«Слепцовтар ааҕыылар” кэмпириэнсийэ үс хайысханан үлэлээтэ

И.Н.Слепцов аатынан Кустуур орто оскуолата үгэс быhыытынан ыытыллар «Слепцовскай ааҕыылар» научнай-практическай кэмпириэнсийэни тэрийэн ыыттылар. Быйылгы ааҕыылар Эбээн-Бытантай улууhун 35 сылыгар уонна улууска Тыа хаhаайыстыбатын сылын бэлиэтээн ананнылар.


Быйылгы кэмпириэнсийэбитигэр ыраах Канада Торонто куоратыттан биир дойдулаахпыт, профессор, доктор PhD (Doctor of Philosophy) Григорьева Александра Михайловна быhаччы кыттыыны ылла. Кини тыа хаhаайыстыбатыгар, чуолаан саха сүɵhүтүн генофондатын харыстааhыҥҥа, ахсаанын элбэтиигэ улахан кылаатын киллэрбит киhи буолар. Уонна бу үлэтин Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүɵлээх бэтэринээрэ, тыа хаhаайыстыбатын үтүɵлээх үлэhитэ Попов Станислав Романович, киниэхэ 2015 сыллаахха тахсан саха сүɵhүтүгэр уопсастыбаннас болҕомтотун хайдах тардыахха сɵбүн торумнаспытын ахтар. Онно олоҕуран ООН трибунатыттан сыллата ыытыллар XV аан дойдуга аҕыйах ахсааннаах норуоттар кэмпириэнсийэлэригэр Чириков арыытыгар булуллубут саха ынаҕыттан тɵрүттээх сүɵhүлэри уонна Эбээн-Бытантай улууhугар хаалбыт аҕыйах сүɵhү баарын уонна бу ураты сүɵhүгэ болҕомто ууран ахсаанын элбэтиэххэ, Кыhыл кинигэҕэ киллэриэххэ диэн дакылаат аахпытын кэпсээтэ. Александра Михайловна ыраах да олордор дойдутун туhугар, Саха сирин туhугар үлэлэспит сүҥкэн суолталаах ситиhиилэрин Аан дойдутааҕы Yurta Mira уопсастыбаннай тэрилтэ таhаарбыт матырыйаалларын ыыппыта кэмпириэнсийэ кыттыылаахтарыгар уонна ыалдьыттарга бүтүннүү кɵстɵн сырдатылла турда.
Кэмпириэнсийэҕэ улуус оскуолаларыттан уопсайа 19 үлэ киирбититтэн 15 очно, 4 кэтэхтэн кытыннылар. Оҕолор чинчийэр үлэлэрин сыаналыыр экспертнай хамыыhыйа бэрэссэдээтэлинэн ветеринарнай наука кандидата Баишев А.А., чилиэннэринэн нуучча тылын учуутала Горохова Т.Г., физика учуутала Мальцев Г.П., педагог-библиотекарь Черепанова С.С., ветеринарнай наукалар үтүɵлээх быраастара Попова З.Д., Үɵрэҕирии управлениетын специалиhа Чупрова М.П. үлэлээтилэр.
Кэмпириэнсийэни иилээн-саҕалаан ыытта агро-производственнай үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы Колесова В.Н.
Кэмпириэнсийэ 3 хайысханан үлэлээтэ:
1) Секция «Эбээн-Бытантай национальнай улууhун историята»:
I миэстэ – Степанова Нина, Саккырыыр орто оскуолатын 10 “а» кыл., «История образования образцового детского коллектива РФ «Этно-фольклорный ансамбль «Аянесса», салайааччылар Степанова Н.П., Чичигинарова Т.И.
II миэстэ – Захарова Аябрина, Кустуур орто оскуолатын 9 кыл. «Чулуу үлэhит – чɵмпүйүɵн ыанньыксыт эбэм Христина Николаевна Горохова», салайааччы география учуутала Горохова С.А.
