Оскуола аана тэлэччи арыллан, оҕо аймах үөрүүтэ үксээтэ!

И. Н. Слепцов аатынан Кустуур орто оскуолатыгар алыптаах тыаһынан дуораһыйар, кулгааҕы манньытар, сүрэҕи долгутар маҥнайгы чуораан лыҥкынас тыаһынан саҥа үөрэх дьыла саҕаланна.

Билии күнэ, биллэн туран, бары көлүөнэҕэ долгутулаах, эһээлэр, эбээлэр, төрөппүттэр оҕолорун оскуолаҕа атаараллар, онтон оҕолор аан маҥнай оскуола боруогун үктэммит курдук хас хардыыларын аайы сүрэхтэрин тэбиилэрэ күүһүрэн, оскуола аана тэлэччи арыллаатын кытта ахтылҕаннарын таһааран «Оскуолабын, учууталларбын, доҕотторбун аҕыннахпыан» диир саҥалара үгүстүк иһилиннэ.

Билии күнэ Кустуур орто оскуолатыгар үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытылынна. Оскуола аттынан ааһан иһэр дьон оҕо чаҕаархай куолаһын истэн «мичик» гынан мичэрдээн эрэ ылаллар. Бу күн Кустуур орто оскуолатыгар 11 үөрэнээччи аан маҥнай оскуола боруогун атыллаан бастакы кылаас үөрэнээччилэрин аатын үрдүк чиэстээхтик сүктүлэр. Кинилэр маҥнайгы учууталларынан, иккис ийэлэринэн Ольга Олеговна Попова буолла. Кэлэр 4 сылы тэҥҥэ атааран, иитэн-такайан, элбэххэ үөрэтэн, билии киэҥ аартыгар маҥнайгы акылааттарын ууруналларыгар үгүс көмөнү оҥоруоҕа. Маҥнайгы кылаас үөрэнээччилэригэр нэһилиэк дьаһалтата, оҕо уһуйаана, оскуола салалтата сэмэй бэлэхтэри туттаран, оҕолор илии тутуурдаах, өттүк харалаах дьиэлэрин диэки мэниктии-мэниктии сүүрдүлэр.

Манна даҕатан этэр буоллахха, быйыл 11 кылааска 7 оҕо үктэннэ, кинилэргэ олохторугар «Оскуола — оҕо саас » диэн ааттаах айан түмүктүүр суола буолар. Түгэнинэн туһанан, быйылгы выпускниктарга эксээмэннэригэр ситиһиилэри баҕарабыт!

Маны тэҥэ быйыл Кустуур орто оскуолатыгар 7 үөрэнээччинэн оҕо ахсаана элбээтэ диэн бэлиэтиир тоҕоостоох. Ааспыт үөрэх дьылыгар 80 үөрэнээччи эбит буоллаҕына, быйыл 87, ону тэҥэ саҥа учууталлар кэлэн күргүөмнээх үлэлэрэ саҕаланна. Тэрээһини эҕэрдэ ырыалар, үҥкүүлэр киэргэтэн Билии күнэ үрдүк таһымҥа ыытылынна.

Улууспутугар «Оскуолаҕа барарга көмөлөс» үтүө санаа аахсыйата тэриллибитэ, биһиги нэһилиэкпит эмиэ туора турбатаҕыттан үөрэбит. Ол курдук, үөрэх тээбириннэрин элбэх оҕолоох Тарасовтар дьиэ кэргэннэригэр биэрэннэр оҕолорго үгүс үөрүүнү бэлэхтээтилэр.

Өссө биир билии сыла, өссө биир умнуллубат кэмнэр биһиэхэ, үөрэнээччилэргэ саҕаланнылар!

Наум Наумов, Кустуур орто оскуолатын иһинэн тэриллибит «БИРАКЧААН» медиа — киин кэрэспэндьиэнэ

Читайте дальше