Наартаны ыстаныы курдук, спорт төрүт көрүҥүнэн оҕо кыра эрдэҕиттэн эрчиллэн, бэйэтин кыаҕын билинэн, көрдөрөн, кыайабын диэн санааланнаҕына эрэ ылсар дьарыга буолара чахчы.
Бүгүн эһиэхэ анаан, наарта ыстаныытын баһылаан эрэр, кырачаан Сашенька Голикова туһунан сырдатабыт.
Кини айылҕаттан кытыгырас, этин-сиинин кыанар дьоҕурдаах, спорт эйгэтигэр уһуйаан сааһыттан сыстыгас, бэйэтэ баҕаран туран дьарыктанар.
Ахсынньы 8 күнүгэр өрөспүүбүлүкэбит килбэйэр киинигэр наарта күрэҕэ буолан ааста. Манна барыта 100-тэн тахса кыттааччы муһунна, ол иһигэр Сашенька. Бу туһунан биһиэхэ тириэнэрэ маннык кэпсээтэ.
Оҕо уонна ыччат спортивнай оскуолатын эдэр педагога, хотугу многоборье көрүҥҥэ тириэнэр Лаура Попова:
— “ Ахсынньы 8 күнүгэр Баһылай Манчаары аатынан РЦНВС бирииһигэр “Түргэн наартаҕа» аһаҕас турнир буолан ааста. Манна барыта 17 улуустан, 100 -чэ оҕо кытынна. Саша Голикова сааһа кыра да буоллар, маннык улахан таһымнаах күрэххэ номнуо иккис төгүлүн кыттар. “Түргэн наарта» күрэҕин быраабылатынан кыттааччыга 3 тургутук бэриллэр:бастакыта – 1 мүн.30 сөк., иккиһигэр – 1 мүн., онтон үсүһүгэр 30 сөк. Бу бириэмэ иһигэр, кыттааччы төһө кыалларынан элбэхтик, наартаны таарыйбакка ыстаныахтаах. Александра олох үчүгэй көрдөрүүнү ситистэ. Ол курдук, кини 172 наартаны ыстанан, 5 бочуоттаах миэстэ буолла. Сашеньканы хотугу многоборье тренердара бэрткэ диэн, бэлиэтээтилэр диэххэ наада.»
Марианна СЛЕПЦОВА