Сайыҥҥы сынньалаҥ көрүөх бэтэрээ өттүгэр бүтэ охсон, үөрэх дьыла саҕаланыа ахсааннаах күн хаалла. Саккырыырдааҕы «Хаарчаана” оҕо уһуйааныгар быйылгы саҥа үөрэх дьыла саҥа соруктары туруоруо, ураты түгэннэри тосхойуо.
Сиһилии «Хаарчаана» оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйэ Марина Верховская сырдатта:
— Быйылгы үөрэх дьылыгар испииһэгинэн уопсайа 157 оҕо буолла. Саамай кыра, 1 саастарын ааспыт 10 оҕо кэлиэхтээхтэр.
Хаадырынан хааччыллыы толору, туһааннаах аттарыы барда. Нам улууһуттан Саргылана Степановна Захарова диэн уопуттаах логопед-учуутал кэлэн үлэлиэхтээх, кини үрдүк үөрэхтээх иитээччи буолар.
Быйылгы улахан уларыйыыбыт диэн уһуйааммыт икки дьиэтэ хаарбах туруктаах буолан Шадрина уулусса 5 дьиэтигэр баар, урукку улуус дьаһалтатын дьиэтигэр 5 бөлөх, ол эбэтэр 3 дьааһыла бөлөхтөрө, 1 ортоку уонна 1 улахан бөлөх көһүөхтээхтэр. Улуус баһылыга Иннокентий Стручков кэнчээри ыччаты өйөөн, биһиги уустук балаһыанньабытын өйдөөн, бүтүн дьаһалта дьиэтин туран биэрбитигэр улаханнык махтанабыт. Дьиэбитин өрөмүөннүү сылдьар «Бэксэк” тутуу тэрилтэтэ үлэни хаачыстыбалаахтык ыытыаҕа, сылаастык кыстыахпыт диэн эрэнэбит. Алтынньы ыйга саҥа зданиебытыгар көһөр былааннаахпыт. Онон, уһуйааммыт икки дьиэлэниэҕэ. Онтон дьааһыла уонна орто бөлөхтөр сылдьар дьиэлэрэ, о.э. Центральная уулусса 13, 15 үлэлээн тохтууллар.
Үөрэх дьыла үгэс быһыытынан балаҕан ыйыттан саҕаланыаҕа, ититии киирдэ эрэ, үчүгэйдик сылыйбытын кэннэ, сиигин таттаран баран саҥа дьиэбитигэр көһүөхпүтүгэр диэри оҕолору эргэ дьиэлэрбитигэр тутуохпут.
Быйыл уһуйаан педагогтарын оҕону кытта үлэлэрин хаачыстыбатыгар, материальнай баасаны тупсарыыга болҕомтону туһаайыахпыт.
Манна бэлиэтээн эттэххэ, быйыл үгүс көлүөнэ ыччат кынат анньынан, олох киэҥ аартыгар үктэммит оҕо сааспыт биһигэ – төрөөбүт уһуйааммыт тэриллибитэ 90 сыллаах үбүлүөйэ буолар. Бу бэлиэ даатаны көрсө сэтинньи ыйга элбэх тэрээһин ыытыллыаҕа.
Түгэнинэн туһанан, саҥа үөрэх дьыла үүммүтүнэн бука-бары оҕолору, төрөппүттэри, педагогтары итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Бииргэ үлэлиир кэлэктииппэр таһаарыылаах, айымньылаах үлэни, чэгиэн доруобуйаны, или-эйэни баҕарабын.