Улуус дьаһалтатын дьиэтигэр муниципальнай сулууспаҕа 20 тахса сыл, ол иһигэр оройуон аҕа баһылыгын солбуйааччытынан өр сылларга үлэлээбит, социальнай-экономическай сайдыыга сүҥкэн кылаатын киллэрбит Раиса Старостина бочуоттаах сынньалаҥҥа барар долгутуулаах түгэнэ буолла.
Тэрилтэлэр салайааччылара Раиса Дмитриевнаҕа үгүс истиҥ тыллаах махталларын тириэртилэр. Улуус аҕа баһылыга Иннокентий Стручков баай уопутун, оройуон сайдыытыгар киллэрбит кылаатын бэлиэтээн туран, «Эбээн-Бытантай национальнай улууһун бочуоттаах олохтооҕо» үрдүк бэлиэни туттарда.
Түгэһиир нэһилиэгин баһылыга Сергей Аликов долгуйан туран, нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо бэлиэни туттарбыта дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланна.
Эдэр сааһыттан төрөөбүт дойдутуттан харыс халбарыйбакка үлэлээбит Раиса Дмитриевна бары мустубут салайааччыларга махтанна, эдэр баһылыкка Иннокентий Николаевичка үлэтигэр ситиһиилэри баҕарда.
«Убаастабыллаах тэрилтэ салайааччылара! Эһиги бары өр кэмҥэ бииргэ үлэлээн нэһилиэкпит, улууспут сайдыытын туһугар бэйэҕит салааҕытынан, хайысхаҕытынан сүрэххитинэн-быаргытынан, ис дууһаҕытынан ыалдьан үлэлиир дьон буолаҕыт. Биһиги улууспутун ылан көрдөххө, өрөспүүбүлүкэбит биир ураты оройуона буолар. Ханнык даҕаны улууска биһиэхэ курдук, ынах, сылгы, таба иитиитэ тэҥинэн тутуллан турбат. Тыа хаһаайыстыбатын үс сүрүн салаата иитиллэн турара биһигини ураты оҥорор.
Билигин сүрдээх интэриэһинэй кэм кэллэ. Ханнык баҕарар хайысхаҕа үлэ, сайдыы балысханнаахтык барар турар. Мин үөрэрим диэн биһиги оройуоммут атыттартан хаалсыбакка, сорох хайысхаҕа өссө ситиһиитэ үгүс. Араас министиэристибэлэртэн, биэдэмистибэлэртэн кэлбит дьоннор, ыалдьыттар сүрдээх элбэх үлэ, тутуу барарыттан, эдэр ыаллар, кэтэх хаһаайыстыбалаах дьоннор элбэхтэриттэн, эдэр ыччаттар үөрэхтэрин бүтэрэн баран төрөөбүт дойдуларыгар кэлэн үлэлииллэриттэн сөҕөллөр-махтайаллар. Ол аата улууспут инники кэскиллээх эбит диэн этэллэр.
Билигин үлэлииргэ-хамсыырга туох барыта баар. 2020 сыллаахха улууспут аҕа баһылыга Гаврил Горохов, тэрилтэ салайааччылара, нэһилиэнньэ туруорсууларынан Ил Дархаммыт Айсен Николаев миэстэтигэр көтөн кэлэн, бэйэтэ илэ хараҕынан көрөн, эт кулгааҕынан истэн, тэрилтэ салайааччыларын кытта көрсүһэн, социальнай эбийиэктэри кэрийэн, улууска баар кыһалҕалары миэстэтигэр билсэн, ол түмүгэр оройуон социальнай-экономическай сайдыытыгар анал соруктара тахсан сүрдээх элбэх үлэ барда уонна билигин даҕаны барар диэн бэлиэтиэххэ наада. Ону сэргэ быйыл СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко кэлэн барбыта, итиннэ эмиэ анал соруктар тахсан тураллар, туох баар тутууларбыт, үлэлэрбит барыта киирэн, сурукка-бичиккэ тиһиллэн үбүлэннилэр даҕаны, бырагыраамаларга киирдилэр даҕаны. Ити биһиги үлэбитигэр-хамнаспытыгар сүрдээх көмөлөөх. Онон, билигин ити дьаһалларга, соруктарга олоҕуран үлэ өссө тэтимирэн, барыта олоххо киирэрэ дьиҥ кыаллар суол, онон үлэлиэххэ-хамсыахха эрэ наада.
Биһиэхэ саамай суолталаах киһи ресурсата, ол эбэтэр улууһу салайар тэрилтэ салайааччылара буолаллар. Хайаан даҕаны этиэххэ наада, тахсыбыт боротокуолларга быһаччы үлэлэспит дьонунан кинилэр буолаллар. Онон, инникитин улууспут, дьоммут-сэргэбит, дойдубут туһугар бары бииргэ түмсүүлээхтик үлэлээҥ.
Бары бииргэ үлэлээбит кэммитин бэлиэтээбиккититтэн, истиҥ тыллаах махталгытыттан олус долгуйдум, соһуйдум, сүрдээх улахан наҕарааданы туттардыгыт. Биһиги ортобутугар сүрдээх уопутаах, дьиҥ патриот тэрилтэ салайааччылара бааллар, онон хас биирдиигитигэр махталбын тиэрдэбин. Барытыгар чэгиэн доруобуйаны, үлэҕитигэр өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабын, бэйэҕит эппиккитигэр диэри эһигини кытта арахсар, биллэн туран, ыарахан, ол гынан баран олох салҕанар, үлэ барар, онон өссө төгүл махталбын тиэрдэбин», — диэн Раиса Дмитриевна түмүктээн эттэ.