Саккырыыр орто оскуолата саҥа үөрэх дьылын үгүс уларыйыылаах көрсөр

Сайыҥҥы сынньалаҥ көрүөх бэтэрээ өттүгэр бүтэ охсон, оҕолор, учууталлар, иитээччилэр саҥа үөрэх дьылыгар үктэнэллэрэ субу тигинээн кэллэ. Онуоха быйыл Р.И. Шадрин аатынан Саккырыыр орто оскуолатыгар туох уларыйыы баарын, хас оҕо маҥнайгы кылааска үктэнэрин, хас оскуоланы бүтэрээччи баарын уо.д.а. туһунан дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы Нария Андросова сырдатта.
  • Саккырыыр орто оскуолатыгар 2023-2024 үөрэх дьылыгар маҥнайгы кылааска киирэргэ 24 сайабылыанньа киирдэ. Икки паралельнай кылааска кырачааннары эдэр учуутал Яна Алексеевна уонна уопуттаах учуутал Сахаяна Михайловна үөрэтиэхтэрэ. Биир кэлим судаарыстыбаннай эксээмэни быйыл 8 үөрэнээччи, булгуччулаах судаарыстыбаннай эксээмэни 19 оҕо туттарыахтара.

Саҥа үөрэх дьылын элбэх улахан уларыйыылаах көрсөн эрэбит. Ол курдук, Арассыыйа бары оскуолалара саҥа ФООП-нан (федеральные основные общеобразовательные программы) үлэлээн эрэллэр, ол эбэтэр хас биирдии учуутал аны федеральнай таһымҥа бигэргэммит «көмүс стандартынан» үлэлиир, үөрэтэр буоллулар (учебник, үлэлиир бырагыраама, иитэр бырагыраама, бэриллэр предметтэр тиэмэлэрэ, үөрэх дьылын халандаара, үөрэх былаана уо.д.а.).

Ону таһынан НВП (начальная военная подготовка) ОБЖ предметигэр модуль быһыытынан киирэн улахан кылаастарга бэриллэр буоллаҕына, 5-9 кылаастарга үөрэх таһынан куруһуок курдук буолар.    

Хаадырынан, учууталларынан хааччылыы туһунан этэр буоллахха, бары толорубут.

Түгэнинэн туһанан, убаастабыллаах кэллиэгэлэрбин, төрөппүттэри, күндү оҕолору саҥа үөрэх дьыла саҕаламмытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Үлэҕитигэр, үөрэххитигэр үрдүк ситиһиилэри, доруобуйары баҕарабын. Баҕарбыккыт туоллун, этэҥҥэ барыта сатаннын!

Сардаана Копырина