От ыйын 8 кунугэр Бүтүн Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, таптал уонна эрэллээх буолуу күнэ бэлиэтэнэр

Бырааһынньык 2008 сылтан бэлиэтэнэр буолбута. Бигэ туруктаах, дьоллоох дьиэ кэргэн – таптал, үтүө санаа уонна кыһамньы биһигэ, модун уонна дьоллоох дойду бөҕө тирэҕэ буолар. Бүгүн, от ыйын 7 күнүгэр, Дьокуускайга кэргэннии Анна Афанасьевна, Иннокентий Николаевич Колмогоровтары чиэстээһин үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытылынна. Кинилэр 50 сыллааҕыта эдэр дьон харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн таптаһан аал уоту оттунан, алаһа дьиэни тэринэр бигэ санаалаах сыһыаннарын сокуонунан бигэргэппиттэрэ номнуо ыраатан Кыһыл көмүс сыбаайбалара тиийэн кэлбит.
Иннокентий Николаевич Колмогоров Кэбээйи оройуонун Сииттэ нэһилиэгиттэн, Анна Афанасьевна Колмогорова Анабаар улууһун Сааскылаахтан төрүттээхтэр. Маннык бэйэ-бэйэлэриттэн ыраах сиртэн сылдьар дьон ханна? Хайдах?көрсөн ыал буолбуттарын туһунан кэпсииллэригэр көрдөстүбүт.
«1972сыллаахха Чалаҕан диэн учаастагар баар хомсомуол ыччаттарын пиэрмэтиттэн Сииттэ нэһилиэгэр кэллэктииптэр кэнсиэрдэригэр Анна кытта кэлбитэ. Онно киэһэ бэлэмнэнии саҕана кулуупка хаалаан маҕан кырса бэргэһэлээх, саҕалаах, күөх дыраап пальтолаах кыыс киирэн кэлбитэ, кини кэрэ көстүүтүн, ямочкалаах мичээрин көрөн сүрэҕим тохтуу сыыспыта. Хорга ыллыырбытыгар мин иннибэр турбута, онно мин уһун суһуоҕуттан тардыалаан билсиһэн саҕалаабытым. Бэлэмнэнии кэнниттэн үҥкүү биэчэрэ буолбута, онно дьэ, мин бытаан үҥкүүгэ ыҥыран үҥкүүлээбиппит, ити курдук бастакы билсиһиибит буолбута. Онтон кини төттөрү пиэрмэтигэр үлэлии барбыта, күһүн Сииттэҕэ кэлэн пиэрмэҕэ үлэлээбитэ, онно мин үлэтигэр көмөлөһөн, дьиэтигэр атааран сылдьыбыппыт, ол кэннэ 1973сылга ыал буоларга сананан холбоспуппут.
1975 с. Дьокуускай куоракка көһөн барбыппыт, арааһынай үлэҕэ үлэлээбиппит, онтон мин 1981 с. ДьГУ-га таһыттан үөрэнэн “Зооинженер” исписээлинэһин баһылаабытым. 1986 с. диэри Дьокуускай «Госплемобьединенияҕа» зоотехнигынан үлэлээбитим, ити сылга Минсельхоз ЯАССР бирикээһинэн Дьааҥы оройуонун “Ленинскэй” сопхуос саха сүөһүтэ генофонда хааһынатыгар салайааччы солбуйааччытынан ананан Эбээн-Бытантайга барбыппыт. Кэргэним Анна иистэнии кууруһун бүтэрэн иистэнньэҥ идэлэммитэ, Саккырыырга кини Быткомбинат сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Ити курдук, Эбээн-Бытантай улууһугар олохсуйан 30 сыл ньыр бааччы олорбуппут.
Мин бэйэм үлэ бэтэрээнэ, Эбээн Бытантай бочуоттаах олохтооҕо буолабын, Анна үлэ бэтэрээнэ, СӨ Норуотун уус-уран оҥоһуктарын маастара, СӨ Култууратын туйгуна. Былырыын “За любовь и верность” диэн мэтээлинэн наҕараадаламмыппыт.
4 оҕо төрөтөн, 9 көмүс сиэннэрдээхпит, 5 хос сиэннэнэн күн бүгүҥҥүгэ диэри таптаһан, дьоллоохтук олоробут.»
Дьиэ кэргэн, таптал уонна эрэллээх буолуу күнүгэр анаабыт курдук, биһиги улууспутун кытта ыкса сибээстээх дьоннорбут Кыһыл көмүс сыбаайбаларынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Маннык уһун үйэлээх, дьоллоох дьиэ кэргэн биһиги улууспутугар элбии туралларыгар баҕарабыт!

 

Марианна СЛЕПЦОВА