Хоту улуустарга хомуур ыам ыйын 1 күнүттэн былааннанар. Биһиги улууспутугар хомуур хайдах быһыылаахтык ыыьылларын туһунан «Түгэһиир нэһилиэгэ” олохтоох дьаһалта байыаннай учуокка исписэлииһэ Октябрина Антонова сырдатта.
Арктика улуустарыгар хомуур сылга биирдэ буолар.
Быйыл саас, ол эбэтэр ыам – бэс ыйдарыгар былааннанна. Хамыыһыйаны байыаннай хамыһаар Ярослав Шумейко салайар.
Улуус киинигэр саппааска 211 киһи турар.Байыаннай учуокка туруу уол оҕо 17 сааһыт
тан саҕаланар. Кини бу сааһын ситтэ да, аан бастакытын учуокка турар. Биһиэхэ быйыл аан бастакытын байыаннай учуокка туруу испииһэгэр 6 уол киирдэ. Ону таһынан, 20 киһи 27 саасһыгар диэри хат доруобуйаларын чинчийиитин (медицинское переосвидетельствование) ааһыахтара. Сыл аайы хомуур хамыыһыйатын ааһар дьон ахсаана улаханнык уларыйбат. Ылан көрдөххө, аармыйаҕа барыы биллэ аччаата, үксүн кэриэтэ доруобуйа туругунан сыыйыллаллар. Биһги үлэбит сүрүнэ саастаах дьону учуокка ылыы, саастарын сиппит дьону учуоттан устуу, байыаннай докумуоннарга көмөлөһүү буолар. Маны тэҥэ, тэрилтэлэргэ байыаннай учуот ыытыытыгар үлэлэһэбит.