Олохтоох дьаһалта 2023 сылга ыыппыт үлэтин билиһиннэрэбин. Бу иһитиннэрии түмүгүнэн эһиги олохтоох дьаһалта үлэтин сыаналаан, ырытан көрөн, инники үлэни — хамнаһы ыытарбытыгар сүбэ-ама буолуоххут, диэн эрэнэбин.
Нэһилиэккэ уопсайа хаһаайыстыбаннай кинигэҕэ киирбитинэн — 2339 киһи олорор, мантан устудьуоннарбытын, учуоттан уһуллубакка барбыт дьоммутун көҕүрэтэн, 1598 киһи баар, оскуолаҕа 278 оҕо үөрэнэр, оҕо уһуйаана 151 иитиллээччилээх. Доруобуйатыгар хааччахтаах 125 киһи баар, мантан 20 -тэ оҕо. 2023 сылга 23 оҕо төрөөтө, кэргэн буолуу – 0, арахсыы – 8. Үлэтэ суохтар учуоттарыгар бүгүҥҥү кэмҥэ 21 киһи учуокка турар.
Барыта 482 олорор дьиэ, ол иһигэр 9 (икки этээстээх) элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр, 1 ПМК уопсайа, 313 чааһынай дьиэ, МКД блокированнай — ол аата 2, 3, 4 кыбартыыралаах 87 дьиэ баар. Биир саҥа дьиэ киирдэ.
Муниципальнай олорор дьиэ уопсай иэнэ 16,946 тыһ.кв.м. тэҥҥэстэ. Жилфонд- 5208,3 кв.м, чааһынай – 22013,69 кв.м. элбэх кыбартыыралаахтар – 11738,0 кв.м., уопсайа – 38960,1 кв.м.
Олохтоох дьаһалтаҕа, муниципальнай дуоһунастарга 5 исписэлиис үлэлиибит. 1 муниципальнай тэрилтэлээхпит, «Гарпан» этнокультурнай киин, манна барыта 14 киһи үлэлиир.
Дьаһалта үлэтин — хамнаһын нэһилиэк бэрэстэбиитэллээх уорганын, ол эбэтэр, нэһилиэк дьокутааттарын Сэбиэтин кытта ыытабыт. Сэбиэт 13 дьокутааттан турар.
Бүддьүөт
2023 сыллааҕы бүддьүөт 2022 сыл бүтүүтэ ыытыллыбыт, нэһилиэк дьокутааттарын сессиятынан бигэргэтиллибитэ.
Прогноз быһыытынан олохтоох бүддьүөт кээмэйэ 46 848,35 тыһ. солкуобай, мантан нолуокка уонна атын дохуоттар кээмэйдэрэ 6 265,65 т.с. уонна 40 582,70 т.с. бүддьүөт икки ардынааҕы трансферт быһыытынан бигэргэммитэ.
Бүддьүөт ороскуоттуур чааһа – 46 848,35 т.с. ол эбэтэр дефицитэ суох бүддьүөт толору кээмэйэ ылыныллан турар.
Нэһилиэк бүддьүөтүн дохуотун чааһа араас нолуоктартан турар. Ол курдук: физическэй сирэйдэр нолуоктара – 10%, (5 623,50) биир кэлим тыа хаһаайыстыбатын нолуога – 50%, (43,40) уонна сиргэ нолуок – 100 % (15,00 тыһ. солк.) киириэхтээх.
Маны таһынан, ниэп бородуукталарыгар акциз төлөбүрүттэн (дизтопливо, моторные масла, бензин), уопсайа 448,75 тыһ. солк. киириэхтээх. Бу ыйыллыбыт сууммалар уопсай кээмэйдэрэ 6 265,65 т.с. тэҥнэһэр, этиллибитин курдук, араас нолуоктартан, хомуурдартан турар.
