«Социальнай хантыраак” дьиэ кэргэн бүддьүөтүгэр төһүү буолар

Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, биһиги биир дойдулаахпыт Семен Захаров быйыл «социальнай хантыраак” бырагыраамаҕа киирсэн, судаарыстыбаттан өйөбүл ылан, кэргэнинээн Алена Николаевнаны кытары оҕуруот аһын, сибэкки үүннэриинэн дьарыктаналлар.  

«Мин 6 ыйы быһа улэтэ суох олорон, бассаабынан киин улуустар олохтоохторо «социальнай хантыраак” бырагыраама нөҥүө көмө харчы ылан, бэйэ дьыалатын арынныбыт диэн суруйбуттарын кэргэмминээн ааҕан, биһиги да боруобаланан көрүөххэ дэспиппит. Бизнес былаан суруйан, бэйэ дьарыктаах буолуутугар сайабылыанньа биэрэн күүппүппүт. Ону бигэргэппиттэригэр олус да  үөрбүппүт!

Кэргэним уруккуттан ааттаах оҕуруоччут буолан, ити хайысхабытын сайыннаран, кэҥэтэн биэриэххэ диэн буолла. Тутатына үчүгэй хаачыстыбалаах бэрэбинэ маһын атыылаһан, биһиги хоту дойдубут тымныытын тулуйар тэпэлииссэ туттан, үлэҕэ киллэрэн, бэйэбитигэр сөптөөх дохуот оҥостон, «социальнай хантыраак” көмөтүнэн баҕа санаабытын олоххо киллэрдибит.

Бэйэ тэпэлииссэлээх буолар дьиэ кэргэн бүддьүөтүгэр, аһыгар-үөлүгэр олох көмө бөҕө буоллаҕа. Муус устар ыйга номнуо арассаада олордон, нэһилиэнньэҕэ атыылаан элбэх дьонтон махтал тыллары истэбит. Сорох дьон үлэлэринэн командировкаҕа сылдьар буоланнар, эрдэ олордумматтар, бэлэм улааппыт арассаада ылан бэйэлэрин үүнүүлэрин ылан, дьоннорун экологическай ыраас оҕуруот аһынан аһаталлар. Онтон тэпэлииссэтэ суох дьон оҕурсуу, помидор атыылаһаллар. Кэлии омук соччото суох хаачыстыбалаах аһыттан туттуна түһэллэр.

Бу маннык сиэдэрэй сибэккилэр улуус дьаһалтатын уонна култуура киинин киэргэтэллэр

Оҕуруот аһын таһынан сибэкки арааһын олордор буоламмыт, балаҕан ыйыгар оскуолаҕа барар оҕолорго букет оҥоробут. Тэрилтэлэргэ, биирдиилээн дьоҥҥо кыһыҥҥы, сайыҥҥы араас сиэдэрэй сибэкки олордон үлэлиир, олорор дьиэлэрин тупсаралларыгар үүннэрэн биэрэбит.

Онон, бэйэ дьарыктаах буолууга сайабылыанньа биэрэн, ханнык хайысхаҕа сатабыллааххытын таба тайанан, дьоҕургутун сайыннаран үлэлээн боруобаланыҥ. Улууспут дьонугар араас өҥөнү оҥорон бэйэҕитигэр да, дьоҥҥутугар да туһалаах буолуҥ. Билигин туох барыта ыараан турар кэмигэр судаарыстыбаттан көмө харчы көрүллэн, бэйэ дохуоттаах буолуутугар өйөбүл оҥороллоро олус үчүгэй, дьиэ кэргэттэргэ күүс-көмө буолар. Туохтан да саллыбакка, толлубакка, түһүнэн иһиҥ, оччоҕо эрэ бу ыарахан кэмҥэ үчүгэйдик олоруохпут. «Социальнай хантыраак” нөҥүө көрүҥ элбэх, сибиинньэ, хоруолук, куурусса ииттиэххэ, илиилэригэр уран тарбахтаахтар иистэниэхтэрин да сөп, баҕа эрэ наада, үлэ суох диэн баран олорон хаалымаҥ,” – диэн ыал аҕата Семен Александрович кэпсээтэ.

Онон, биир дойдулаахтарбыт холобурдарын көрөн, сөбүлүүр дьарыккытынан дьарыктаныан, онон эбии дохуот киллэриниэн баҕалаах дьон маннык көдьүүстээх судаарыстыбаннай көмөнү туһаныҥ.

Сардаана Копырина