Амма улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар эбээн бытантайдар ситиһиилээхтик кыттан саҕалаатылар. Биир дойдулаахпыт Илана Никитина «Бөҕө тоҥус” күрэххэ (кылыы, ыстаҥа, куобах) 3 бочуоттаах миэстэни ылла!
Сиһилии спорт түһүлгэтигэр суудьуйанан үлэлии сылдьар биһиги биир дойдулаахпыт Дмитрий Саввинов сырдатта.
«Үтүө күнүнэн, биир дойдулаахтарым! Олоҥхо ыһыаҕар Манчаары Баһылай аатынан саха төрүт көрүҥнэрин спорт кииниттэн командировкаҕа кэлэн, суудьуйанан үлэлии сылдьабын.
Биир дойдулаахтарбыт дэлэгээссийэтэ аҕа баһылыкпытын Иннокентий Стручкову кытта кэлэ сылдьаллар. Спортсменнартан Илана Никитина «Бөҕө тоҥус” күрэҕэр үс төгүл үс спорт национальнай көрүҥнэрин суумматынан 3 бочуоттаах миэстэ буолла уонна 20 тыһ. солк. харчынан наҕараадаланна. Кыыспытын итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин, салгыы ити тэтимин ыһыктыбакка, дьарыктанан, сайдан ис диэн сүрэхпиттэн баҕарабын.
Төһө да суудьуйалыы сырыттарбын, биир дойдулаахтарбар мандатнай хамыыһыйа үлэтигэр сүүрэн-көтөн, этэҥҥэ спортсменнарбыт бары мандат ааһан киирбиттэрэ. Ол курдук, билиҥҥи туругунан «Кус быһый” диэн 100 миэтирэ ыраахха сүүрүү күрэҕэр икки уолбут Арсений Слепцов уонна Александр Борисов киирсээри сылдьаллар. Ол күрэхпит сарсын буолар. «Байанай бэлэҕэ» охчуттар күрэхтэригэр биһиги улууспут аатыттан икки кыыс кытта сылдьаллар. Кинилэри Дьокуускай куоракка оҕо спортивнай оскуолатыгар тренерынан үлэлиир Туяра Старостина булбута, биир дойдулаахтарын тустарыгар ыалдьан, сүүрэн-көтөн көмөлөстө аҕай,» — диэн Дмитрий Олегович сырдатта.