Ситиһии аргыстаах, кыайыы көтөллөөх!

Мэҥэ Хаҥалас улууһун киинигэр «Сельская школа&Образовательная марка” «Школа в социокультурном измерении» үөрэҕирии эйгэтин үлэһиттэрин XX өрөспүүбүлүкэтээҕи дьаарбаҥка ыытылынна.

Манна, биһиги улуустан 17 педагог кыттыыны ыллылар. Үс күн устата педагогтар төгүрүк остуолларга, маастар – кылаастарга, семинардарга кыттаннар үөрэх эйгэтэ сайдыылаах, хаачыстыбалаах, үлэ иэйиилээх, таһаарыылаах буоларыгар билии – көрүү, баай уопут ыллылар.

Үс күннээх үрдүк тэрээһин чэрчитинэн биһиги улууспут дэлэгээссийэтэ ситиһиилээхтик кыттан, И.Н. Слепцов аатынан Кустуур орто оскуолата «Лучший образовательный проект среди арктических улусов» номинация кыайыылааҕа, онтон Саккырыырдааҕы «Хаарчаана» оҕо уһуйаанын иитээччитин Мария Корнилова «Экокультурное образование через природу и традиции» бырайыагынан «Республиканская инновационная площадка» статуһу ылла! Р.И. Шадрин аатынан Саккырыыр орто оскуолата «Көс оскуола-саад» бырайыага экспертэр өйөбүллэрин ылан бастакы олус уурулунна, онон сотору кэминэн олоххо киириэ диэн эрэнэбит.

Маны таһынан биирдиилээн кыттааччылар эмиэ ситиһиилээхтик кытыннылар. Ол курдук, И.Н. Слепцов аатынан Кустуур орто оскуолатын иһинэн үлэлиир көс оскуола учуутала Валентина Колесова «Педагог кочевого образования-2024″ II өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус кыайыылааҕа буолла! Маны тэҥэ Валентина Николаевна «Лучший мастер-класс» номинацияҕа кыайда!

Р.И.Шадрин аатынан Саккырыыр орто оскуолатын дириэктэрэ Таисия Кейметинова:

  • Мин, Саккырыыр орто оскуолатыгар 2023-24 үөрэх дьылын төрдүс чиэппэриттэн дириэктэринэн ананан үлэлиибин. Оскуолабытыгар барыта 279 оҕо үөрэнэр. Сүрдээх көхтөөх, билии да, спорт, култуура да өттүнэн үрдүк ситиһиилээх оҕолор үөрэнэллэр.

Сабыс-саҥа, тупсаҕай оҥоһуулаах, киэҥ-куоҥ оскуолалаахпыт. Билиҥҥи кэмҥэ бэдэрээччик спортивнай, сынньалаҥ былаһааккалар, асфальт ситэриэхтээх, кырыыһа өрөмүөннэнэр. Бэдэрээччик 5 сыл устата эбийиэги көрөр – истэр дуогабардаах.

Үөрэх чааһыгар киирдэххэ, “Земскэй учуутал” бырагырааманан  биһиэхэ Алтайтан дьиэ кэргэн үлэлии кэлэн эрэллэр. Ол курдук, биология, химия уонна география предметтэрин учууталлара идэлээх дьон буолаллар. Маны таһынан, нуучча тылын уонна литературатын учуутала кэлиэҕэ. Онон, аһаҕас үлэ миэстэтэ суох, бары предметтэргэ толору учууталлар бааллар. Инники былааннар үгүстэр.

Ааспыт үөрэх дьылыгар хаадыр тиийбэтинэн учууталлар хас да дуоһунаска тэҥинэн сылдьыылара үгүс, биллэн туран, бу үөрэх хаачыстыбатыгар, үлэ түмүгэр охсуулаах. Кэлэр үөрэх дьылыгар маны  сааһылыахпыт, биһиги сүрүн сыалбыт – үөрэх хаачыстыбата. Холобур, 7 оҕо судаарыстыбаннай тургутуулары күһүн хат туттарыахтаахтар. Манна учуутал эрэ өттүттэн буолбакка, оҕо бэйэтэ уонна төрөппүт эмиэ кыһаллара наадалаах. Кэлиэхпиттэн кэтээн көрүүбүнэн, оҕолор консультацияҕа сылдьыылара мөлтөх. Инникитин, маннык быһыы тахсыа суоҕа диэн эрэнэбин.

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн биир сменанан үөрэниэхпит, бу эмиэ үөрэх хаачыстыбатын түмүгэр үтүө өрүттэниэҕэ, дии саныыбын. Биһиги учууталлар, үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ судаарыстыба сакааһын оҥоробут, ол сорукпутун чопчу толоруохтаахпыт. Кылаастарга оҕо ахсаана наһаа элбэҕэ суох, онон хас биирдии оҕоҕо учуутал биэрэр билиитэ тиийиэхтээх. Онтон оҕолорго туһаайан этиэм этэ, үөрэххитигэр кыһаллыҥ, оскуолабытын харыстааҥ. Эһиги кэннигититтэн оҕолоргут, сиэннэргит үөрэниэхтэрэ бу оскуолаҕа. Хаарыан  сырдык, саҥа тэриллэрбитин харыстааҥ, ыраастык туттуҥ. Үөрэниҥ, сайдыҥ, чэгиэн буолуҥ. Үөрэх баар – бараммат баай!

