Ыам ыйын 15 күнүгэр Дьиэ кэргэн күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн үтүө үгэс быһыытынан элбэх оҕолоох, уһуннук бииргэ ыал буолан олорбут дьиэ кэргэттэри бэлиэтииллэр, эҕэрдэлииллэр. Ол эрэн, бүгүн мин бииргэ үөрэммит дьүөгэм, элбэх оҕолоох соҕотох ийэ, олох ыарахаттарын эрдээхтик туоруур, тыа сирин бүппэт түбүктэрин кыайа тутар, оҕолоругар дьолун булар кэрэ аҥар туһунан олоххо дьулуур, таптал, уостубат эрэл үтүө холобурун быһыытынан суруйарга сананным.

Анна Егоровна Слепцова биэс оҕолоох соҕотох ийэ. Дьахтар киһи сырдык аналынан күҥҥэ көрбүт оҕолорун иитэн, аһатан, таҥыннаран, ийэ киһи быһыытынан күнэ оҕолоруттан саҕаланар, оҕолорунан түмүктэнэр. Улахан кыыһа Ариадна номнуо устудьуонка, Дьокуускай куоракка медицинскэй колледж 2 кууруһун бүтэрдэ. Уола Ньургустан 9 кылааска үөрэнэр, дьиэҕэ-уокка көмө киһитэ, аҕатын туйаҕын хатаран үөрэнэрин быыһыгар таба ыстаадатыгар үлэлээн-хамнаан номнуо дьонун иитиһэр туһа киһитэ. Егордаах Афанасий алын кылаас үөрэнээччилэрэ, ол да буоллар, убайдарын ыйыытынан-кэрдиитинэн, дьаһалынан окко-маска тэҥҥэ түбүгүрэн, үлэлээн, эр киһи иитиитин ылаллар. Саамай кырачаана, кыысчаана Настенька уһуйаан иитиллээччитэ, ийэтэ таптаан Лахсыйаана диэн ааттыыр, ону-маны көрүдьүөстэнэн, кэпсээн-ипсээн киһини сааратар киһичээн.

Анна Егоровна, биһиги ааттыырбытынан Аанчык наһаа үлэһит. Таба ыстаадата буоллун, ынах сүөһүнү көрүү буоллун, биир да үлэттэн туора турбатаҕа. Кэлин ыарытыйдар да, син биир түбүгүрбүтүнэн сылдьар, билигин маҕаһыыҥҥа атыыһыттаан үлэлиир.

Дьүөгэбиттэн ыйытабын судаарыстыбаттан туох эмит өйөбүл ылаҕын дуо диэн. “Дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин анаабыт биир кэлин босуобуйаны 50 бырыһыанын ылабын. Күһүн аайы оскуола таҥаһыгар диэн көрүллэр көмөнөн эмиэ туһанабын. Уонна иитэр-аһатар аҕабытын, кэргэммин сүтэрбит биэнсийэтинэн олоробут. Онон, олох туох да көмө суох диирим сатаммат. Судаарыстыба өйөбүлэ баар буолан олордохпут дии. Маны таһынан биир дойдулаахтарым өйөбүллэрэ туохха да тэҥнэммэт улахан күүс буолар. Оттор маспын сыл аайы култуура үлэһиттэрэ кэлэн хайытан, саһааннаан биэрэллэр, быйыл да олус абыраатылар. Уолбун Ньургустаны хоту ыстаадалар, чуолаан Альберт Колесов, Наталья Слепцова, Марат Слепцов ийэлии-аҕалыы, убайдыы харайсан, үлэҕэ үөрэтэн, илдьэ сылдьалларыгар барҕа махталбын тиэрдэбин. Бу маннык өйүүр, өйдүүр дьон баар буоланнар, хоту сир тыйыс усулуобуйатыгар киһи тэҥинэн ньир-бааччы олордохпут дии,” – диир.

“Быйылгы сыл өрөспүүбүлүкэҕэ Дьиэ кэргэн сылынан биллэриллибитэ. Эн, элбэх оҕолоох ийэ саамай баҕа санааҥ диэн туохханый?” – диэн ыйытабын. Онуоха дьүөгэм этэр: «Баҕа санаам диэн киин ититэр ситимҥэ олорор дьиэбит холбоноро буоллар олус да үчүгэй буолуо этэ. Кыһын устата олус элбэх маһы барыыбыт, ол аайы баһаам үп-харчы баранар. Мас сыаната да ыарахана бэрт,» — диир. Кырдьык да оннук. Хоту сир тыйыс усулуобуйатыгар киин ититэр ситим – тыын суолталаах. Дьүөгэм бэйэтэ бэһиэлэй, көрдөөх-нардаах киһи буолан, кыһалҕатын күлүү-элэк гынан аһардан кэбиһэр идэлээх, кыһын саҕаланыыта: «Хамнаһа суох хачыгаарбыт үлэтэ саҕаланнаҕа,» — диирэ өйбөр хатанан хаалбыт.

Сити курдук, олоххо дьулуур, оҕоҕо таптал, күүстээх санаа – хоту сир кэрэ аҥардарын күүстээх өрүтэ. Онуоха, ыарахантан толлубат, кыһалҕаттан кыпчарыйтарбат, мэлдьи күлэ-үөрэ сылдьар дьүөгэм Аанчык холобур буолар.

Сардаана Копырина