Судаарыстыба өйөбүлэ эдэр табаһыт дьиэлэнэригэр кыах биэрэр

Ааспыт сыл түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ таба иитиитэ тэтимин ылан, дойду үрдүнэн үс бастыҥнар истэригэр киирэри ситистэ. Биэс сыл устата дьиэ табатын төбөтө 170 тыһыынчаҕа тэҥнэспит. Манна сүрүн көҕүлээһининэн, “Дьоҕус уонна орто урбаан» барыл чэрчитинэн төрүт дьарык тэрилтэлэрин  өйүүр грант тиһигэ буолар. Бу бырайыак 2019 сыллаахха дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээн, олоххо киирбитэ.

Саха сиригэр үс сыл устата маннык өйөбүлү 51 эдэр табаһыт ылбыта. 2021 сыллаахха диэри бырагыраама хоту эрэ улуустарга үлэлиир эбит буоллаҕына, кэлин бары улуустар хабыллаллар. Өйөбүлү дьиэ атыылаһарга, туттарга, дьиэ кирэдьиитин сабарга, бастакы усунуоска туттуоха сөп. 2020 сылга өйөбүлгэ 11 мөл.солк. көрүллүбүт, 2021-2022 – 20 мөлүйүннүү солк., 2023 сылга бырагыраама тохтуу сылдьыбыт, онтон быйылгы сылга 28 мөл.солк. көрүлүннэ, — диэн Ил Дархан уонна СӨ Бырабыыталастыбатын пресс – сулууспата иһитиннэрэр.

Эбээн Бытантайга төрүт дьарыгы өрө туталлар.

Кэлиҥҥи сылларга эдэр ыччат таба иитииигэр утумнаахтык ылсар. Маныаха судаарыстыба өйөбүлэ төһүү буолар. Ол курдук, сайыҥҥы кэмҥэ оскуола оҕолоро тахсан табаһыттарга күүс – көмө буолаллар. Кинилэргэ Арктика министиэристибэтин көҕүлээһининэн Дьарыктаах буолуу киин нөҥүө хамнас көрүллэр. Маны тэҥэ, «Эдэр табаһыт» бырагырааманан 2020 сылга -1, 2021 сылга – икки табаһыт туһанан тураллар.

Бу сүрдээх үчүгэй бырагыраама киирэн үлэлиир. Инники сылларга өйөбүл 1 мөл.солк. эбит буоллаҕына, быйыл уларыйыы киирэн 2 мөл.солк. буолара сабаҕаланар. Биһиги улууска бу өйөбүлүнэн 3 эдэр табаһыт туһаммыттара. Быйылгы сылга 5 киһи докумуонун хомуйарга көмөлөһөн, сайаапка ыытан эрэбит.  Бырагыраама ирдэбилинэн табаһыт  5 сыл бу хайысхаҕа үлэлээбит буолуохтаах. Ону тэҥэ, өйөбүл ылан баран өссө 5 сыл үлэлииргэ дуогабар түһэрсэр. Атыылаһар, биитэр туттар дьиэтэ үлэлиир сиригэр, ол эбэтэр манна буолуохтаах. Биһиги улууспутугар кэлиҥҥи сылларга эдэр табаһыт ахсаана элбиир. Ордук элбэх ыччат «Кочевник» ородобуой община ыстаадаларыгар (сал.Альберт Колесов) бааллар», — диэн улууска тыа хаһаайыстыбатын салалтатын салайаччыта Лена Бочкарева кэпсээтэ.

«Биһиги бу өйөбүлүнэн 2021 сыллаахха 1 мөл.солк. ылбыппыт. Ол харчыбытынан дьиэ атыыласпыппыт. Бу иннинэ куортаҥа олорбуппут. Онон, бэйэбит бас билэр дьиэлэнэн олоробут, үс оҕолоохпут. Табаһыт ыччакка наһаа үчүгэй бырагыраама дии саныыбын. Билигин аҕабыт анал дьайыыга сылдьар. Судаарыстыба хоту улуус олохтоохторугар, чуолаан таба иитиитин курдук ыарахан хайысхаҕа үлэлиир дьону өйүүрэ, төрүт дьарык эстибэтин түстүүр буоллаҕа», -диэн Марианна Васильева  санаатын үллэһиннэ.

Туох кистэлэ кэлиэй, кэккэ сылларга табаһыт хамнаһа быстар кыра этэ. Күннэри – түүннэри өҥүрүк куйааска, тыал – буурҕа быыһынан табаны маныыр, чэпчэкитэ суох дьарыгы, өбүгэ утумун  өрө тутар, салҕыыр дьоммутун судаарыстыба өйүүрэ, кинилэргэ болҕомто уурара хайҕаллаах.

Яна РОЖИНА

 

 

Читайте дальше