Мин, Горохова Светлана Гаврильевна, 02.01.1951 с. т. Эбээн – Бытантай улууһун олохтооҕо, култуура бэтэрээнэ, Саккырыыр оройуонугар култуура тэрилтэтэ тэриллибитэ 80 сыллаах үбүлүөйүгэр ахтыыбын оскуолатааҕы сылларбыттан саҕалыырга сананным.
Мин өссө 9-10 кылаастарга сылдьан кулууп тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттар буолбутум: монолог, хоһоон ааҕарым, ардыгар үҥкүүгэ да кыттарым.
Онно култуура эйгэтигэр бастакы уһуйааччыбынан, учууталбынан кулууп дириэктэрэ Егор Гаврильевич Колесовы ааттыыбын. Оскуоланы 1969 с. бүтэрэн да баран совхозка үлэлии сылдьан кулуупка ыытыллар кэнсиэрдэргэ, испиктээктэргэ Егор Гаврильевич ыҥырыытынан тиийэн кыттарым. Ол курдук, «Күкүр Уус» драмаҕа Сыкына кыыс оруолун «Киһини туох киэргэтэрэ» пьесаҕа Азалия оруолун уо.д.а. туруорууларга араас оруоллары толорор этим. Азалия монологун уонна Сайсары монологтарын концертарга толорорум.
1970 с. Дьокуускайдааҕы культурнай сырдатар училище (ЯРКПУ) театральнай – режиссерскай салаатыгар туттарсан киирэн баран, кэтэхтэн салааҕа көһөртөрөн Боруулаахтааҕы тыа кулуубун сэбиэдиссэйинэн үлэлии барбытым. Баара – суоҕа 19 саастаах киһи онно 1 сыл ситиһиилээхтик үлэлээн кулуубум Адыаччы совхозка «Бастыҥ үлэлээх кулууп» аатырарын ситиспитим. Ол эрээри кыһыҥҥы сессиябар ыыппатахтарыттан 1971 с. сайыныгар үөрэхпэр төттөрү күнүскү салааҕа хаттаан киирэн үөрэнэн барбытым.
1972 с. быраактыкабын Амма улууһугар тиийэн үлэлээн «туйгун» сыанаҕа көмүскээбитим.
1973 с. ахсынньы 30 күнүгэр үөрэхпин ситиһиилээхтик бүтэрэн, Верхоянскай оройуонун култуураҕа салаатын бирикээһинэн (Спиридонов М.Х.) Сартаҥнааҕы култуура дьиэтигэр аҕыйах ый үлэлээн баран төрөппүттэрим кырдьаҕастарынан туруорсан, 1974 с. ыам ыйыттан Кустуурдааҕы култуура дьиэтин дириэктэринэн ананан кэлэн, 1981 с. диэри ханна да халбаҥнаабакка үлэлээбитим, ыал буолбутум, 2 оҕоломмутум.
1981 с. сайыныгар көһөн кэлэн, Саккырыыр народнай тыйаатырыгар быстах кэмҥэ костюмерынан үлэлээбитим.
1982 с. алтынньы ыйтан Саккырыырдааҕы культура дьиэтин директорынан уонна 0,5 ыстаапкаҕа тыйаатыр режиссерунан үлэлээн барбытым. Ол быыһыгар олохтоох култуура үлэһиттэрин профсоюзтарын уопсастыбаннай ноҕорууска быһыытынан салайбытым. 1982 с. саҥа кулууп тутуллан үлэҕэ киирэр болдьоҕо кэлбитигэр кулуубу «таҥастааһын», ол аата малын – салын, аналлаах оборудованияларын, аппаратуратын булуу соруга турбута. Бу соругу толорорго култуураттан миигин, совхозтан Кыым Романович Иванову анаабыттара уонна Дьокуускайга командировкаҕа ыыппыттара.