III миэстэ – Попов Коля, Кустуур орто оскуолатын 6 кыл. «Мой дедушка оленевод – орденоносец», салайааччы физкультура учуутала Попов В.А.
2) Секция «Эбээн-Бытантай улууhугар тыа хаhаайыстыбатын сайдыыта»:
I миэстэ – Баишева Лена, Кустуур орто оскуолатын 8 кыл. «Якутский скот на острове Чирикова», салайааччы эбии үɵрэхтээhин педагога Горохова М.А., научный салайааччы: Григорьева А.М., профессор, доктор PhD (Doctor of Philosophy), научнай консультант: Попова Н.В., к.б.н., доцент кафедры «Физиология с.х. и экологии» ФВМ, «Арктический ГАТУ»
II миэстэ – Попов Вова, Кустуур орто оскуолатын 9 кыл. «Доярки Нижне-Бытантайского наслега – хранители якутского скота», салайаччы педагог-библиотекарь Черепанова С.С.
III миэстэ – Слепцова Сардана, Кустуур орто оскуолатын 8 кыл., «Аллараа Бытантай нэhилиэгин булчуттара», салайааччы алын сүhүɵх кылаас учуутала Слепцова М.С.
3) Секция «Тыа хаhаайынын иитии»:
I миэстэ – Старостина Арина, Кустуур орто оскуолатын 11 кыл., «Мэрлэнкэ» кɵс оскуола тыа сиригэр хаhаайыны иитиигэ олук ууруута», салайааччы педагог-тэрийээччи Захарова В.И.
II миэстэ – Горохов Ранид, Кустуур орто оскуолатын 8 кыл. «Өбүгэлэрин тɵрүт дьарыгар – таба иитиитигэр олоҕуран, дьиэ кэргэҥҥэ оҕоҕо үлэ үɵрүйэхтэрин иҥэрии», салайааччы эбии үɵрэхтээhин педагога Колесова З.А.
III миэстэ – Попов Стасик, Кустуур орто оскуолатын 7 кыл. «Мин киэн туттар киhим – бэтэринээр идэлээх эhэм Станислав Романович Попов», салайааччы саха тылын учуутала Горохова Е.А.
Быйылгы «Слепцовскай ааҕыыларга» тɵрɵппүттэр оҕолорун бэлэмнээн кытыннарбыттара кэрэхсэбиллээх. Оскуола уонна тɵрɵппүт биир ситимнээхтик үлэлиир буоллаҕына иитии үлэтэ ситиhиилээх буолар.
Кэмпириэнсийэ тумугунэн Лауреат аатын ылла Кустуур орто оскуолатын 11 кылааьын уерэнээччитэ Старостина Арина.
Кэмпириэнсийэни Кустуур орто оскуолатын улахан кылааhын үɵрэнээччилэрин хоровой толорууларыгар «Саха Өрөспүүбүлүкэтин агро оскуолаларын гимнэ» арыйда. Маны кытта Улуустааҕы оҕо кииниттэн мааны ыалдьыт буолан кэмпириэнсийэбитин этно-фольклорнай «Аянесса» уҥкүү бɵлɵҕɵ, Кустуур орто оскуолатын ырыа ансаамбыллара уонна 4 кылаас кыргыттарын үҥкүү бɵлɵҕɵ киэргэттилэр.
Кэмпириэнсийэ кэмигэр улуустааҕы дуобакка күрэхтэhии үрдүк таhымнаахтык ааста. Күрэҕи И.Н.Слепцов сиэнэ, Кустуур орто оскуолатын физкультура учуутала Колесов И.Е. иилээн-саҕалаан улуустааҕы оҕо спортивнай оскуолатыттан 12 кыттааччы кэлэн күрэхпит ордук тыҥааhыннаахтык ааста.

Матрена Горохова, И.Н. Слепцов аатынан Кустуур орто оскуолатын дириэктэрэ