Саха сүөһүтүгэр интэриэс лаппа улаатта

Бу күннэргэ улууска «Саха сүөһүтэ” Генофонднай ХТ племенной үлэҕэ сүрүннүүр исписэлииһэ, селекционер – зоотехник Степан Заровняев кэлэ сырытта. Степан Иннокентьевич саха ынаҕа ууһаан – тэнийэн, сайдарын туһугар ис сүрэҕиттэн кыһаллар үлэһит.

  • Мин былааннаммыт үлэм соругунан кэлэ сырыттым. Ааспыт күһүн кэлэн бонитировка, онтон билигин сааскы инвентаризация ыыттым. Сүөһү ахсаанын, туруктарын көрөн – истэн, төрүөх чааһа хайдаҕын, үүт биэрээһинин уонна да атынын билистим. Мин племенной үлэҕэ эппиэттибин. Быйыл үөрүөм иһин, племенной үлэҕэ олохтоох, эдэр кэскиллээх, Никита Старостин диэн, Кустууртан төрүттээх исписэлииһи үлэҕэ ыллыбыт. Кини Саккырыыр, Кустуур сылдьан племенной үлэ картотекатыгар үлэлэһиэҕэ, кылгастык үөрэттим. Племенной үлэҕэ эдэр исписэлиис ылсыыта бу улахан хардыы, испэр киниэхэ бүк эрэнэ саныыбын.

Биһиги хаһаайыстыбабыт судаарыстыба соругун толорор, ол эбэтэр сүрүн сыалбыт диэн, саха сүөһүтүн тарҕатыахтаахпыт. Бу үлэни аргыый, тиһиктээхтик былааннаан ыытабыт. Быйыл Кустууртан 30 төбөнү ылыахпыт, ыччат сүөһүнү таллым. Бу сүөһүлэр киин улууска бараллар.  Билигин сүөһүлэри карантиҥҥа туруордубут. Халлаан сылыйда да, массыына бэлэмнээн ылыахпыт. Манна нэһилиэнньэ ортотугар сыыһа өйдөбүл үөскүөн сөп, ынахпытын ылан бардылар диэн. Оннук буолбатах, саха ынаҕа Эбээн Бытантайга ордон хаалбыт судаарыстыба сүөһүтэ, өрөспүүбүлүкэ баайа. Сүөһү биир сиргэ наһаа элбээтэҕинэ уруурҕааһын барар, бу кутталлаах. Саамай ыарахан боппуруоспут бу буолар, племенной үлэҕэ. Тоҕо диэтэр, саха сүөһүтэ бары биир улуустан, ол эбэтэр мантан тахсыбыт сүөһү буолар. Ол хос хос эбэлэрэ, эһэлэрэ эргийэн кэлэллэр, ол иһин уруурҕаһыы диэн барар, бу сэрэхтээх. Тоҕо диэтэр, сүөһү ыалдьар, төрүөҕэ кыаллыбат буолан киирэн барар. Ол эбэтэр, араас урод,итэҕэс сүөһүлэр төрүүллэр, уулаах ынах сатаан тиллибэт уо.да. Онон, саха сүөһүтэ тэнийэрин туһугар тарҕатыы үлэтэ барыахтаах. Билигин Кустуурга 157 төбө баар, 70-80% уулаах.   Үчүгэй, улахан хотон суох, тутуу боппуруоһа турбута ыраатта. Александр Еремеевич саҥа хотон тутуутугар үлэлэһэ сылдьар, тутуллар сирин – уотун чинчийиитэ ыытыллан турар. Биллэн турар, улахан тутуу үгүс үбү – харчыны эрэйэр,  бу боппуруос быһаарылыннаҕына хотон тутуллуохтаах, былааҥҥа баар. Саккырыырга 128 төбө баар, 90-ча  % уулаах, мантан быйыл сүөһү ылыллыбат. Билигин саха сүөһүтүн сэҥээрээччи элбээтэ, ыаллыы Дьааҥы улууһуттан ыраах Муоматтан тиийэ көрдүүллэр. Онон, кыра кыралаан тарҕатыы барар. Манна чааһынайдарга эмиэ этиилэр киирэллэр эбит. 90-с сылларга саха сүөһүтүн ахсаана өрөспүүбүлүкэҕэ 900- чэ эрэ эбит буоллаҕына, бүгүҥҥү күҥҥэ 3000 төбөҕө тиийдэ, эбиллии баар. Ынах ахсаана 1000 төбө буолла. Бу билим өттүнэн ыллахха, кутталлаах статустан таҕыста, диэн буолар. Аны үһүс кэрдиис баар “уязвимый статус” диэн, ол аата төрүүр ынаҕа 5000 төбө буолуохтаах. Бу кэннэ “нормальный статус”  диэн кэлэр. Племенной үлэтэ барыахтаах, арааран доруобайын хаалларын, арыый да мөлтөҕүн туһаҕа ыытыы. Бу кэрдиискэ кэлэргэ , сүөһүбүт 10000 төбө буолуохтаах. Онно тиийэрбит ыраах да буоллар, тиийэргэ үлэ ыытар соруктаахпыт. 1929 сыллаах перепись түмүгүнэн саха сүөһүтүн төбөтүн ахсаана 400000!буола сылдьыбыт. Бу докумуонунан бигэргэммит көрдөрүү. Онтон ордон хаалбыт сүөһүбүтүн тэнитэр үлэ судаарыстыба болҕомтотугар күүскэ ылыллан турар. Кэккэ сылларга манна хаһаайыстыба үлэтигэр ыарахаттар бааллара. Билигин хартыына атын, сүөһү туруга куһаҕана суох. Тэрээһин да үлэтэ үчүгэйинэн, от да үүнүүтэ баарыттан, быйыл манна оттооһун хампаанньата хаһааҥҥытааҕар да кыалынна. Эбии аһылык тиэллэн кэлиэҕэ. Үлэһит чааһын эттэххэ ама, ол эрэн атын филиалларга тэҥнээтэххэ, манна киирии – тахсыы, уларыйыы ордук элбэх. Эбээн Бытантайга урукку кэмнэргэ cүөһү ахсаана 200-тэн тахсыбат буоллаҕына, билигин сыһыан да уларыйан, ирдэбил да улааппытынан 300-тэн лаппа тахсан эрэр. Биһиги 9 филиаллаахпыт, хас биирдии хаһаайыстыбабытын былааннаахтык кэрийэн үлэ ыытабыт. Бу күннэргэ манна матырыйаалынай-тэхиниичэскэй баасаны көрө — истэ исписэлиис кэлиэҕэ. Кылгастык сити курдук.

