Спорт түһүлгэтигэр улууспут аатын ааттаттылар

Бэс ыйын 10 күнүгэр бары муниципальнай оройуоннар уонна үөрэх тэрилтэлэрэ кыттыылаах өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэрин Спартакиадалара ыытыллан түмүктэннэ. Спартакиада былаан быһыытынан Нам улууһугар ыытыллыахтааҕын айылҕа моһоллоон Дьокуускай куоракка буолан ааста.

Санатан суруйдахха, 2021 сыллаахха Арассыыйаҕа 2030 сылга диэри оҕо спордун сайыннарыы Концепцията уонна ол олоххо киириитин тэрээһиннэрин былаана ылыныллыбыта. Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев бырабыыталыстыбаҕа эрэгийиэннээҕи бырагырааманы толкуйдуурга уонна олоххо киллэрэргэ соруйбута. Эрэгийиэннээҕи бырагыраамаҕа оскуолаларга физкултуура уруогун чааһын элбэтэр, спортивнай кулууптары тэрийэр, маассабай бырагыраамалары (ГТО) популяризациялааһын, үөрэнээччилэр Спартакидаларын сөргүтүү туһунан бастакы уочарат суруллубута.

Ол курдук “Спортивные Якутяне” Спартакиадаҕа уопсайа 35 Саха сирин оройуоннара уонна куорат уокуруктара уопсайа 1632 оскуола оҕото бастыҥ спортсмен аатын ылар туһугар кииристилэр.

Спортивнай тэрээһин төһө да күрэхтэһии, тыҥааһыннаах киирсии буолбутун иһин, элбэх оҕону биир сиргэ түмпүт Спартакиада сүрдээх улахан доҕордоһуу бырааһынньыгын курдук буолан ааста.  Кыайыылаахтарынан таҕыстылар — Дьокуускай куорат, Чурапчы, Кэбээйи, Өлөөн улуустара, барыларыгар спортивнай тэриллэри ылыналларыгар 250 тыһ. солк. сууммалаах сертификат туттардылар. Маны таһынан 31 үчүгэй көрдөрүүлээх тириэнэрдэргэ, физкультура учууталларыгар чулуу спортсменнары иитэн-такайан таһаарбыттарын иһин 100 тыһ. солк. сууммалаах сертификаттары туттардылар.

Маннык улахан таһымнаах, элбэх күрэхтэһээччилээх Спартакиадаттан биһиги оҕолорбут эмиэ хаалсыбатылар, ыраах сытар хоту улууспут диэн туора турбакка туох баар кыахтарын, билиилэрин, дьарыктарын көрдөрөннөр өрүү дьарыктана сылдьар оҕолортон харыс хаалсыбатылар.

Оҕолорбут ситиһилиилэрин туһунан спортивнай оскуола дириэктэрэ Мария Афанасьева маннык сырдатар.

— Биһиги “Спортивные Якутяне” Спартакиадаттан уйулҕабыт көтөҕүллэн сылдьабыт диэн саҕалыахпын баҕарабын. Маннык улахан, элбэх спортсмены түмэр тэрээһиҥҥэ Эбээн Бытантай улууһуттан 24 оҕо кэлэн кыттыыны ылбыта ол эмиэ ситиһии буолар. Ол курдук, 3 Кустуур нэһилиэгэ, 1 Дьарҕаалаах уонна 20 Түгэһиир нэһилиэгин оҕолор кыттыыны ыллылар. Улууспут дьаһалтата кэнчээри ыччаттарбыт сайдалларын туһугар диэн өйдөөн-өйөөн биир кэлим формаларын, Дьокуускай куоракка олорор дьиэлэрин, аһылыктарын, тириэнэрдэр бырайыастарын барытын уйунна. Дьаһалтабыт, улууспут дьонун эрэлин оҕолорбут түһэн биэрбэккэ кыттыбыт көрүҥнэрин аайы үчүгэй көрдөрүүлэри ситистилэр. Холобур, тустууга Влад Слепцов финалга киирэн, 5 миэстэ буолбута улахан ситиһии буолар. Онтон көҥүл тустууга бөлөхпүтүгэр 4 миэстэни ситистибит.

Дуобат, саахымат, чэпчэки атлетикаҕа өрөспүүбүлүкэ таһымыгар биһиги оҕолорбут бастакы холонуулара буолла. Ол үрдүнэн бэйэбит бөлөхпүтүгэр саахымакка 1 миэстэни ыллыбыт!

Күрэх уопсай түмүгүнэн бэйэбит бөлөхпүтүгэр 9 улуустан 5 миэстэ буоллубут, бу эмиэ үрдүк ситиһии.

Өссө төгүл улууспут баһылыгар Иннокентий Стручковка, улуус дьокутааттарыгар улахан махталбытын тиэрдэбит, оҕо-ыччат спорда сайдарын туһугар быйыл муниципальнай тус сыаллаах бырагыраамаҕа элбэх үбү-харчы көрөн бу бэйэлээх улахан тэрээһиҥҥэ кытынныбыт.  

Эдэр спорсменнарбытын тэрийэн илдьэ сылдьыбыт салайааччыларбытыгар Христина Иннокентьевнаҕа, Петр Петровичка, Михаил Ильичка ис сүрэхтэн тахсан истиҥ махталбытын тиэрдэбит.

Улууспут инники кэскиллэрэ мэлдьи үрдүк таһымнаах күрэхтэргэ, тэрээһиннэргэ кыттыыны ылан, элбэх саҥаны билэн-көрөн, сайдан-үүнэн дойдуларын аатын ааттата сылдьалларын туһугар бары төһүү күүс буолан, кэнчээри ыччаттарбытыгар тустаах усулуобуйаны тэрийэн кынаттыы туруоххайыҥ.

Марианна Слепцова