Федеральнай, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 40 582,70 т.с. киирэр. Ол курдук: 40 334,00 т.с. дотация быһыытынан — на выравнивание бюджетной обеспеченности, байыаннай учуоту ыытарга субвенция быһыытынан — 248,70 т.с., сүөһү ыарыытын утары — 29,64 т.с., субсидия быһыытынан үөрэх уонна култуура улэһиттэрин бырайыастарын төлөөһүҥҥэ – 545,00 т.с., ППМИ бырагырааматынан — 4 600,0 тыһ. солк., ити иһиттэн өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн — 4 мөл. солк., олохтоох бүддьүөттэн — 400,0 тыһ.солк., 200.0 тыһ.солк нэһилиэнньэ уонна спонсордар көмөлөрө.
Бүддьүөт ороскуоттуур чааһа маннык көрүҥнэртэн турар:
— байыаннай учуокка туруоруу (мобилизация) – 248, 700 т.солк;
— национальнай экономика салаатыгар – 2 223,500 т.солк, ол иһиттэн, тыа хаһаайыстыбатыгар – 400,00 т.солк;
— суол хаһаайыстыбатыгар – 448,750 т.солк;
— коммунальнай хаһаайыстыбаҕа – 11 168,87 т.солк;
— муниципальнай наадаларга, µлэлэргэ, өҥөлөргө – 1 000,00 т.солк;
— култуура, СМИ, киинэ эйгэтэ – 23 951,57,00 т.солк; (ЭКК «Гарпан»);
— култуура салаатыгар айан ороскуотун төлөбүрэ – 545,0 т.солк;
— социальнай политика – 1 250,00 т.солк;
— физическай культура уонна спорт – 100,0 т.солк.
“Молодая семья” эдэр ыалы олорор дьиэнэн хааччыйыы бырагыраамаҕа кыттыһан 500 тыһ.солк. көрбүппүт.
Муниципальнай баайы — дуолу учуоттааһына, бас билиигэ ылар докумуоннары онотторууга үлэ.
Нэһилиэк иһигэр баар 28 уулуссаттан, 27 уулусса “Росдормониторинг” реестырыгар киирдэ. Суут быһаарыытынан 2 хаһаайына суох эбийиэк нэһилиэк бас билиитигэр киирбиттэрэ, анал докумуоннаахтар.
Үс киһи уҥуоҕун харайар сир баарыттан, «Кубалаах» (10 850 кв.м) сиргэ докумуона оҥоһуллан турар. Киһини харайарга уматыгынан, сири хаһарга туттар тэриллэринэн көмө өрүү оҥоһуллар. 2023 сылга Саккырыырга 24 киһи өллө.
Бөҕү тоҕор, харайар сыбаалка ( 150 000 кв.м.) сирин докумуона баар. Сыбаалка приаэродромнай 6 подзонатыгар киирэринэн, манна рекультивация ыытыллыахтаах, ол эбэтэр, суох буолуохтаах. Бу Арктика улуустарыгар баар сыбаалкалар суол — иис суоҕуттан, сиргэ көмөр айылҕаҕа улахан дьайыы оҥорор диэн, бөҕү — сыыһы термическай обработкалыыр эбийиэктэри туруоруу былааҥҥа киирдэ. Бу боппуруоска ОДьКХ министиэристибэтигэр оробуочай бөлөх тэриллэн үлэлии олорор. Саккырыырга 2027 сылга диэри инник ангардаах установка туруохтаах. ТКО (кытаанах коммунальнай бөх-сыыс) былаһааккаларын оҥоһуутун кэлэр сылтан улуус дьаһалтата ыытара былааннанар. Контейнер турар сирэ бетон уонна күрүөлэммит буолара ирдэнэр. Билигин бөһүөлэк үрдүнэн 77 контейнер турар, эһиил эбии 30 контейнеры ГУП ОДьКХ филиала сакаастаан турар.
Нэһилиэк дьаһалтата саас, күһүн ырааһырдыы үлэтин аахсыйаларын, субуотунньуктары ыытар. Бу күһүн 27 куб бөх – сыыс тиэллибитэ.
Быйыл айылҕа уотуттан сэрэхтээх буолууга “Госпожнадзор” ирдэбилинэн, бөһүөлэҕи тула баар минерализованнай балаһа 112 миэтирэ саҥардылынна.
Уу тиэйэр тиэхиньикэ өрөмүөннэнэн үлэҕэ таҕыста.
