Убаастабыллаах биир идэлээхтэрбит, ытык-мааны бэтэрээннэр, күндү уопсастыбаннай кэррэспэндьиэннэрбит, эрэллээх ааҕааччыларбыт!

Национальнай  Бэчээт күнүнэн

итиитик – истиҥник эҕэрдэлиибин!

Национальнай Бэчээт күнэ – 2020 сыллаахха олохтоммута. Бу күн 1907 сыллаахха, Василий Никифоров – Күлүмнүүр көҕүлээһининэн «Саха дойдута” хаһыат икки тылынан тахсыбыта. Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ  барыта 208 сырдатар – иһитиннэрэр ситим үлэлиириттэн , 92 бэчээттэнэн тахсар.

Аныгы кэм тэтимнээх долгунугар ханна туох буола турарын, өйөбүл ханнык көрүҥнэрэ баалларын, хас биирдии киһи олоҕор интэриэһинэй, үтүө өттүнэн сабыдыаллыыр иһитиннэриилэр куйаар ситимин, хаһыаттар нөҥүө тарҕаналлар, дьон-сэргэ  наадалаах билиитин, иһитиннэриитин ылан, саҥа кыахтары хото туһанар. Бу маныаха бэчээт эйгэтин үлэһиттэрин түргэн туттунуута, сонуну иилэ хабан ылан сырдатыыта, хаачыстыбалаах өҥөнү биэриитэ, хас биирдии үлэһиттэн быһаччы тутулуктаах.

Хаһыат кумааҕынан бэчээттэнэн тахсарын таһынан, куйаар ситимин нөҥүө сонуну түргэнник тарҕатыы ньымата кимэн киирдэ.  Биһиги араас информационнай былаһааккаларга, сонуну түргэн кэмҥэ куйаар нөҥүө сырдатарга кыһаллан үлэлиибит. Кэккэ сылларга кыах баарынан араадьыйаҕа, тэлэбиидэнньийэҕэ сонуннары таһаарабыт. Уһук хоту тайаан сытар, Эбээн Бытантай улууһа олоҕо – дьаһаҕа, ыытыллар үлэ киэҥник тарҕаннын, социальнай – экэнэмиичэскэй сайдыыга дьоһун хардыылар оҥоһуллалларыгар олук буоллун,  диэн сыаллаах. Бу биһиги, эрэдээксийэ кэлэктиибэ баҕа өттүнэн үлэбит буолар. Биллэн турар, үчүгэй, аныгы тэриллэр уонна сибээс эрэ хаачыстыбата тупсара наадалаах. Эрэдээксийэ үлэтэ – хамнаһа харах далыгар көстө сылдьар. Кырдьыктаах эрэ сонуну таһаарар, биһиги үлэбит сүрүн ирдэбилэ. Куйаар ситимигэр, хаһыакка сонуну тарҕатыы, бэччэттээһин, ону таһынан сакааска үлэлээһин, бу барыта таска көстүбэт бүтүн кэллэктиип түмсүүлээх, сыралаах үлэтин түмүгэ буолар. Ыытар үлэбитин үрдүкү салалтабыт уонна баар суох күндү дьоммут — ааҕааччыларбыт биһирииллэрин этэллэрэ — бу биһиэхэ туохтааҕар да күндү, ордук үрдүк хайҕабыл. Үлэ быһыыта тохтообот, хаһыат тахсар, эрэллээх ааҕааччы аҕыйаабат, ол аата бэчээт эйгэтэ тыыннаах. Инникитин кэккэ былааннар элбэхтэр, олоххо киирэллэрин туһугар үлэлиибит — хамсыыбыт, үүнэбит — сайдабыт.

Түгэнинэн туһанан, улууспут баһылыгар Иннокентий Николаевичка, нэһилиэктэр дьаһалталарыгар,  норуот дьокутаатыгар Сергей Сивцевка  тус бэйэм уонна кэлэктиип аатыттан  дьоһун өйөбүлгүт иһин муҥура суох махталбытын этэбит.

Маны тэҥэ, үтүө сүбэлээх бар дьоммутугар, бииргэ үлэлэһэр тэрилтэ салайааччыларыгар, биир дойдулаахтарбытыгар кэллэктиип аатыттан истиҥ махталбын этэбин.

Бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрбин, күндү уопсастыбаннай кэррэспэндьиэннэри, ытык – мааны бэтэрээннэри, ааҕааччыларбытын өссө төгүл Национальнай Бэчээт күнүнэн ис сүрэхпиттэн иэйэн туран эҕэрдэлиибин! Баҕарабын сытыы бөрүө сыппаабатын, уҕараабат эрчими, таһаарыылаах үлэни, дьоһун хамнаһы, чэгиэн туругу! Или — эйэни!

 

Яна РОЖИНА,

«Бытантай уоттара» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