Кулгааххытын сэгэтэн истиҥ эрэ оҕолоор. Былыыр — былыр ыраах туундараҕа, муустах байҕал кытыытыгар, саҥа дьыл саҕана эбит. Киэҥ халлааҥҥа көччүйэр үрүҥ күн, утуйар хайатыгар киирбитин кэннэ аллараа дойдуттан адьарай абааһы биистэрэ тахсыбыттар. Кинилэр күнү тутан кистииргэ соруммуттар. Хараҥаннан туһанан сир үрдүгэр аҥаардастыы арбайдыырга санаммыттар. Ол былааны толороору тимир илимнээх ооҕуй оҕуһу көмөлөһүннэрбиттэр. Күн эрэйдээх алтан оронугар утуйа сыттаҕына, үөмэн киирэн кэлгийбиттэр. Сир хаспаҕар соһон киллэрэн хаайбыттар. Онтон ыла сырдык туундара тулата түмарыктыйан, барыйан , соҕотохто хараҥа балайга ылларбыт. Дьэ эбээт оҕолоор, бу иэдээни, тулалара куруук түүҥҥэ кубулуйбут туундара кыыллара, көтөрдөрө улахан моһуокка ылларбыттар.
Үрүҥ эһэлэр, кырсалар, туундара табалара, бэл торҕон бөрөлөр, муора кыыллара, көтөрдөрө мустан, улахан мунньах оҥорбуттар. Уонна күнү көрдүүргэ, ким тугу сатыырынан, кыах тиийэринэн туруммуттар. Саҥа дьыллара бу ыган кэлбит. Аны эһээ дьыллара суолун булбакка хараҥаҕа мунуо диэн туспа куттал суоһаабыт. Киэҥ байҕал аннын- улаҕатын муора кыыллара, балыктара тилэри устубуттар. Түргэн сырыылаах бөрөлөр туундараны биир гына сүүрбүттэр, сүксүйбүттэр. Үрүҥ эһэлэр хаалсыбакка уһук арыылары барыларын чүччүйбүттэр. Хабдьылар, хаар эбэлэр тыалы кытта көтүһэ сылдьан киэҥ сири көрбүттэр. Күннэрэ байҕал анныгар да көстүбэтэх, киэҥ туундараҕа да быкпатах. Арай кыра таас кутуйаҕа ыраах күн киирэр хайатыгар, таас хаспаҕар, сир анныттан туох эрэ сырдык сардаҥата көстөн сүппүтүн кэпсээбит.
Дьэ кыыллар, көтөрдөр сүбэлэһэн баран түргэн атахтаах кыыл табаттан — кутуйаҕы сирдьит оҥостон, күн киирэр хайатыгар баран, күнү булан аҕаларыгар көрдөспүттэр. Табалара кутуйаҕы муоһугар олордон ыраах айаҥҥа туруммут.
Ити кэмҥэ саҥа дьыллара улам чугаһаатар- чугаһаан кэлбит. Аллараа дойду адьарайдара хара былыттары халытан, халлааны бүрүйбүттэр. Дьэ уонна хараҥаннан туһанан эһээ дьылы моһуоктуурга санаммыттар. Тэҥнэһиэхтэрэ дуо кыыллар, көтөрдөр эмиэ муста түһэн аны оҕолоох үрүҥ эһэттэн үөһээ халлааҥҥа тахсан былыттары кыйдыырыгар көрдөспүттэр. Эһэлэрэ сөбүлэспит. Дьэ туран үөр бөрөлөр улуйан оҥолуйбуттар. Туундараҕа күүстээх да күүстээх тыал түспүт. Улахан холорук ытыллан, оҕолоох эһэни үөһэ куйаарга өрө көтүтэн таһаарбыт. Былыттар куттанан үрүө таара устубуттар. Халлаан халлыбытыгар сулустар чаҕылыспыттар. Ыйдаҥа сырдык сардаҥалара сири сырдаппыттар. Дьүкээбил тырымнас уоттара үөрэ оонньообуттар. Эһээ дьыл этэҥҥэ, суолун булан муммакка саҥа дьыллааҕы бэлэхтэрин оҕолорго тиэрдибит. Онтон оҕолоох эһэ -оҕолоор, билигин даҕаны халлаантан түспэккэ сулус буолан хаалбыттар эбит. Былыта суох киэһээҥҥи халлааҥҥа болҕойон көрөөрүҥ эрэ, улахан уонна кыра эһэ сулустары.
Дьэ аны салгыы туундарабытыгар төннүөххэйиҥ эрэ оҕолоор. Кыыл табабыт хас да күнү тохтообокко айаннаан, күн киирэр хайатыгар тиийбит. Аллараа дойду адьарайдара сытыы муостаах табаны күүппэтэх буолан соһуйан- уолуйан хаалбыттар. Табалара сытыы муоһунан күнү ооҕуй оҕус тимир илимиттэн босхолообут. Күн үөһээ көтөн тахсыбыт. Кини сырдык уотуттан харахтара саатан аллараа дойду адьарайдара төттөрү сир анныгар куотарга күһэллибиттэр. Итинтэн ыла, хоту дойдуга ороһооспоттон саҕалаан үрүҥ кун тахсар буолбут. Онтон оҕолоор күнү быыһаан аҕалбыт табаны туундараҕа наһаа таптыыллар уонна киниэхэ сүгүрүйэллэр.
Андрей Константинов