Ол үлэҕэ биһиги өрөбүлэ суох 1,5 ый устата быыстала суох үлэлээбиппит. Оччотооҕу «Госснаб», «Холбос» ыскылааттарын кэрийэн, малы – салы талыыга – булууга, дуогабардаһыыга – сөбүлэһиигэ, таһыыга – куруустааһыҥҥа уонна ыытыыга эбээһинэс үллэстэн икки диэки үлэлээбиппит түмүгэр: 50 театральнай кириэһилэни, улахан кээмэйдээх сыана шторатын, киинэ экранын, «Ксенон» диэн киинэ аппаратын, араас миэбэллэри, кинигэ стеллажтарын, кыра кыамталаах ыстаансыйаны, сыана уотун – күөһүн оборудованиятын, музыкальнай инструменнары, түннүк шторатыгар тиийэ булан – талан кэлбиппит. Бу сылаалаах, бэрт туруорсуулаах үлэбитигэр оччолорго тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн үлэлии олорбут Михаил Ефимович Николаев ыйааһыннаах тыла, дьаһала күүс – көмө буолбута.
1982 с. Өктөөп бырааһынньыгар үөрүүлээх быһыыга-майгыга кулууп символическай күлүүһүн мин туппутум. Ол туһунан «Верхоянскай Коммунист» хаһыакка «Радостное новоселье» бастакы репортажпын суруйбутум. Ол үөрүүбүт дорҕооно ааһа да илигинэ соҕуруу дойду бырайыагынан тутуллубут дьиэ ититэр систиэмэтэ тоҥон начальнай оскуолаҕа үлэлээбиппит. Кулууп хаттаан үлэлээбитин да кэннэ олус тымныы буолан худрук Н.А. Кривошапкиналыын сонноох, бэргэһэлээх, унтуулаах сылдьан үлэлиир этибит. Партия салалтата 7 чаастаах үлэни ирдиирэ.
Егор Гаврильевич Колесов үлэлиирин саҕана тэрийбит «Генулчал» уонна ВИА-ны ансаамбылларын хаттаан сөргүтэн, саҥа састаабынан үлэлээн киирэн барбыппыт. 80-с сыллар саҥаларыгар ВИА салайааччыта В. Шамаев аҕыйах сыл үлэлээбитэ.
Кини барбытын кэннэ ВИА II-с састаабын олус талааннаах уол Герман Мушников салайбыта. Саҥа састаапка оччотооҕу эдэр уолаттар: Герман Мушников, Гавриил Горохов, Роман Иванов, Василий Мушников, А. Дмитриев уо.д.а. концертарга уонна үҥкүү биэчэрдэригэр оонньууллара.
«Генулчал» II састаабын 10 киһилээх концертнай – эстраднай агитбиригээдэ курдук үлэлэппиппит. Онно Наталья Кривошапкина – салайааччы. Чилиэннэр: Аграфена Корнилова, Алексей Сыроватскай, Иванов Рома, Колесов Дима, Никитина Аня, Елена Слепцова уонна Анатолий Слепцов бааллара.
1986 с. Култуура училищетын театральнай – режиссерскай салаатын бүтэрэн, Сунтаартан төрүттээх уол олохтоох кыыспытын Элина Никитинаны кэргэн ылан, күтүөт буолан кэлбитэ. Элина кулуупка хореограбынан үлэлээн, «Миргилан» ансаамблы тэрийбитэ, ити 1986 с. этэ.
Онно үҥкүүһүттэр:
- Христина Горохова
- Аня Никитина
- Умсура Никитина
- Оксана Дыдаева
- Раиса Старостина
- Анна Холмогорова
- Марианна Горохова этилэр
Федоровтар 1989 с. дойдуларыгар Сунтаарга төннүбүттэрэ.
Мин үлэлиир кэммэр (1981-1993 сс.) диэри тыйаатырга режиссердар:
- 1980 – 83 сс. И. Аф. Шарина (II кэлиитэ).
- 1983 – 84 сс. мин бэйэм.
