Социальнай хантыраак — социальнай көмүскэл уоргаттара уонна киһи икки ардыгар түһэрсиллэр дуогабар. Хантыраак көмөтүнэн киһи үөрэниэн, бэйэтин дьыалатын арыныан, кэтэх хаһаайыстыбатын сайыннарыан, үлэҕэ киириэн уонна ыарахан кэмигэр судаарыстыбаттан көмө ылыан сөп.
Сиһилии улуустааҕы социальнай харалта салайааччыта Аэлита Сыроватская сырдатта.
— Бу сылга «социальнай хантыраак» бырагыраамаҕа уопсайа хас квота бэриллибитэй?
— «Социальнай хантыраак» түһэрсэргэ сыл саҕаланыаҕыттан 6 964 156 солкуобай көрүллүбүтэ. Хайысхаларынан эттэххэ, үлэ көрдүүр дьоҥҥо — 3 квота, бэйэ дьыаланыы тэриниигэ – 5, чааһынай хаһаайыстыба тэриниигэ – 3, ыарахан балаһыанньаттан тахсарга – 13.
— Сыл аҥаарыгар хас киһи «социальнай хантыраагынан» туһанна?
— Сыл аҥаарын түмүгүнэн социальнай хантыраагы 11 киһи туһанна, ол иһигэр үлэ көрдүүр дьоҥҥо 1 квота, бэйэ дьыаланы тэриниигэ – 1, чааһынай хаһаайыстыба тэриниигэ — 3, ыарахан балаһыанньаттан тахсарга — 6.
— «Социльнай хантыраагы» ыларга туох ирдэнэрий?
— Ыал эбэтэр соҕотох киһи олорор сиригэр сайабылыанньа киллэрэр, дохуота олох алын кээмэйигэр тиийбэт буолуохтаах. Ыал уопсай дохуота хас киһи олорорунан көрүллэр.
— Сыныйан көрдөххө, чааһынай хаһаайыстыбаны тэриниигэ бэриллибит квота туолбутунан дьон ити хайысхаҕа ордук ылсар эбит. Онтон ханнык көрүҥҥэ сайабылыанньа аҕыйаҕый?
— Оннук. Тыа сиригэр олорор буоламмыт биир дойдулаахтарбыт ынах сүөһүнү, сылгыны иитэн, кэтэх хаһаайыстыба тэринэр баҕалаахтара үөрдэр. Онтон сайабылыанньа үлэ көрдүүр дьоҥҥо уонна бэйэ дьыаланы тэриниигэ аҕыйах.
Үлэ көрдүүр киһи Дьарыктаах буолуу киинигэр учуокка турар уонна бэйэ дьарыга суох буолуохтаах. Үлэ көрдүүр кэмигэр биһигини кытта кэлэн дуогабар түһэрсэр, онно биир ыйдааҕы олох алын кээмэйэ – 29758 солк. төлөнөр. Үлэ буллаҕына үс ый устата ити харчы төлөнөр. Онтон үлэ көрдьөнөөччү үөрэнэ барар түгэнигэр кинини үөрэтэр кыһаҕа 30000 солк. диэри төлөнүөн сөп, онтон үлэ көрдөнөөччүгэ бэйэтигэр ый аайы олох алын кээмэйин аҥара, ол эбэтэр 14879 солк. кээмэйдээх истипиэндьийэ 3 ыйы куоһарбат болдьохтоох төлөнөр.
Бэйэ дьыаланы тэриниигэ бизнес-былаан оҥостоллор, тэйиччиттэн тестирование ааһаллар. «Социальнай хантыраак” балаһыанньата сыл аайы кыралаан уларыйан иһэр. Быйыл саҥа киирбит уларыйыынан урбаан тэрийиигэ уонна кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыыга тестирование ааһаллар, арай тестированияны кыайан ааспатахтарына «Мой Бизнес” нөҥүө үөрэнэллэр. Онно үөрэммит сертификаттара туоһулуур.
— “Социальнай хантыраакка” докумуон тутуута бүттэ дуо?
— Докумуоннары тута олоробут. Хаһан баҕарар кэлэн социальнай харалта салалтатыттан эбэтэр олохтоох дьаһалтаттан ыйытан туттарыаххытын сөп.
Аныгы сайдыылаах үйэҕэ олорорбут быһыытынан куйаар ситимин нөҥүө нэһилиэнньэҕэ уларыйыылары, көмөлөр көрүҥнэрин барытын сырдата олоробут. Биһиги телеграм ханаалбытыгар бу ссылканан киирэн подпискаланыаххытын сөп: https://t.me/+eoTBk2ealLMxZjM6