Эвинек — айылҕа уһуктуута

Эвинек – эбээн норуота бэргэнник бэлиэтээн ааттабытыныы, сайыҥҥа ааны аһар сиэр-туом дьоро күнэ. Айылҕа саамай силигилии чэчириир кэмигэр ыытыллар эбээн норуотун бырааһынньыга буолар.

Ааттыын Эбээн Бытантай улууһугар эбээн дьоно олорорбутун туоһулуур, кэлэр көлүөнэҕэ төрүт култуурабытын үөрэтэр “Эвинек” бырааһынньыгын “Хаарчаана” оҕо уһуйаан үгэс оҥостон сылын аайы тэрийэн ыытар.

Муус устар 23 күнүгэр уһуйаан иитиллээччилэрэ кыра бөлөх иитиллээччилэригэр тиийэ бары мустан, эбээн омук таҥаһын кэтэн, симэнэн киин уулуссанан сэлэлии хаампыттара дьон-сэргэ сэҥээриитин, болҕомтотун ылла.

Омук төрүт үгэһинэн, сиэр-туом тутуһан бырааһынньыктарын саҕалаатылар. Оҕолор  эбээн норуотун төрүт күрэхтэригэр, оонньууларыгар төрөппүттэрин, иитээччилэрин кытта көхтөөхтүк кыттыыны ыллылар. Улахан дьон сүлүөттэриттэн уратыта суох тыҥааһыннаах күрэхтэр түмүктэрэ маннык буолла.

 Көхтөөх кыттыылаах бөлөх аатын ыллылар:

1 миэстэ — орто бөлөх “Кустук»;

2 миэстэ — улахан бөлөх “Сулусчаан”;

3 миэстэ — иккис эрдэтээҕи бөлөх “Туллукчаан”.

Чуум киэргэтиитэ:

1миэстэ — орто бөлөх “Кустук»;

2 миэстэ — бэлэмнэнии бөлөх «Күнчээн»;

3миэстэ — бастакы эрдэтээҕи бөлөх “Тугутчаан”

«Моя семья»  күрэх муҥутуур кыайыылаахтарынан Кривошапкиннар дьиэ кэргэннэрэ буоллулар,  «Туллукчаан» бөлөх.

Анал аат хаһаайыттара:

-«Дружная семья» — Аммосовтар дьиэ кэргэн, бэлэмнэнии бөлөх «Күнчээн»;

-«Рассвет чума» — Старостиннар дьиэ кэргэн, бастакы эрдэтээҕи бөлөх “Тугутчаан”;

— «Сияние коренного наследия» — Шадриннар дьиэ кэргэн, улахан бөлөх “Сулусчаан”;

— «Сохранение народных традиций»-  Гороховтар дьиэ кэргэн, орто бөлөх “Кустук»;

— «Креативная подача идей» — Старостиннар дьиэ кэргэн, орто бөлөх «Чуораанчык»;

— «Продолжатели традиций» — Гороховтар дьиэ кэргэн, кыра «Нөлтэнкэ».

 Стилизованнай төрүт эбээн таҥаһа

Улахан бөлөх оҕолоругар:

Кыргыттар

1 миэстэ — Бысыина Сайнаара, бэлэмнэнии бөлөх «Күнчээн»;

2 миэстэ -Саввинова Кэрэл, улахан бөлөх «Сулусчаан»;

3миэстэ -Устинова Алия, бэлэмнэнии бөлөх «Күнчээн».

Уолаттарга

1 миэстэ — Слепцов Проня, улахан бөлөх «Сулусчаан»;

2 миэстэ -Слепцов Петя,  улахан бөлөх  «Сулусчаан»;

3миэстэ -Слепцов Рамиль, улахан бөлөх «Сулусчаан».

 Кыра бөлөх оҕолоругар:

Кыргыттар

1 миэстэ -Потапова Ильнара,  кыра бөлөх «Нөлтөнкө»;

2 миэстэ -Соловьева Айлана, орто бөлөх  «Чуораанчык»;

3 миэстэ -Горохова Оливия,  орто бөлөх «Кустук».

Уолаттарга

1 миэстэ — Уххан уонна  Дархан Колесовтар, кыра бөлөх «Нөлтэнкэ»;

2 миэстэ -Горохов Сахамин, иккис  эрдэтээҕи   бөлөх «Туллукчаан»;

3 миэстэ -Слепцов Дьулурхан,  маҥнайгы эрдэтээҕи бөлөх «Тугутчаан».

 

 Марианна СЛЕПЦОВА