Уулусса сырдаатыытыгар 11 ыйга барыта 606 тыһ. 388 солк. 23 харчы төлөннө. Бөһүөлэк үрдүнэн 163 лаампа туочуката баарыттан 96 лаампа умайар. Быйыл эбии 51 лаампа атыылаһаммыт 23 эргэ лаампа уларыйда, атына эбии холбонно. Саҥа лаампалары атыылаһарга уонна аҕалтарааһыныгар 120 тыһ. солкуобай ороскуоттанна. Кэлэр сылга уот тарыыба үрдээбитинэн сылга 780,989 тыһ. солкуобай төлөбүр эрэйиллэр.
Cуол — иис
Бөһүөлэк иһигэр уопсайа 22 уулусса 7 переулок баар. Суолбут устата 21,022 км.. Кытаанах бүрүйүүлээх суол (с твердым покрытием) суох, билиҥҥи суолларбыт туруктара олус мөлтөх, ПГС (песчано – гравийная смесь) кутабыт, көннөрүү үлэтин ыытабыт.
Быйыл улаханнык альданан турар суолларга куттубут. Ол курдук, 12 уулуссаҕа дефектнай акт оҥоһуллан, уопсайа 938 кубометр буордаах тааһы тиэйдибит. Биир саҥа түөлбэ уопсай суола таҥылынна.
Кэлэр сылга саҥа оскуола иннигэр баар, Н.А. Дмитриева уулусса суолун оҥотторор сыалтан ППМИ бырагырааматыгар сайаапка биэрдибит, смета докумуонун оҥоттордубут.
Быйыл үрүйэ туоруур 3 далаһаҕа өрөмүөн ыытылынна. 1 далаһа эргэрэн, маһа эмэх буолан, төрдүттэн көтүрүллэн бетон бүрүөһүн оҥоһулунна, 2 муостаҕа эбии сварочнай үлэ ыытылынна, турар миэстэтэ бөҕөргөтүлүннэ.
Олорор дьиэ-уот туруга
Уопсай дьиэлэр эргэрдилэр, Арассыыйа үрдүнэн ыытыллар хаарбах туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү бырагырааматыгар киирбиппит. 6 дьиэ хаарбах туруктаах дьиэ ахсааныгар киирэн тураллар. Биир уопсай дьиэ уоттан уонна ититэр ситимтэн араарылынна.
Бырагыраама чэрчитинэн 3 дьиэ тутуллара быланнанан турар, бастакы дьиэ тутуута саҕалламмыта.
Салҕыы бырагыраама сүнньүнэн уопсайа эбии 43 дьиэ, ол эбэтэр 126 кыбартыыра киллэрэргэ үлэ ыытыллар.
Уопсай дьиэлэр туруктара мөлтөх, дьиэлэр ис-тас көстүүлэрэ, уопсай ааннар, подъездтар туруктара быстар мөлтөх. Нэһилиэккэ управляющай хампаанньа суо, онон бу кыһалҕаны туоратар сыалтан быйыл подьезтар уоттарын холбооһуна уонна киирэр ааннарын өрөмүөнэ ыытылынна.
Эбии 50 ыалга АДПИ (автономнай пожарнай извещатель) туруордубут.
Уопсай дьиэлэр олохтоохторо үксүлэрэ кыбартыыралара приватизациялаах, сорох уопсайдарга аҕыйахтыы ыал олорор. Квартплата төлөбүрэ бириэмэтигэр киирбэт, иэс төлөммөккө муниципальнай тэриллиилэргэ ыйанар.
Киин ититии ситимҥэ холбонуу үлэтэ тиһиктээхтик ыытыллар. Быйыл уопсайа эбии 8 эбийиэк холбонно.
Былырыын олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраамаҕа (ППМИ) киирсэн, 2 сайаапкабыт кыайылаах тахсан, от ыйыгар Үп министиэристибэтин кытары сүбэлэҥ түһэрсибиппит. Кыайбыт сайаапкаларынан, ыты быстах кэмҥэ тутар пуун матырыйаалын атыылаһарга уонна Портовская уулусса сырдатыытын тэриллэрин ылыыга. Ыйыллыбыт уулуссаҕа 36 лаампалаах опора туруохтаах. Бу үлэ эһиил ыытыллара былааннанар.