- 1984 – 85 сс. Федоров С.М.
- 1986 – 86 сс. Федоров А.В. үлэлээбиттэрэ.
Ити кэмнэргэ тыйаатыр худуоһунньуктарынан Яник С.С., Ян Винокуров, В.П. Нохсоров үлэлээбиттэрэ.
Музыкальнай оформителлэр диэн үлэҕэ баянистар: Геннадий Зубакин, Василий Гаврильевич Колесов, Анатолий Слепцов, Виктор Дворниченко сылдьаллара.
1970 – 80 сс. Дьокуускайдааҕы культурнай сырдатар училищены (ЯРКПУ-ну) олохтоох кыргыттар бүтэрэн кэлэн, култуура тэрилтэлэригэр үлэлээбиппит.
Ол курдук: А.П. Софронова – бибилэтиэкэ салаата, Л.С. Сыроватская – бибилэтиэкэ салаата, В.П. Эверстова – хоровой, С.Г. Горохова – тыйаатыр (режиссерскай салаа), Т.И. Чичигинарова – хореограф салаата, Н.А. Кривошапкина – хореограф салаата, Э.К. Никитина – хореограф салаата. Бу кыргыттартан сорохторо билигин үлэ үөһүгэр сылдьаллар. Кулуупка киинэ старшай киномеханик Л.Е. Старостин салалтатынан биир да күн өрөөбөккө көрдөрүллээччи. Киномеханиктар, кэргэннии Евдокия уонна Максим Старостиннар сүрүн үлэлэрин таһынан кулууп бары үлэтигэр көхтөөхтүк кытталлара. Лев Егорович солбуллубат Дед Мороз уонна народнай тыйаатыр талааннаах артыыһа этэ.
Хормейстер Лариса Дворниченко уонна баянист Виктор Дворниченко төһө да бэйэлэрэ оҕо музыкальнай оскуолатын түбүктээх үлэһиттэрэ да буоллаллар, кулууп хордарын, ансаамбылларын салайан хамнаһа суох аҥардас үтүө санааларынан көмөлөһөөччүлэр.
Оччолорго эргэ да, саҥа да кулууптарга совхоз оробуочайдара, суоппардара, масчыттара, хачыгаардардара уолаттар барахсаттар от – мас, ыраах айаҥҥа сылдьан тоҥон – хатан кэлэн баран, аһыы охсоот кулуупка репетицияҕа тиэтэйэ – саарайа кэлээччилэр. Оттон ферма үлэһиттэрэ кыргыттар киэһээҥҥи ыамнарын ыан, үүттэрин туттаран дьиэлэригэр кэлэн, суунан – тараанан баран, эмиэ кулуупка ойооччулар. Дьэ, 7-8 чаастан кулууп иһэ баян тыаһынан, ырыа – тойук дорҕоонунан, эдэр саас эрчимнээх күлүүтүнэн өрө оргуйа түһээччи. Кэнсиэртэргэ биитэр оруолларга бэлэмнэнэн баран олох киэһэ 10-11 с. саҕана тарҕаһааччыбыт.
Оттон мин оҕолорбун утутан баран, тимир оһох суоһугар иттэ олорон, чүмэчи биитэр кыраһыын лаампаны уматан сценарийдары суруйарым, биитэр программалары бэлэмниирим, репертуарга туох эрэ саҥаны айан киллэрэ сатыырым. Саккырыырдааҕы култуура дьиэтин уонна народнай тыйаатыр үлэлэригэр уус-уран самодеятельность кыттыылаахтара сүҥкэн кылааттарын киллэрбит уонна кинилэр ааттарын умнар хайдах да табыллыбат. Самодеятельноска дьиэ кэргэттэр династиялара:
- Фоковичтар: Афанасий, Анатолий, Сергей, Антонина, Христина Слепцовтар.
- Дворниченколар: Лариса уонна Виктор.
