Кэрэ кэпсээн кэһиилээх
Кэлбит сааскы сарсыарданан,
Кууһан ылар сардаҥалыы
Үүммүт сааскы саҥа күн
Үтүө сурахтаах буоллун, диэн туран, бүгүн биһиги бөһүөлэкпит биир саамай сэдэх идэлээх, эдэр, баар — суох тутаах киһибит Семен Петрович Рожин туһунан кэпсиибин. Кини куруутун ыҥырыыга сылдьар үлэһит. Ол курдук, телевизор, антенна, интернет туруорааччы, инник тиэхиньикэлэри биэс тарбаҕын курдук баһылаабыт, нэһилиэккэ биир саамай тутаах киһибит. Соторутааҕыта кини «Кочевник 2» ыстаадаҕа тиийэ ыҥырыллан баран, икки сиргэ Чикэндэҕэ, Суоҥаччааҥҥа интернеттэрин көннөрөн сибээстэрин олохтоон кэллэ. Ватсабынан кэпсэтэр кыах холбоон, оҥорон ыстаада үлэһиттэригэр киин сири кытта ситими олохтоото. Оҕо бөҕө тахсыбыта, онон сибээһэ суохтара моһуок этэ. Билигин бэйэбит оҕобут ыраах айаннаан тиийэн, сибээстэрин холбоон табаһыттар махталларын тиэрдэллэр. Бөһүөлэккэ да кинитэ суох сибээс ханнык да көрүҥэ кыаллыбат. Үлэнэн туох бары кэмнэнэр, үлэттэн дьол – соргу тарҕанар. Майгытынан да аламаҕай, көрсүө сэмэй киһибитигэр Семеҥҥа тустаах үлэтигэр дьиҥ – чахчы бэриниилээх бүгүрү киһиэхэ, үрдүк билиини иҥэринэҥҥин, үгүһү элбэҕи ситиһэн, үлэһит үтүөтэ буоларгыттан астынабыт, киэн туттабыт. Санаабыккын саргылаа, ылсыбыккын ыһыктама, ыарахан диэн чаҕыйбакка, уустук диэн толлубакка, инниҥ диэки эрчимнээхтик эрдинэн ис! Үлэ, үлэ барахсан буоллаҕа дии, олох туллар тутааҕа, дьону дьоллуур, киһини кэскиллиир.
Үлэнэн туох барыта кэмнэнэр,
Үлэттэн дьол – соргу тарҕанар.
Саҕалаабыккыт үтүө түмүктээх, ылсыбыккыт үрдүк ситиһиилээх буоллун, үлэҕит үрдээн, ситэн силигилээн истин, ылсыбыккынтын ыпсаран, толкуйдаабыккытын толорон иһиҥ.
Мария Саргина