Дойдубут устуоруйатыгар сүҥкэн суолталаах Улуу Кыайыы 80 сылын бэлиэтииргэ төһө бэлэммитий, туох үлэ ыытылларый? Бу маннык ыйытыктаах Аллараа Бытантай нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччытыгар Алексей Баишевка тиийэн, сырдатарыгар көрдөстүм.
«Биһиги нэһилиэкпитигэр кыралаан бэлэмнэнии үлэтэ барар. Ол курдук, оробуочай бөлөхтөрү, тэрилтэ салайааччыларын кытары мунньахтар ыытыллаллар, өссө даҕны тэрээһиннэр тула субэ мунньах ыытыахтаахпыт.
Онтон билигин сэрии оҕолоругар муус, оттор мас тиэллиитигэр көмө оҥоһуллуохтаах. Нэһилиэкпитигэр, хомойуох иһин, айылҕа суруллубатах сокуонунан бэтэрээннэрбит барахсаттар улам аҕыйаан, билигин сэрии оҕолоро биэс буолан хааллылар.
Маны сэргэ Кыайыы былааҕын көтөҕүү, бэтэрээннэр көрсүһүүлэрэ, кэнсиэртэр уо.д.а. үгэс буолбут култуурунай тэрээһиннэри сэргэ ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитиигэ дьулуһуохпут,» — диэн Алексей Антонович сырдатта.
Куйаар ситимин сонуннарын көрдөххө, аахтахха, Сахабыт сиригэр кэлэр 2025 сылга Улуу Кыайыы 80 сылын көрсүүгэ барыта 60 тэрээһин ыытыллара былааннанар. Улуу Кыайыы 80 сылын бэлиэтээһин боппуруостарын сүрүн тиэмэ оҥостон, утумнаахтык сырдатар хайаан да наадалаах дии саныыбын. Устуоруйабыт чахчылара чуолкайдык, кырдьыктаахтык сырдатыллыахтаах, үйэтиллиэхтээх. Ааспыты туора сотор эдэр ыччат инникитэ сарбыллар диэн норуот муудараһа этэр. Бу этии кырдьыктааҕын билигин Украинаҕа буола турар быһыы-майгы көрдөрөр.
Улуу Кыайыыны уһансыбыт, уйгулаах олоҕу бэлэхтээбит аҕа көлүөнэ дьоммут өлбөт Мэҥэ ааттара сулус курдук сырдык буоллун!
Стас Попов, Кустуур орто оскуолатын иһинэн үлэлиир“Биракчаан” медиа киин кэррэспэндьиэнэ