- Колесовтар: Мария уонна Василий.
- Гороховтар: Степан, Светлана, Христина, Гавриил, Изабелла.
- Эверстовтар: Владимир, Михаил, Валентина, Ирина, Полина, Мария;
- Ушницкайдар: Прасковья, Михаил.
- Сыроватскайдар: Константин, Вячеслав, Алексей, Надежда.
- Слепцовтар: Екатерина уонна Алексей.
- Рожиннар: Агафья уонна Афанасий
- Старостиннар: Иннокентий, Наталья, Надежда.
- Старостиннар: Лев Егорович, Евдокия уонна Максим. уо.д.а. кыттааччылар үгүстүк дьиэ кэргэнинэн.
Бэлиэтээн ааһыахпын баҕарабын биирдиилээн драмартыыстары уонна ырыаһыттары: К.А. Серебрякованы, Юрий Куприяновы, М. Осипованы, Марина Иванованы, В. Сыроватскаяны, Варвара Рожинаны, Василиса Потапованы, Трофим Слепцову, Иннокентий Чупрову, Юрий Былчаховы, Александр Старостины, Анна Чирикованы, Екатерина Горохованы, Маргарита Давыдованы, Валерия Максимованы, Виктор Сотрудниковы, Инна Шухардинованы, Виктор Готовцевы уо.д.а элбэх өйдүүр – саныыр күндү дьоннорбун. Кинилэр талааннарынан Саккырыырдааҕы култуура дьиэтэ бары өрөспүүбүлүкэ уонна оройуон күрэхтэригэр мэлдьи миэстэлэһэн, аата ааттанан баччаҕа кэллэҕэ!
Мин билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорон хаһан эрэ үлэҕэ киллэрбит, үлэлээбит кулууппар тиийэн саҥа ыччат көлүөнэ дьон ыллыылларын – туойалларын, үҥкүүлээн тэйэллэрин үөрэ көрөбүн уонна кулууп өссө да элбэх кыттааччыланарыгар баҕарабын.
Бу култуура эйгэтигэр үлэлээбит сылларбар наҕараадаларым уонна ааттарым:
1970 с. Саккырыыр ыччатын культурнай эстафетатыгар ситиһиилээхтик кыттыым иһин тэрийэр Комитет Бочуотунай Грамотата.
1982 с. уус – уран самодеятельность кэлэктииптэрин «В семье единой» диэн девизтээх көрүүгэ совхоз фестивалын I тууругар «Дьүөгэлиилэр» сценканы толоруу иһин Бочуот Грамотата.
1991 с. народнай тыйаатыр 20 сыллаах үбүлүөйүөнүн сибээстээн тыйаатыр артыыскатын уонна режиссерун быһыытын А.С. Борисов илии баттааһыннаах Бочуот Грамотата.
2015 с. Эбээн – Бытантай улууһугар култуура сайдыытыгар өр сыллаах үлэм иһин улуус баһылыгын Грамотата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна.
2015 с. муус устар 10 күнүгэр Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин коллегиятын уонна СӨ культуратын үлэһиттэрин рескомун быһаарыытынан «Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна» бочуоттаах аат уонна түөскэ кэтэр бэлиэ.
2021 с. Эбээн – Бытантай национальнай улууһун (оройуонун) култуурунай нэһилиэстибэтин үйэтитиигэ, сайыннарыыга тус кылаатым иһин 50 сыллаах үбүлүөйүнэн улуус салалтатын Бочуотунай Грамотата.
2019 с. Эбээн – Бытантай национальнай улууһун бочуоттаах олохтооҕо диэн аат уонна түөскэ кэтэр бэлиэ туппутум.
Маны сэргэ улуус, нэһилиэк, атын да тэрилтэлэр наҕараадалара балачча элбэх.
Светлана Горохова (Харысхаана), култуура бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, Эбээн – Бытантай улууһун бочуоттаах олоҕо, үлэ бэтэрээнэ