Оҕуруону тиһии — ураты умсугутуулаах

Кустуур нэһилиэгэр Үрүҥ Тунах ыһыах чэрчитинэн биир дойдулаахпыт Ольга Попова оҕуруону тиһиигэ босхо маастар-кылаас ыытта. Эдэр маастар сүбэтэ, кистэлэҥэ саҥа саҕалааччыларга баҕа санаа туолуутугар бастакы хардыы буолла!

«Оҕуруону тиһии, хараххар оҥорон көрөр хартыынаҕын олоххо киллэрии унньуктаах уһун айан кэриэтэ, ол эрэн туспа умсугутуулаах, кэрэлээх. Аан бастаан саҕалыыр, биллэн туран, уустук. Ол иһин саҥа иистэнэн эрэр дьоҥҥо бастакы хардыы оҥорорго көмө буоллун диэн маастар-кылаас тэрийэн ыыттым. Бу үөрэтиибэр «Аартык” түмсүү эбээлэрэ, эдэр ийэлэр, култуура үлэһиттэрэ, нэһилиэкпит олохтоохторо көхтөөхтүк кыттыбыттарыттан, интэриэһиргиир дьон элбэҕиттэн, оҕуруонан тиһиини сэҥээрэллэриттэн үөрдүм.

Маастар-кылааска саҥа иистэнэр дьону этническай кулон тигиитигэр араас ньымалары билиһиннэрдим, салбырҕас уонна кытыы оплеткаҕа үөрэттим. Биир дойдулаахтарым махталлара миигин өссө айымньылаах үлэҕэ кынаттаата,» — диэн Ольга Олеговна санаатын үллэһиннэ.

Сардаана Копырина

Читайте дальше