Түмэл эбэтэр мусуой — устуоруйа, култуура хаамыытын кэрэһэлиир малы-салы хомуйар, үөрэтэр, харайар уонна көрдөрөр тэрилтэ, эбии үөрэтэр-сырдатар уонна билиини тарҕатар аналлаах.
Көмпүүтэр уонна интэриниэт сайдыбыттарын кэннэ араас диискэлэргэ уонна ситимҥэ виртуал түмэллэр үөскээбиттэрэ.
Эбээн Бытантай түмэлэ киин куораттан төһө да ыраах, хоту сыттар аныгы олох ирдэбилинэн виртуальнай хайысханнан эмиэ үлэлии сылдьыбыта.Сиһилии Ирина Слепцова, улуус түмэлин салайааччыта маннык кэпсиир.
— «Улууспут историятын уонна этнографиятын түмэлин сүрүн пуондатыгар 3107 экспонат баар. Быйыл экспонат турар саалаларыгар кыра уларыйыы таһаардым, ол курдук бастакы саалаҕа Бытантай сахаларын, түгэһиир эбээннэрин историятын кэпсиир экспонаттар турдулар. Иккис саалабытыгар сүрүннээн түгэһиир эбээннэрин таҥнар таҥастара, олоххо туттар иһиттэрэ-хомуостара, булка туттуллар экспонаттар турдулар. Михаил Колесов улуус музейыгар анаан чуораа дьиэ макетын аҕалыах буолбута, ол экспонат саалабытын өссө киэргэтиэҕэ, диэн эрэнэ күүтэбит.
Сүрүннээн биһиэхэ архыып докумуоннара туттарылыннылар. Архыып докумуоннара улууска араас сылларга үлэлээн-хамсаан ааспыт дьоммут үлэлэрин-сыраларын кэпсиир, туоһулуур докумуоннара, мэтээллэрэ буолар. Бу сүрүннээн билим үлэлэри оҥорор оҕолорбутугар, ыччаттарбытыгар, тус бэйэм үлэбэр туттарбар олус наадалаах пуонда буолар дии саныыбын.
Биһиги улууспут түмэлин ураты экспонаттара, диэн 19 үйэтээҕи дьахтар соно, Баргачаан (суруйааччы) ийэтин сарыы соно, Е.И Кейметинова Сэбээн Күөл олохтооҕун соно. Маннык экспонат биһиги эрэ улууспут түмэлигэр баар, түгэһиирдэр төрүт ойууларын, өҥнөрүн көрдөрөр. Маны таһынан, Акындьа кинээс сыдьааннарыгар хаалларбыт сахалыы дьахтар кура. 1984 сыллаах үрүҥ көмүс сирэйдээх ат ыҥыыра. Эмэндэрээнтэн аҕалыллыбыт
«очажные крюки» уонна «чехол для очажных крюков» 19 үйэтээҕи көс эбээннэр ( табаҺыттар)- Колесовтар тутта сылдьыбыт маллара.
Инники былааммыт элбэх, кэлэр сылга бырайыактарга кыттар былааннаахпыт. Куонкуруска кыайдахпытына түмэлбит иҺин таҺын тупсарарга туттуохпут, диэн баҕа санаалаахпын.
Билигин үйэ сайдан цифровизация үлэтэ ыытыллар, кыралаан экспонаттарбытын компьютерга киллэрэбин. Бу үлэ түмүгүнэн, экспонаттары интернет ситиминэн көрүөххэ сөп буолуохпут.
Биһиги түмэлбитигэр баҕалаах дьон экспонат биэрэргитин кэтэҺэбит диэн биллэриэхпин баҕарабын. Улууспут историятын хаҥатарга эбии экспонат туттарыҥ, диэн биир дойдулаахтарбын ыҥырабын.
Анаан туттар тэрил да буолбатар, былыргы хаартыскалары уо.д.а. аҕалан туттарыаххытын сөп.”