Дьарҕаалаах нэһилиэгэ саҥа үөрэх дьылыгар бэлэмнэнэн үлэ-хамнас тигиниир. Сиһилии нэһилиэк орто оскуолатын дириэктэрэ Сергей Иванов сырдатта.
— Биһиги оскуолабытыгар уопсайа 30 оҕо үөрэнэр, уһуйааммытыгар 20 оҕо сылдьар.
Билигин дьиэлэрбитигэр өрөмүөн үлэлэрэ бара тураллар, уопсайа 5 эбийиэктээхпит. Спортивнай саалаттан ураты бу дьиэлэрбит бары эргэлэр, ол иһин сыллата өрөмүөҥҥэ наадыйаллар.
Улахан оскуолабыт уруккута Райпо дьиэтэ этэ. Сваяҕа турар дьиэ, инньэ гынан сыллата тымныйара күүһүрэн иһэр. Онон тымныыбытын кытта охсуспуппут хаһыс да сыла, кыайтарбат, ону билигин кыайар кыахха кэллибит дии саныыбыт. Ол курдук, былырыын дьиэ иһигэр тепловентилятордары туруорбуппут. Онтубут сүрдээҕин көдьүүстээҕин көрдөрбүтэ. Ол да буоллар, аллараанан син биир күүскэ үрэрэ биллэр. Аллараа өттүбүт 10-12 кыраадыс эрэ буолар, 50 кыраадыс тымныыга. Инньэ гынан былырыын былааннанан баран аллараа өттүн хайаан даҕаны сылытыахха наада диэн матырыйааллары ылларбытым, ол билигин кэлэн турар. Халлаан көннө даҕаны аллараа өттүн бүтүннүү ыстарыахпыт уонна истиэнэтин сылытыахпыт. Оччоҕо биһиги аахтарбытынан бу оскуолабыт дьиэтэ сылыйыахтаах, үөрэнэргэ, үлэлииргэ усулуобуйа баар буолуохтаах.
Онтон уһуйаан өттүгэр тохтоон ааһар буоллахха, кырачааннар сылдьар хосторо эмиэ аллараанан тымныйар этэ. Ону эмиэ сылыттыбыт.
Ону сэргэ алын сүһүөх оскуола буоллун, уһуйаан буоллун сылытыы үлэтэ бара турар. Ити дьиэлэрбит урут- уруккуттан линолеумнара уларыйбатаҕа олох ырааппыт, ону уларыттыбыт, билигин үчүгэй турукка киирдэ.
Биһиги былырыын эргэ дьиэни оҥорон, ититиигэ холбоон мастарыскыайы үлэҕэ киллэрбиппит. Быйыл бу дьиэбит өрөмүөннэнэ турар, бириэмэтигэр бүтүөҕэ уонна оҕолор туһунан үөрэнэр, үлэлиир буолуохтара. Үлэ , ОБЖ уруоктарыгар кэккэ уларыйыылар киирдилэр, учуутал үөрэммит буолуохтаах, диэн ирдэбил турар. Онон, сайыҥҥы өттүгэр биһиги ОБЖ учууталбыт анал кууруһу үөрэнэн билигин сертификат ылан турар, ирдэбилгэ эппиэттиир кыахтанныбыт.
Хаадырынан хааччыллыы туһунан этэр буоллахха, нуучча тылын уонна физика, информатика учууталлара кэллилэр. Инньэ гынан толору хааччылынныбыт, аһаҕас вакансияны барытын толордубут.
Биир түгэҥҥэ тохтоон ааһыахпын наада, икки эбийиэкпитигэр, ол эбэтэр спортивнай саалбытыгар уонна улахан оскуолабытыгар үбү-харчыны экэниэмийэлиир сыалтан быйыл теплосчетчик туруортардыбыт. Ол үппүтүн-харчыбытын мастарыскыайбыт ититиитин төлүүр гына оруобуна сөп буолуохтаах.
Балаҕан ыйын 1 күнүн көрсөргө оскуолаларбыт, уһуйааннарбыт толору бэлэм буолуохтара диэн бигэ эрэллээх олоробут. Итиннэ туһааннаах, сыаллаах үлэлэр күүскэ ыытылла тураллар.
Түгэнинэн туһанан, улуус дьаһалтатыгар махталбын биллэриэхпин баҕарабын, биһиги, төрөппүттэр көрдөһүүбүтүн сөпкө өйдөөннөр, өйөөннөр оҕолорбут сайын эксээмэн туттара баралларыгар оҕолор уонна кинилэри салайан илдьэ сылдьар учуутал бырайыастарын уйуммуттарыгар, дьиэ булан биэрэн, биир дьиэҕэ олорон эксээмэн туттардылар, төрөппүттэр уонна бэйэм ааппыттан махталбын биллэрэбин. Биһиги курдук тыа сиригэр олорор дьоҥҥо бу улахан кыһалҕа буолар, урукку дьылларга ити өттүгэр кыһалҕалары көрсөр эбит буоллахпытына, ааспыт үөрэх дьылыгар улуус дьаһалтата утары кэлэн ити боппуруос быһаарыллыбыта олус үчүгэй. Маны таһынан, улуус дьокутааттарыгар, улуус баһылыгар өрөмүөн үлэтин ыытарбытыгар сыллата харчы көрдүүбүт, быйыл хайа да дьыллааҕар элбэх үбү ыламмыт сүрдээх сүҥкэн үлэлэр ыытылла туралларыгар махталбытын тиэрдэбит. Кэлэр сылга эмиэ харчы кыһалҕата туруоҕа, ону өйүөхтэрэ диэн бигэ эрэллээхпин. Спортивнай саалбыт эмиэ тымныйда, ол өрөмүөнэ хайаан даҕаны барыан наада диэн былааҥҥа туруордубут, ону өйүөхтэрэ диэн бүк эрэлбитин биллэрэбит.