Саха эстрадатын чаҕылхай сулуһун Михаил Рожины биһиги, биир дойдулаахтара эрэ буолбакка, бүттүүн Саха сирин олохтоохторо, ырыаны, муусуканы сэргээччилэр бары бэрткэ диэн билэбит. Кини билигин Оталан диэн эбээннии саҥа ааттаах, сахалыы тылбаастаатахха «сүүрүгү утары устар» диэн.
Бу күннэргэ «Бытантай уоттара» хаһыат эрэдээксийэтэ телеграм-ханаалбытыгар үөрүүлээх сонуну, ол эбэтэр уолбут Саха Өрөспүүбүлүкэтин Юрий Платонов аатынан судаарыстыбаннай эстрада тыйаатырын ансаамбылын кытары Ставрополь куоракка буолбут «Солдатский конверт-2024» патриотическай ырыалар норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээл-куонкуруска ситиһиилээхтик кыттаннар, «Ансамбль» номинацияҕа 2 истиэпэннээх Лауреат үрдүк аатын ылбыттарын туһунан суруйан, сырдатан турабыт.
Түгэни мүччү туппакка, күндү ааҕааччыларбытыгар эрэннэриибитин толорон, биһиги биир дойдулаахпытын кытары бассаап ситимин нөҥүө кэпсэтэн, төрөөбүт улууһун хаһыатыгар интервью биэрэригэр көрдөстүбүт.
— Бастатан туран, «Солдатский конверт-2024” норуоттар икки ардыларынааҕы үрдүк таһымнаах куонкуруска кыттан, бүттүүн Саха сирин дорҕоонноохтук ааттатан, дьоһун ситиһиигитинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
— «Солдатский конверт-2024» патриотическай ырыалар бэстибээл-куонкурустара 31-с төгүлүн ыытылынна, сүрдээх үчүгэйдик, үрдүк таһымнаахтык ааста. Үөрүү-көтүү, эмоция бөҕөтө. Тэрээһин чааһа олус үчүгэй! Улахан артыыстар быыстарыгар сырыттыбыт, хайҕабыл бөҕө ыллыбыт.
— Бу маннык ситиһии, биллэн туран, тутатына кэлбэт. Аан маҥнай саха эстрадатын суолугар хайдах үктэммиккиний, баһаалыста сырдата түс.
— 2008 сыллаахха оскуолабын бүтэрэн баран, Дьокуускайдааҕы култуура колледжыгар туттарсан киирбитим. Ол кэнниттэн кыра-кыралаан ырыа оҥотторуута, айыыта, студияҕа үлэлэр саҕаламмыттара. Сыллар-хонуктар устата ыллаан-туойан кэлэммин, 2022 сылга Ю. Е. Платонов аатынан судаарыстыбаннай эстрада тыйаатырыгар үлэҕэ киирэн ситиһиилээхтик үлэлии-хамныы сылдьабын.
— Оталан диэн эбээннии ааты ылбыккын. Саҥа аатын ис хоһоонун туһунан билиһиннэрэ түс.
— Аатым уларыйбыта биир сылыгар барда. 2021 сылтан ыла толкуйданан, бу быйыл саас саҥа ааты «Оталан» диэни иҥэринним. Мин олоҕум устатын тухары өрүү сүүрүгү утары уста сылдьар курдукпун, хаһан да барыта чэпчэки, уурбут-туппут курдук буолбат, инньэ гынан норуокка этэллэрин курдук, «Мертвая рыба по течению, а живая против течения”.
— Докумуоҥҥунан эмиэ ааккын-суолгун уларыттыҥ дуо?
— Эһээм Михаил Ушницкий аатын ылбытым. Ушницкий Долун Михайлович — Оталан диэн буолбутум. Долун диэн төрөөбүт күммүнэн.
— Киин сиртэн ыраах тайаан сытар Эбээн Бытантай улууһуттан саха эстрадатыгар тиийэ үүнэн-сайдан тахсыы, дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр-көстөр буолуу бэйэтинэн үрдүк ситиһии. Бу ситиһии төрдө туохханый, эн санааҕар?
— Ханнык баҕарар ситиһии улахан үлэттэн, дьулууртан, мэлдьи бэйэҕин кытары үлэттэн тахсар.
— Бэйэҥ төһө элбэх ааптарскай ырыалааххыный?
— 20-чэ баара буолуо. Билигин саҥа ырыа бөҕө тахсаары турар. Ааптарскай да баар уонна ааттаах-суоллаах убайдарым Байбал, Лэгэнтэй, Аскалон Павлов уо.д.а. суруйан биэрбит ырыаларыттан эмиэ баар буолуохтара. Эбээннии да ырыалар бааллар, икки ырыа оҥоһулла сылдьар.
— Үлэҥ сүнньүнэн кэпсии, сырдата түс.
— Үлэбэр алтынньы ыйга «Кыһыл күн» саҥа испэктээк премьерата буолаары турар. Бу испэктээккэ сүрүн оруолу оонньоору үлэ үрдүгэр умса түстүбүт.
— Дойдуҥ диэки гастроллуу кэлэр былаан баар дуо?
— Дойдум диэки кэлиэхтээх этим да бу күрэххэ барар буоламмын сатаан кэлбэтэҕим, барыахтаах билиэппин төнүннэрэргэ күһэллибитим.
— Инники баҕа санааларыҥ.
— Инники баҕа санааларым диэн күүскэ үлэлииргэ, сүүрэргэ-көтөргө уонна саамай кылаабынайа тостубакка, бэринэн, олорон хаалбакка харса суох инним диэки барыы, биирдэ бэриллибит олоҕу үчүгэйдик, ситиһиилээхтик олорон хаалыахха наада диэн бигэ санааны тутуһабын.
— Эдэр ыччаттарга, оҕолорго тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Эдэр дьоҥҥо сүбэм диэн кылаабынайа баҕа санааларын тутуһалларыгар уонна ол санааларын диэки эрэллээхтик хардыылаан, олоххо киллэрэллэригэр баҕарыам этэ. Киһи олоҕо остуол ньуурун курдук көнө, чэпчэки буолбат. Ыарахаттар-уустуктар баар буолуохтара, ол кэмҥэ сыыстарбакка, барытын тулуйан, көрүнэн, туохха да бэриммэккэ, туохтан да чаҕыйбакка, иннигит диэки өрүү барыҥ. Киһи олоҕо диэн наһаа кылгас, бэриллибит сыллары-хонуктары чаҕылхайдык олорон хаалыахха наада.
— Сиһилии кэпсэтииҥ иһин махтанабыт.
Олоххо сэдэктик бэриллэр эриэккэс куоластаах уолбутугар айымньылаах үлэтигэр өссө да үрдүк чыпчааллары дабайан, төрөөбүт Сахабыт сирин, Эбээн-Бытантай улууһун өрүү дорҕоонноохтук ааттата сылдьарыгар баҕарабыт!
Сардаана Копырина