Саха сүөһүтүгэр интэриэс лаппа улаатта, киин улуустартан, дойду куораттарыттан да ииттиэн баҕалаах элбээтэ. Сахабыт ынаҕа барахсан хойуу үүттээҕинэн, ураты минньигэс сыалаах (мраморнай) эттээҕинэн киэҥник биллэр. Аны тымныыны тулуйумтуота, кыра аһылыктаах буолан, хайдахтаах да тыйыс тымныы кыһыны үчүгэйдик туоруур. Тохсунньу томороонугар ойбонтон уулуур. Ону таһынан, уһун үйэлээх, сүүрбэ сыл үчүгэй төрүөҕү биэрэр. Талыы ынах 5,5 % сыалаах 2500 л үүтү биэриэн сөп. Урукку кэмҥэ, “Ленинскэй” сопхуос бастыҥ ыанньыксыта Ульяна Никитина 15 фуражнай ынахтан 1813 кг. үүтү ыан өрөспүүбүлүкэҕэ рекорд олохтообута. Бу туһунан киэҥник кэпсииллэрэ, суруйаллара.

Ааспыт күһүн тэлэбиисэргэ үйэтин тухары офиска үлэлээбит дьахтар, Подмосковьеҕа саха ынаҕын ылан ииттэрин туһунан сюжет көрдөрбүттэрэ, онно кини «Мечта, а не корова!”диэбитин хайдах эрэ наһаа астына, биһиэнэ эбээт диэн,  киэн тутта көрбүтүм. Өрөспүүбүлүкэ салалтата саха сүөһүтүн ииттэр дьоҥҥо сүрдээх боччумнаах өйөбүллэри олохтоотулар. Онон, эдэрдэр да саха ынаҕын ииттэргэ толкуйданар буолбуттара хайҕаллаах. Ол аата, сотору да буолбатар, кэнчээригэ сүөһү ахсаанын дьоһун ахсаана тиэрдиллэрэ кыаллыаҕа, диэн эрэл үөскүүр.

«Саха сүөһүтэ” генофонднай ХТ тэриллибитэ 5 сыл буолар. Устуоруйаны сэгэттэххэ, саха ынах сүөһүтэ уопсай ахсаана 1930 сыллаахха 500 тыһыынчаттан тахса эбит. Оччо элбэх сүөһүттэн Эбээн Бытантай национальнай улууһун хаһаайыстыбаларыгар 900-тэн эрэ тахса сүөһү ордон хаалбыт.  Кэккэ сылларга сахабыт сүөһүтэ сүтэр, симэлийэр кутталга киирэ сылдьыбыта. 2020 сыл саҥата Ил Дархан Айсен Николаев анал дьаһалынан “Саха сүөһүтэ» Генофонднай Хааһына Тэрилтэтин тэрийбитэ. 5 сыл иһигэр сүрдээх сыралаах үлэ ыытылынна, үтүө түмүктэр да бааллар.

 

Яна РОЖИНА.

 

Читайте дальше