Балаҕан ыйын 27 күнэ – Арассыыйаҕа Иитээччи күнэ бэлиэтэнэр. Оскуола иннинээҕи тэрилтэ үлэһиттэрин идэлээх бырааһынньыктарынан улуустааҕы үөрэҕирии салалтатыгар үөрүүлээх тэрээһин ыытылынна. Күннэтэ кэнчээри ыччат туһугар сыралаһан үлэлиир кэллиэгэлэрин “Хаарчаана” уһуйаан сэбиэдиссэйэ Сардана Софронова итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтэ.
“Күндү бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрим, иитээччилэр! Эһигини бука барыгытын Бүтүн Арассыыйатааҕы Иитээччи күнүнэн, идэлээх бырааһынньыкпытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Биһиэхэ бу күн улахан суолталаах – Сахабыт сирин судаарыстыбаннаһын күнүн кытта сөп түбэһэринэн, быйыл өссө Арассыыйаҕа Педагог уонна настаабынньык, өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ сылыгар бэлиэтиибит. Ити барыта биһиэхэ чугас уонна сыһыаннаах, тоҕо диэтэххэ биһиги уһуйааммытыгар иитээччи үлэтин өрө туппут, сүрэхтэрин, илиилэрин сылааһын оҕолорго анаабыт, киэн туттар үлэһит дьоммут аҕыйаҕа суохтар. Биһиги кинилэр ситиһиилэринэн киэн туттабыт уонна кинилэргэ бу элбэх сыралаах үлэлэрин иһин махтанабыт.
Быйылгы сылга ситиһиибит үгүс. Ол курдук, өр сылларга бэриниилээхтик үлэлээн кэлбит иитээччилэри бэлиэтээн ааһыахпын баҕарабын: Рожина Л.Е, Стручкова Х.И, Колесова Ф.И, Верховская М.В, Слепцова Л.Н, Никитина М.К. Старостина И.А, Тоскина Е.В, ааттыахпын баҕарабын эдэр көлүөнэттэн быйыл уһулуччу үрдүк көрдөрүүлээх, ситиһиилээх эдэр педагогу Корнилова М.А, кэскиллээх, өссө да бэйэлэрин ааттатыахтара диэн эрэнэбит Бочкарева А.Я, Лыткина М.В, Голикова А.Г., Пинигина С.П., Суханова А.В., Горохова О.В., Кривошапкина М.Д. уонна Стручкова Л.В. уопуттаах иитээччи быйыл биһиэхэ үлэтин саҕалаата.
Быйыл үөрэх дьылыгар педагогическай хаадырынан толору хааччылынныбыт, ол үөрэх хаачыстыбатыгар олук буолуоҕа, ситиһии өссө үксүө диэн эрэнэбит. Быйыл эбии үөрэхтээһиҥҥэ дуобат уонна робототехника эбии үөрэх сөргүтүлүннэ. Бу аныгы бириэмэ ирдэбилэ.
Бу үөрэх дьылыгар элбэх киһини кынаттаабыт Дьокуускайдааҕы педагогическай колледжы бүтэрэн, икки эдэр иитээччи Пшенникова О.Э уонна Аммосова К.Д. уонна эдэр педагог-музыкальнай салайааччы Колесова Д.И. үлэлэрин саҕалаатылар. Онон, ытыктабыллаах, уопуттаах иитээччилэрбит, настаабынньыктарбыт кинилэргэ көмө-тирэх, сүбэ-ама буолуохтара диэн эрэнэбит, эрэннэрэбит эдэр исписэлиистэрбитигэр.
Иитээччи уонна настаабынньык (уһуйааччы) сыла салҕанар. Ол чэрчитинэн биһиэхэ элбэх тэрээһин былааннанар, онтон биирдэрэ “Педагог-наставник-2023” диэн уһуйаан иһинэн куонкурус тэриллиэҕэ. Хас биирдии настаабынньыкка эдэр иитээччи сыһыарылынна. Настаабынньыктар куратордарынан Колесова Ф.И. 2022 сылтан талыллан үлэлии сылдьар. Уопуттаах педагог эһиэхэ күүс-көмө, сүбэ буолуоҕа, киэҥ уопутун тарҕатыа дии саныыбын.
Бу үөрүүлээх түгэҥҥэ, бастатан туран, кэлэктииппэр ис сүрэхтэн махтанабын. Эһиги айымньылаах үлэҕитинэн Саккырыыр кэскиллээх ыччаттардаах, ол аата хотугу дойдубут сырдык кэскиллээх. Настаабынньык иитээччилэрбит билиилэрин, эдэр иитээччилэрбит эрчимнэрин холбоон үлэлиэхпит-хамсыахпыт. Кырачаан иитиллээччилэрбит сайдан, улаатан истиннэр. Бука бары доруобай, дьоллоох буолуоҕуҥ!», — диэн Сардаана Ивановна истиҥ эҕэрдэтин тириэртэ.
Үөрүүлээх тэрээһин бэлиэ түгэнинэн Арассыыйаҕа Педагог уонна настаабынньык сылынан идэлэригэр эҥкилэ суох бэриниилээх, өр сыллар устата үтүө суобастаахтык үлэлиир иитээччилэргэ Рожина Л.Е, Стручкова Х.И, Колесова Ф.И, Верховская М.В, Слепцова Л.Н, Никитина М.К. Старостина И.А, Тоскина Е.В сыл бэлиэтин туттарыы дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланна.
Эдэр исписэлиистэргэ Пшенникова О.Э, Аммосова К.Д. уонна Колесова Д.И. өйдөбүнньүк бэлэх туттарылынна. Үлэ бэтэрээнэ Колесова Ф.И. эдэрдэргэ туһаайан алгыс тыл эттэ.
Болҕомто оҕону көрүүгэ олорон тахсыбыт иитээччилэргэ Суханова А.В., Голикова А.Г. эмиэ уурулунна уонна сэмэй бэлэх туттарылынна . Саҥа кэлбит уопуттаах иитээччигэ Стручкова Л.В. ситиһиини баҕаран туран бэлэх туттарбыттара олус долгутуулаах, күүстээх үлэҕэ көҕүлүүр күүһүнэн буолла.
Улуус баһылыгын бочуоттаах грамотатын Раиса Старостина Корнилова М.А., Рожина Л.Е., Стручкова Х.И., Верховская М.В., Старостина И.А. үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.
Долгутуулаах түгэн манан эрэ бүппэтэ. «Хаарчаана» уһуйаан аанын аан маҥнай арыйан киирбит кырачааннар бөлөхтөрүгэр оонньуулары бэлэх уунан туттарбыттара иитээччилэргэ, төрөппүттэргэ, оҕолорго үөрүүнү аҕалла.
Салгыы улуустааҕы үөрэҕирии салайааччыта Петр Потапов, Надежда Аммосова эҕэрдэ тылларын иитээччилэргэ анаан туран, баҕа санааларын туһаайан тириэртилэр.
Өссө биир бэлиэ түгэнинэн Педагог уонна настаабынньык сылын маршрутнай картатын Саккырыыр орто оскуолатын дириэктэригэр Дария Ефимоваҕа туттарыы буолла.
Тэрээһини түмүктүүр чааска уһуйаан музыкальнай салайааччыта Дария Колесова эҕэрдэ ырыатын бэлэх ууммута мустубут дьон сүргэтин өссө көтөхтө, айымньылаах, таһаарыылаах үлэҕэ кынаттаата.