Арассыыйа үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, Саха сирин үөрэҕириитин туйгуна, «Гражданскай килбиэнин иһин» бэлиэ хаһаайына, Эбээн-Бытантай улууһун бочуоттаах олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, 57 сыл педагогическай ыстаастаах, ол иһигэр уһуйааҥҥа 26 сыл үлэлээбит С.А. Архипова аатынан дьиэ кэргэнэ анаабыт 25000 солк. сууммалаах истипиэндьийэни оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин бастыҥ педагога, үрдүк категориялаах логопед учуутал Люция Рожина ылла.
«Стипендия сыала-соруга диэн ийэбит сырдык аатын, үлэтин үйэтитии, иитээччи идэтин киэҥ эйгэҕэ таһаарыы, уопсастыбаҕа суолтатын үрдэтии буолар.
Архиповтар дьиэ кэргэн истипиэндьийэтэ быйыл үһүс сылын туттарылынна. Бу сылга дьиэ кэргэн быһаарыытынан олус диэн таһаарыылаахтык, сүрдээх айымньылаахтык 20 сыл устата уһуйааҥҥа үлэлии сылдьар үрдүк таһымнаах исписэлиис, логопед үлэтин толору баһылаабыт, үгүс оҕоҕо көмөлөспүт Люция Рожина ылла. Люция Егоровна бу сылга ситиһиитэ үгүс. Ол курдук, IV-с кэтэхтэн өрөспүүбүлүкэтээҕи методическай разработка курэҕин «Авторские логоназолки» номинация кыайыылааҕа, Арассыыйаҕа Педагог уонна настаабынньык сылыгар туһуламмыт «Инновации и развитие -2023» II-с өрөспүүбүлүкэтээҕи, I-кы Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-практическай конференцияҕа I ист. диплом, «Северная мозаика» үөрэҕирии үлэһиттэрин II-с улуустааҕы педагогическай дьаарбаҥкатыгар «Лучшая мастерская педагога» номинация кыайыылааҕа, II-с ист. диплом хаһаайката, «Росконкурс» Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска «Инклюзивное образование детей с ОВЗ в условиях реализации ФГОС в ДОУ» номинацияҕа II-с ист. диплом, үгүс методическай разработкалар ааптардара, көхтөөх уопсастыбанньык, эдэр иитээччилэр настаабынньыктара буолар.
С.А. Архипова аатынан истипиэндьийэ 3 сыл устата Саккырыырдааҕы «Хаарчаана» оҕо уһуйаанын иһинэн ыытыллыбыт эбит буоллаҕына, эһиил 2024 сылтан улуус таһымнаах оҥорорго быһаарынныбыт. Оччотугар улууспут уһуйааннарын бары иитээччилэрэ кыттар кыахтаналлар. Бу иитээччилэри өссө таһаарыылаах үлэҕэ-хамнаска, ситиһиилэргэ көҕүлүүр күүс буолуоҕа», — диэн С.А. Архипова төрөппүт кыыһа, «Хаарчаана» уһуйаан сэбиэдиссэйэ Сардана Софронова сырдатта.