Улуус устуоруйатын үөрэтэргэ улахан суолталаах дьоһун кинигэ сүрэхтэннэ

Бүгүн А.В. Кривошапкин аатынан Айар дьиэҕэ биир дойдулаахпыт Иван Захаров бэчээттэтэн таһаарбыт «Аҕам ахтыылара» кинигэ сүрэхтэниитэ истиҥ, сылаас эйгэҕэ буолла.

Кинигэҕэ Иван Моисеевич аҕатын, РСФСР үөрэҕириитин туйгунун, педагогическай үлэ уонна тыыл бэтэрээнин, кыраайы үөрэтээччи, улуус бочуоттаах олохтооҕун Моисей Иванович Захаров суруйан хаалларбыт устуоруйа чахчыларын кэрэһэлиир биэс кинигэтин түмэн, ааҕааччы киэҥ араҥатын интэриэһин тардар, ааҕарга чэпчэки буоллун диэн уус-уран айымньы быһыытынан суруйан, матырыйаалын эбэн биэрэн, бар дьонугар, улуус устуоруйатыгар бэртээхэй бэлэх оҥордо!

Дьоһун кинигэ сүрэхтэниитигэр ааптар Иван Захаров кинигэ ис бараанын, тутулун кытта билиһиннэрдэ.

“Аҕам ахтыылара” кинигэ 4 чаастан турар. Бастакы баһыгар дьонум, төрүччүлэрим туһунан билиһиннэрдим. Олох былыргы, 15-с үйэттэн саҕалаан эбээлээх эһэм өттүнэн өбүгэлэрбин сырдаттым.

Иккис чааһа учуутал үлэтигэр туһуланар. Бу манна аҕам 1951 сыллаахха Саккырыыр оройуонугар кэлэн бастаан Эндыбалга, онтон Дьарҕаалаахха үлэлээбитин суруйдум. 1952 сыллаахха Дьарҕаалаахха оскуола арыллыытын, А.С. Садовниковы кытта бииргэ үлэлээбиттэрин, бастакы оскуола харыйатын бырааһынньыгын тэрийбиттэрин кэпсиир. Онтон 1952-53 сылларга ийэбин кытта доҕордуу буолан билсибиттэрэ эмиэ туһунан кэрэ кэпсээн. Аҕам 1953 сыллаахха үлэтин дуогабара бүтэн, дойдутугар төннүбүт. Онтон ийэм сити кэмҥэ Дьокуускай куоракка медучилищеҕа үөрэххэ киирэн үөрэнэр.

Кинигэ үһүс баһа – аҕам Таатта улууһугар үлэлээбитин туһунан. Талыы талба Тааттаҕа ийэбин кытта иккистээн соһуччу көрсөн, эдэр дьон иэйиилэрэ өссө күүһүрэн, ыал буолбуттар. Аҕам оччолорго Баайаҕа нэһилиэгэр үлэлии сылдьыбыт, арай түннүгүнэн көрдөҕүнэ икки кыыс хааман эрэллэр эбитэ үһү, олортон биирдэһэ – мин ийэм Маайа. 4 сыл ааспытын кэнниттэн, Маайата дьүөгэтинээн практикалана кэлэ сылдьар кэмигэр көрсөн, салгыы 1957 сыллаахха ыам ыйыгар Баайаҕаҕа уруу тэрийэн ыал буолаллар. Онтон Саккырыырга төннөн кэлэн үлэлээбиттэр.

Кинигэ төрдүс баһа – ийэм дьонун-сэргэтин, төрүччүлэрин туһунан. Ийэм оҕо сааһын, дьоно хайдах бултуулларыттан, балыктыылларыттан саҕалаан суруйан киллэрдим. Манна даҕатан эттэххэ, аймах-билэ Сыроватскайдар тустарынан туспа кинигэ тахсарыгар толкуй баар. Ийэлээх аҕам сүрэхтэрин холбоон, үйэ аҥарыттан ордук, 53 сыл бииргэ эйэ-дэмнээхтик, дьоллоохтук олорбуттара. Онон кинигэбин түмүктүүр чааспар төрөппүттэрим туһунан ахтан-санаан аастым,” – диэн Иван Моисеевич кэпсээтэ.

Үөрүүлээх тэрээһини улуустааҕы киин бибилэтиэкэ салайааччыта Лидия Сыроватская иилээн-саҕалаан ыытта. Ыҥырыылаах ыалдьыттар, Иван Моисеевич аймах-билэ дьоно, аҕатын үөлээннээхтэрэ, үөрэппит оҕолоро кэлэннэр, итии-истиҥ эҕэрдэлэрин тириэртилэр. Ол курдук, улуус баһылыгын солбуйааччыта Раиса Старостина, Түгэһиир нэһилиэгин баһылыга Сергей Аликов, үөрэҕирии салайааччыта Петр Потапов, култуура салалтатыттан Полина Ефимова, Саккырыыр орто оскуолатын дириэктэрэ Дария Ефимова, «Бытантай уоттара” хаһыат эрэдээксийэтин шеф-эрэдээктэрэ Сардаана Копырина, Моисей Иванович үөлээннээҕэ Михаил Кириллин, аймахтар ааттарыттан Фаина Колесова, Моисей Иванович үөрэппит оҕолорун ааттарыттан Маргарита Слепцова эҕэрдэлээтилэр итиэннэ саҥа кинигэ улуус устуоруйатын үөрэтэргэ улахан суолталааҕын бэлиэтээтилэр.

Ааптар бар дьоно истиҥник ылыммыттарыгар ис сүрэҕиттэн махтанна уонна кэлбит ыалдьыттарга «Аҕам ахтыылара» кинигэни бэлэх уунна.

Сардаана Копырина

Читайте дальше