Сир — уот
Хаһыс да сылын сир кадастрыгар улахан үлэ ыытыллар. Нэһилиэк иґинээ±и ититии ситимин схематыгар уларытыы киллэрээрибит “Комплекс землеустроительных работ по установлению и расширению границы населенного пункта с. Батагай-Алыта, мероприятия по топографо-геодезическим работам”, диэн улахан хабааннаах үлэ бара турар. Ититии ситимин схемата туохха нааданый диир буоллахха маннык, ГУП ОДьКХ министиэрстибэтэ былаанынан үлэлиир, биһиэхэ баар схемабытыгар, бөһүөлэкпит үөһэ өттүгэр саҥа квартальнай хочуолунай киирбэккэ турар. Маны көннөрөр сыалтан биһиги бастаан сир кадастрын үлэлэрин ыытыахтаахпыт, баар дьиэлэрбитин, уулуссаларбытын турар миэстэлэрин чопчулаан көннөрөн киллэттэрэбит, бөһүөлэкпит кыраныыссатын кэҥэттэрэбит. Сорох саҥа дьиэлэрбит бөһүөлэк кыраныыссатыттан тахсан тураллар, манна олорооччулар техусулуобуйа дуогабарын да, дьиэ бас билиитин докумуоннарын да кыайан ылар кыахтара суох. Онон, ититии ситимин схематыгар уларытыы киллэрдибит. Бу ГУП ОДьКХ инвестбырагырааматыгар киирэрбитигэр биир сµрµн ирдэбил буолар. “Ойгидо” түөлбэ хочуолунайын тутуутун тула µлэлиибит, билиҥҥи кэмҥэ ГУП ОДьКХ тэхиниичэскэй соругун (техзадание) оҥороллор. Хочуолунай турар сирин Саккырыыр генбылааныгар киллэрэн турабыт. СаІа хочуолунайбыт бырайыактыыр-симиэтэлиир докумуона (ПСД) – 7 мөл.659 450 солк., ититии ситимин тардыыта – 5 міл. 151 900 солк. тэҥнэстэ. Бу аҥардас докумуон оҥоруутун сыаналара.
“Саха оҕуһа” бааматынньык таІыллан саІа сквер арылынна. Сиригэр көннөрүү үлэтэ ыытылынна, уот ситимин тартыбыт, эбии баҕана туруоран биэрдибит. Дьокуускайтан матырыйаалын тиэрдиитин ороскуотун үбүлээһинин олохтоох дьаһалта уйунна.
Ыччат, спорт, култуура, чөл олох, уопсастыбаннай бэрээдэк
Ыччат, спорт, чөл олох, үөрэх быстыспат ситимнээхтэр. Биһиги нэһилиэкпитигэр талааннаах, сырдыкка, кэрэҕэ, спортка тардыһар ыччат элбээн иһэрэ үөрдэр. Олохтоох дьаһалта маннык көҕүлээһиннэри өйүүр, ыытыллар тэрээһиннэргэ бириис өттүнэн өрүү көмөлөһөбүт.
“Гарпан” этнокултуурунай киин матырыйаалынай – тэхиниичэскэй баасатын бөҕөргөтөр сыалтан куонкуруска кыттабыт, сыанаҕа турар LED экран ылыахпыт диэн. Кэлэр сылга көрөөччү саалатыгар муостатыгар үлэлэри ыытыахпыт. Быйыл баһаартан сэрэхтээх буолууга ирдэбиллэргэ үлэлэстибит.
***
Бэйдиэ ыт кыһалҕата сытыытык турар. Анал дьаһал таһааран, бэтэринээрдэр, полиция, олохтоох дьаһалта исписэлиистэрэ, нэһилиэк дьокутааттара хамыыһыйанан ыттаах дьоҥҥо эриэйдэнэн сылдьан чииптээһин, паспортизация уонна профиалктическай бэсиэдэ ыыппыттара. Күһүҥҥү эриэйдэ түмүгүнэн 4 хаһаайыҥҥа акт оҥоһулунна, миэрэҕэ тардыллыахтара. Бу үлэ салҕанар. Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагырааматын куокурсугар кыайаммыт, быстах кэмІэ ыты тутар пуун матырыйаалларын ылбыппыт, тиэллэн кэлиэхтээх. Олохтоохтор ыттаргытын баайа сылдьыІ! Оҕолорго, кырдьаҕастарга кутталы суоһаамаҥ, бэйэ бэйэни харыстыахха.
