Сахабыт сирин бары улуустарыгар билигин күргүөмнээх от үлэтэ ыытыллар. Күн-дьыл туран биэрэн Аллараа-Бытантай нэһилиэгэр оту кыайа тутан эрэллэр.
«Нэһилиэк олохтоохторо “Саха сүөһүтэ” хааһына тэрилтэтин кытары 5, 10, 20 туоннанан дуогабардаһан оттуу сылдьаллар. Уопсай былааннара 268 туонна от. От харчытын 30% номнуо ылан тураллар.
Быйыл от үүнэн чааһынайдар да, дуогабардаахтар да оту кыайа тутан эрэллэр. Халлаан туран биэрэн кээһии да элбээтэ. Сорох тиэхиньикэлээхтэр суол курааннаан отторун олбуордарыгар тиэннилэр. Билигин от үлэтэ күөстүү оргуйар», — диэн нэһилиэк баһылыгын солбуйааччыта Алексей Баишев сырдатта.