Бүгүн Эбээн-Бытантай улууһун дьокутааттарын 6-с уочараттаах сиэссийэлэрэ буолла. Сиэссийэҕэ 15 дьокутааттан 11 киһи сырытта.
“Бастакы көрүллэр боппуруоһунан Эбээн-Бытантай муниципальнай оройуонун дьаһалтатын үлэтин-хамнаһын көдьүүһүн уонна инвестиционнай бэлиитикэни сыаналыыр көрдөрүүлэрин бигэргэтии буолла. Бу маннык сыаналааһын үс сылга биирдэ ыытыллар, онон ити этиллибит болдьох бүттэҕинэ төһө көдьүүстээҕинэн сыана биэриэхпит.
Иккис боппуруоһунан «Эбээн-Бытантай улууһун бочуоттаах олохтооҕо» бэлиэҕэ 3 ходатайство, тустаах докумуон киирбититтэн бу сыл бүтэһигэр улууспут үбүлүөйүн түмүктүүр тэрээһиҥҥэ туттарарга быһаарыныы ыллыбыт.
Үһүс боппуруоһунан улуус дьокутаата Сергей Сергеевич Попов муниципальнай сулууспаҕа көспүтүнэн боломуочуйатын болдьоҕун иннинэ тохтотто. Кини оннугар «Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа бэрээдэгинэн атын дьокутаат киириэҕэ.
Аныгыс улуус дьокутааттарын сиэссийэтэ күһүн атырдьах ыйыгар буолуоҕа», — диэн улуус дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Наталья Дмитриева сырдатта.
Сардаана Копырина