Улуус историятыгар сүҥкэн суолталаах кинигэ сүрэхтэннэ

Айар дьиэҕэ  биһиги эдэр эрээри, улууспут баай устуоруйатын кэрэһэлиир «Календарь знаменательных событий и дат Эвено Бытантайского национального улуса” уонна“Литературная карта” биобиблиографическай ыйынньык таһаарыылар сүрэхтэниилэрэ сүрдээх истиҥ эйгэҕэ буолан ааста.

Бу таһаарыылары кииннэммит бибилэтиэкэ ситимин салайааччыта Лидия Сыроватская түмэн оҥордо, тэхиниичэскэй үлэтин библиограф Анжелика Максимова уонна «Бытантай уоттара”  эрэдээксийэ оҥордулар. Бу сүҥкэн, сүдү суолталаах кинигэлэр тахсалларын сүрүн көҕүлээччитинэн  улуус баһылыгын солбуйааччыта Александра Иванова буолар, сүрдээх мындыр толкуй диэн бэлиэтиир тоҕоостоох. Эбээн Бытантай улууһа тэриллибитэ 35 сылын тэрээһиннэрин иитинэн улуус баһылыга Иннокентий Стручков үбүлээһини тутатына өйөөн, кинигэлэр күн сирин көрдүлэр.

Сүрэхтэнии үөрүүлээх түгэнигэр эҕэрдэ тылларын улуус баһылыга Иннокентий Стручков, Түгэһиир нэһилиэгин баһылыга Сергей Аликов, кылаабынай эрэдээктэр Яна Рожина, улуустааҕы түмэл дириэктэрэ Наталья Дмитриева, култуура салалтатын салайааччыта Степан Слепцов, «Үпэндьэл” бөлөх салайааччыта Елена Горохова уонна да атыттар эҕэрдэ, махтал тылларын эттилэр.

Мария Аммосова, Валерия Максимова үөрүүлээх тэрээһини баян тыыннаах доҕуһуолунан (Владислав Колесов) ылбаҕай ырыаларынан киэргэттилэр.

«Календарь знаменательных событий и дат Эвено Бытантайского национального улуса” – манна киирдилэр улуус биллэр – көстөр дьонун үбүлүөйдээх күннэрэ, улуус бэлиэ түгэннэрэ. Онтон, “Литературная карта” библиографическай ыйынньыкка биһиги улууспутуттан төрүттээх биллэр – көстөр поэттар, мелодистар уонна да атын айар куттаах дьоммут тустарынан сибидиэнньэлэр киирдилэр. Бу кинигэлэр интэриэһинэйдэрин ааһан олус туһалаахтар диэн,  көрбүт дьон бэлиэтээтилэр.

Сити курдук, дириҥ ис хоһоонноох, хас биирдии киһиэхэ туһалаах, наадалаах таһаарыылар тахсыбыттарынан өссө төгүл бука бары биир дойдулаахтарбытын, кииннэммит бибилэтиэкэ кэлэктиибин ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибит! Таһаарыылары сэргээҥ, бибилэтиэкэҕэ кэлэн көрүҥ, сэҥээриҥ.

Яна Рожина

Читайте дальше