Манна биһиги улууспут аан маҥнайгытын кыттыыны ылла.
Бу туһунан улууска тыа хаһаайыстыбатын салалтатын салайааччыта Лена Бочкарева сырдатта.
Үрдүк таһымнаах тэрээһиҥҥэ биһиги маҥнайбытын кытынныбыт. Билэ – көрө, уопут ыла диэн санааттан барбыппыт. Таба, саха сүөһүтүн этин, иһин, сибиэһэй, туустаах дьарҕаа балык илдьибиппит. Табабыт этэ тутатына бүппүтэ, сахабыт ынаҕын этин сэргиир дьон иккис күнүгэр хат эргийэн кэлэн атыыласпыттара. Билэр дьон 20-30 киилэнэн, сыанатын көрө да барбакка атыыластылар. Дьарҕааны эмиэ ураты амтаннааҕынан бэлиэтээтилэр, сибиэһэйин үлдьү ылбыттара. Биллэн турар, саха ынаҕын үүт ааһы кэтэспиттэр. Биһиги оҥорон таһаарар сыахпыт суох буолан, куонкурустарга кыттыбатыбыт. Чэ, эһиил буоллун. Сүрдээх баай уопут ыллыбыт, тугун – ханныгын үөрэттэхпит дии. Маннык тэрээһиннэргэ сылдьан киһи үлэтигэр сүрдээх элбэҕи эбинэр, үөрэнэр диир тоҕоостоох. Түгэнинэн туһанан, күүс – көмө буолбут, өйөөбүт дьоммутугар улахан махталбын этэбин. Улууспут чэчирии сайдарын туһугар биир санааны түмэн үлэлээтэххэ – хамсаатахха, үтүө түмүк кэлэр.
Яна Рожина