Номнуо сэтинньи ый – Байанай ыйа чугаһаата. Ону кытта сахаларга урут-уруккуттан үгэс буолан кэлбит муус аннынан балыктааһын – муҥхалааһын саҕаланар. Өбүгэлэрбит балыктыылларыгар эҥин эгэлгэ булт тэриллэринэн тутталлара, оттон үгүстэрэ баччааҥҥа диэри сүппэккэ-симэлийбэккэ үлэни-хамнаһы чэпчэтэн, туһалаан кэллилэр. Бүгүн эһиэхэ муҥха тэриллэрин билиһиннэрэбит. Дьэ эрэ, күннээҕи олохпутугар төһө сөпкө саҥарабытый, тылы табатык туттабытый?