XX өрөспүүбүлүкэтээҕи дьаарбаҥкаҕа биһиги, оскуолабыт баасатыгар «Көс оскуола – саад” арыйар былааммытын үллэһиннибит, сүбэлэстибит,  үлэлиир анал үөрэхтээх, баҕалаах учуутал баар. Биһиги оҕолорбут, саас эрдэ таба иитиитин сыралаах үлэтигэр көмө буола тахсаллар. Табаһыт төрөппүттээх оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор эмиэ туһааннаах үөрэхтээһини ылыахтаахтар. Кинилэри бу бырааптарын толору туһаналларын хааччыйар сыалтан Көс оскуоланы арыйар сөптөөх суол, дии саныыбын.

«Көс оскуола-саад» инновационнай бырайыакпытын «Арктическое образование в едином образовательном пространстве» былаһааккаҕа көмүскээн экспертэр өйөөтүлэр уонна бу үлэбитин олоххо киллэрэргэ рекомендациялары ыллыбыт. Маны тэҥэ бу боппуруос Феодосия Габышеваны, үөрэх министиэристибэтин уонна СӨ Уопсастыбаннай балаататын исписэлиистэрин кытары көрсүһүүгэ турда.

Түгэнинэн туһанан, биһиги улууспут дэлэгээссийэтин, чуолаан Марианна Гаврильевна сатабыллаах салайыытын, араас былаһааккаларга ситиһиилээх кыттыытын бэлиэтээн туран махтанабын. Бу үс күн чахчы үрдүк тэрээһиннээхтик, олус баай бырагыраамалаах аастылар. Улууспут оскуолалара саргылаах сарсыҥҥытын туһугар педагогическай дьаарбаҥка хас биирдии кыттыылааҕар саҥа толкуйдар, кэскиллээх былааннар киирбиттэрэ буолуо диэн бүк эрэнэбин.

Педагогическай дьаарбаҥка кыайыылаахтарын – И.Н. Слепцов аатынан Кустуур орто оскуолатын уонна «Хаарчаана» оҕо уһуйаанын итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Бары бырайыактары дьоһуннук көмүскээтилэр, үлэни салгыахха наада! Марияна Кымовнаны настаабынньыктар былаһааккаларыгар дьоһун кыттыытынан эҕэрдэлиибин! Кэскилбит киэҥ, кыахпыт баар!

Саккырыырдааҕы «Хаарчаана» оҕо уһуйаанын педагог-психолога Анна Новгородова:

  • С 8 по 10 июля в с.Майя прошла ежегодная республиканская педагогическая ярмарка»Сельская школа. Образовательная марка».

Мегино-Кангаласский улус уже третий раз встречает педагогов со всей республики в замечательной и красивой местности » Ураһалаах. Для участия в этом грандиозном мероприятии приехало более 3 тыс.педагогов из 32 улусов и г.Якутска.

На открытии ХХ педярмарки приветственные слова поздравления прозвучали от первых лиц — Главы МО «Мегино-Кангаласский улус” Дмитрия Ивановича Тихонова и министра образования и науки РС(Я) Ньургуйааны Афанасьевны Соколовой.

3 дня прошли в насыщенном режиме: организованы более 30 площадок для защиты образовательных проектов.

Наш детский сад » Хаарчаана» представили Новгородова А.Н — ст.воспитатель, Корнилова М.А. — воспитатель высшей категории, Бочкарева А.Я — воспитатель 1 категории.

Предварительно прошли онлайн-регистрацию по следующим направлениям площадок: «Детский сад — пространство доверия и поддержки”, «Педагогика творчества — 2024», «Единое экологически-ориентированное образовательное пространство детского сада и школы , как основа формирования духовно-нравственных ценностей», «Здоровьесбережение»,»Будущее моей малой родины», «Арктическое образование».

Эксперты выделили новизну, широту и глубину наших разработок.

Михалева О.И, зав.кафедрой ДО ИПКРО им.Н.Донского сразу выделила и высоко оценила полноценность траектории приоритетной деятельности наших педагогов по патриотическому воспитанию, возрождению самобытности, культуры, традиций и языку Тюгясирских эвенов.

Авторские дидактические игры и пособия воспитателей Бочкаревой А.Я и Тоскиной Е.В вызвали живой интерес и получили сертификат на распространение.

Все самобытные разработки  Корниловой М.А. рекомендованы на получение авторского патента для дальнейшего  участия на международном уровне. А творческий подход  по проектной деятельности Новгородовой А.Н произвел фурор и отмечен сертификатом.

По итогам трехдневной ярмарки успешную победу одержал проект воспитателя  М.А.Корниловой «Экокультурное образование через природу и традиции» и удостоен диплома на статус РИП (республиканской инновационной площадки).

И уже перед нашими талантливыми педагогами поставлены конкретные задачи  внедрения и согласования цельного проекта.

Давайте пожелаем нам дальнейших высот, поддержки, ведь заложен фундамент новой инновационной деятельности! От мастерства педагогов к реализации инновационного пространства воспитания и обучения будущего поколения — путь открыт!

Биһиги кэрр.