***
Өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар куонкуруска кыттаммыт норуот дружинатын өйөөһүҥҥэ эбии үп көрүлүннэ, уопсайа 173513,60 солк., бу иһигэр олохтоох дьаһалта 20 тыґ.солк. көрбүтэ. Бу үп дружинаны көҕүлээһиҥҥэ, эбии таҥас – сап ыларга туттуллуоҕа. Билиҥҥи кэмҥэ дружинаны таҥаһынан – сабынан, рациянан, банаарынан толору хааччыйбыппыт. Дружина сµрдээх µчµгэйдик µлэлиир. Ол курдук, эриэйдэлэргэ, ыытыллар тэрээһиннэргэ уо.да. барытыгар кыттыґалар.
Сылын аайы сайыҥҥы кэмҥэ оскуола оҕолорутан волонтердар этэрээттэрэ тэриллэн үлэлиир. Ааспыт сайын 10 оҕо волонтердаата. Бу үлэлэр Дьарыктаах буолуу киинин нөҥүө ыытыллыбыттара, биһиги өттүбүтүттэн хамнастарыгар 143741 солк. 35 харчы үбүлээһин көрбүппүт.
Социальнай көмө
Араас балаһыанньаҕа түбэспит, ыарахаттары көрсүбүт дьоҥҥо биир кэлимнээх матырыйаалынай көмө оҥоһуллар. Быйыл манна 560 тыһ.солк. көмө оҥоһулунна, барыта 34 ыал туһанна. Билигин биир сайабылыанньа көрүүгэ сылдьар. Маннык көмө 3 сылга биирдэ көрүллэр, нэһилиэк дьокутааттарын сэбиэтин хамыыһыйата быһаран тыырар.
Саас тутуу матырыйаалын куорат сыанатынан сайаапкалаахтарга тиэйэн биэрбиппит. Барыта 22 араас тутуу матырыйаалын, 43 киһиэхэ тиэрдилиннэ.
Хаһыс да сылын СӨ олоҕу хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт хоту оройуоннарга таараламмыт уматыгы тиэрдэр бырагыраамата үлэлиир. Быйыл Саккырыырга 50 туонна 112 лиитирэ бэнсиин уонна 9 туонна 216 лиитирэ сэлээркэ нэһилиэнньэҕэ атыыланна.
***
Түөлбэнэн үлэ тиһиктээхтик ыытыллар. Тэтиммитин ыһыктыбакка мантан инньэ үлэбитин өссө күүһүрдүөхпүтүн наада. Саас түөлбэлэринэн Аҕа күрэҕин ыыппыппыт. Маны тэҥэ, стендовай ытыыга күрэх оҥорбуппут.
Ыччат министиэристибэтинэн ыытыллар ТОС (территориальное общественное самоуправление) бырагыраамаҕа кыттаммыт, Грант ситиспиппит. Манна уопсайа 615 тыһ.солк., утарыта үбүлээһиҥҥэ улуустан 100 тыһ.солк, нэһилиэктэн 5000 солк. Бу үп бырагыраама сүнньүнэн 5 араас хайысхаҕа туттулунна. Ол курдук, байыаннай дьайыыга сылдьар дьоммут дьонноругар көмөҕө, уулуссаларбытын сырдатыыга, түөлбэлэр ыытар тэрээһиннэрин өйүүргэ туттулунна. Маны таһынан, Кыайыы скверыгар бетон тротуар оҥоһулунна, суоллар өрөмүөннэннилэр.
Тыа хаһаайыстыбата
2020 сыллаахха улуус дьаһалтата “Дьиэ кэргэн экономикатын өйөөһүн” бырагырааматын ылыммыта. Бу чэрчитинэн биһиги нэһилиэнньэ сайаапкатынан түргэн ситэр салааны, 500 куурусса уонна 20 сибиинньэ оҕотун куорат сыанатынан аҕалбыппыт. Быйыл кууруссаларбыт Нерюнгри курдук ыраах сиртэн кэлбиттэрэ. Улуус дьаһалтата айан ороскуотун уйуммута, сүрдээх төһүү өйөбүл. Маны таһынан, улуус дьаһалтата кыһыҥҥы суолунан куурусса, сибиинньэ уо.д.а. эбилик аһылыгы сайаапканан аҕалтарбыта.
