уопут ылан истэхтэрэ. Инньэ гынан, арыый полуфиналга тиийбэтибит.
Мэҥэ Хаҥаластан Вася Сыромятников туһунна, өссө үөһээ тахсан тустан 4 круг барда. Васяҕа уонна тренеригэр, эдэр киһиэхэ үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.
Дьарҕаалаахтан төрүттээх балтыбыт Христина Стручкова уола Диас Сергеев финалга таҕыста!
Бүгүн икки уолбут киирсэллэр – Эрсаан Федоров уонна Христофор Горохов, бөҕөстөрбүтүгэр ситиһиини баҕарыаххайыҥ.
Бары төрөппүттэргэ улахан махтал, оҕолоргутун да өссө күрэхтэһиигэ ыытар буолуҥ.
Улууспут баһылыгар Иннокентий Николаевичка, баһылык солбуйааччытыгар Александра Викторовнаҕа, дириэктэрбитигэр Мария Юрьевнаҕа махтанан туран, доруобуйаны, чэгиэн туругу баҕарабыт, ил-эйэ эҥэрдэстин”, — диэн оҕолору салайан илдьэ сылдьар Христина, Петр Стручковтар сырдаттылар.