Саха сүөһүтэ хааһына тэрилтэтин Саккырыырдааҕы салаатыгар сайыҥҥы кэми баттаһа ыанньыксыттар, үүт астааччы үрүҥ илгэни үрүлүтэллэр, торбосчут борооску бөҕөнү төлөһүтэн, үлэ-хамнас үгэнэ. Үүт, суорат, сүөгэй удамыр сыанаҕа атыыланар буолан нэһилиэнньэ хамаҕатык ылар. Өссө эбиитин сайыҥҥы хотон тутуллан бүтэн, сотору кэминэн ыанар ынахтар онно көһүөхтэрэ.
«Сайыҥҥы хотон устата 17 миэтирэ, туората 7,5 миэтирэ. Ортотунан 80 миэтирэ усталаах, 40 миэтирэ туоралаах күрүө хостоох даллаах. Хотон сайылык диэн буолар, сайын итиннэ ынах ыыллар, кыһыҥҥы хотону сынньатар гына. 30-40 төбө ынахха ыанар миэстэлээх. Икки ааннаах, бииринэн киллэрэн ыан баран иккис аанынан таһырдьа дал иһигэр ыытаҕын.
Оттооһун саҕаланан эрэр. Үстүү киһилээх 3-4 биригээдэ буолуох курдук. Былааммыт 212 туонна. От сыаната уруккутун курдук турар, о.э. биһиги тэрилтэбит 1 туоннатыгар 10 тыһ. солк., Түгэһиир нэһилиэгин олохтоох дьаһалтата итиннэ эбии 2 тыһ. солк. биэрэр.
От үүнүүтүн туһунан эттэххэ, өртөммүт эрэ сиргэ үүммүт, кэнчээри өссө ситэ илик, ый бүтүүтэ ситэрэ буолуо», — диэн Саккырыырдааҕы салаа салайааччыта Петр Слепцов кэпсээтэ.
«Сүөһүбүт ахсаана ньирэйдиин аахтахха уопсайа 130-ча. Төрүөх үчүгэй, 45 ньирэй баар. Үлэһиттэр үөрэ-көтө үлэлииллэр, хамнастара даҕаны үчүгэй. Торбосчут Татьяна Семеновна Сотрудникова, ыанньыксыттар Анна Кызыловна Никитина, Сахасталина Николаевна Роббек, Ньургуяна Степановна Горохова уоппускаҕа барбыт ыанньыксыты солбуйа сылдьар, бостуукпут Алексей Семенович Сотрудников. Ыанньыксыттар күҥҥэ иккитэ ыыллар. Үүт астааччы Анна Егоровна Слепцова астыыр, онон үүт, сүөгэй дэлэй, чааһынай дьоннооҕор сыаната удамыр буолан дьон хамаҕатык атыылаһар.
Быйыл саҥа сарай тутуллан бүттэ, сотору кэминэн онно көһүөхтээхпит. Торбосторго былырыын итинник күрүөлээх сарай тутуллубута. Кыһыҥҥы хотоҥҥо өрөмүөн сүрүнэ былырыыр ыытыллыбыта, сайылыкпытыгар көстөхпүтүнэ салгылыа этэ», — диэн зоотехник Светлана Слепцова сырдатта.
Тыа хаһаайыстыбата, ынах сүөһү, сылгы, таба буоллун, ылсыбыт эрэ бары кыайбат, туппут эрэ бары туругурдубат салаалара буолар. Онон, өбүгэ саҕаттан төрүт дьарыкпытын тутар, күннэтэ түбүгүрэр ферма үлэһиттэригэр үлэлэригэр ситиһиини баҕарабыт.
Сардаана Копырина