Пилотнай бырайыак быһыытынан тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар 23 дьиэ кэргэҥҥэ 51 устуука газ баллон уонна 19 гаас оһох түҥэтилиннэ.
Байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар уонна
кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө
Анал байыаннай дьайыыга биһиги нэһилиэктэн 14 уол сылдьар.
Нэһилиэкпит дьоно барар уолаттарга биирдилээн, түөлбэннэн, тэрилтэннэн ким төһө кыаҕынан харчы хомуйаннар, тэрийэн ыыппыппыт. Түгэнинэн туһанан, бука барыгытыгар улахан махталбын этэбин. Дьаһалта эмиэ туора турбакка, суһал быһаары ылынан көмө оҥордубут:
-8 уолга улахан 60 кг. рюкзактары уопсайа 20 тыһ. солкуобайга ылбыппыт;
-Хас бирдии дьиэ кэргэҥҥэ 10 тыһ. биир кэлимнээх көмөнү оҥордубут;
— Дьоруойдуу тыыннара быстыбыт уолаттарбыт 2 дьиэ кэргэттэригэр 70-нуу тыһ.солк. көмөлөстүбүт.;
— ыарахан бааһырыын ылбыт байыас ийэтэ барарыгар Москубаҕа диэри айаныгар 50 тыһ.солк.;
— Аҕа дойду көмүскээччилэрин күнүгэр бэлэххэ 46,4 тыһ. солк. (атах таҥаһа, наадалаах табаардаар);
— 15192 солк. төлөпүөн сэрээттиир тэриллэр;
— 250 тыһ.солк. антидроновай саа;
— 133 400 солк. тепловизор ылан тиксэрбиппит;
— 7 дьиэ кэргэҥҥэ куораттан бородуукта тиэйиитин ороскуотун уйуммуппут;
— 17 дьиэ кэргэҥҥэ босхо биирдии куул хортуоппуй ылан түҥэппипит;
-быстах хомуурга сылдьар байыастарбыт дьонноругар чууркаламмыт хаппыт мас түһэттэрдибит;
— оскуола, уһуйаан оҕолорун таһарга, кыһыҥны кэмҥэ ый аайы 40 лиитирэ уматык биэрэбит;
— үлэ кэлэктииптэрэ байыастар дьонноругар муус тиэйэн, куруутун көмө оҥоро тураллар, улахан махталбын тириэрдэбин;
— ГУП ОДьКХ филиала үс ыалга киин ититэр ситими тартылар, 3 ыал холбонно, дьаһалта турбаннан көмө оҥордо;
— «Гарпан» этнокултуурунай кииҥҥэ буолар тэрэһиннэргэ босхо сылдьалларыгар быһаарыы ылылынна;
— 2 ыалга суолларын кутан, тэҥнээн биэрдибит.
Манан көмөбүт бүппэт, кыра ити бу кыһалҕалары туоратарга бэлэммит, куруутун билсэ, истэ — көрө олоробут.
Кэлэр сылга былаан элбэх, нэһилиэкпит сайдарын туһугар бары тµмсэн, бииргэ ылсан, баар кыһалҕаларбытын туоратарга күүс — көмө буолуоххут, диэн эрэнэбин.
Түгэнинэн туһанан, Түгэһиир нэһилиэгин олохтоохторун кэлэн иһэр саргылаах Саҥа Дьылынан итиитик — истиІник эҕэрдэлиибин! Кэлэн иһэр сылга баҕарыам этэ эһиэхэ — эйэни, үлэҕэ — үөрэххэ ситиһиилэри, табыллыыны. Бары саҕалааһыҥҥыт уонна былааннаабыккыт олоххо киирдиннэр, туруктаах олохтонуҥ, дьоллоох буолуҥ!
«Түгэһиир нэһилиэгэ»
МТ баһылыга Сергей Аликов